Тыаллаах күҥҥэ КС-162 катер устуоҕа

10.10.2017
Бөлөххө киир:

Өрүс суола сабыллара тарбахха баттанар күн хаалла. Сотору кэминэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан сымнаҕас сыттыктаах суудуналар сылдьыахтара. edersaas.ru

Оттон билигин күн-дьыл туруга тымныйан, сорох күн хаардаан, тыалланан, Өлүөнэ өрүскэ дьону таһыыга КС-162 катердар сылдьан эрэллэр. Өрүс пордун диспетчердарын ( диспетчерскэй нүөмэрэ 317-444) кытары сибээскэ тахса сылдьыбыппар, КС-162 катердар халлаан туругуттан көрөн «Марлин» суудуналары солбуйаллар эбит.

КС-162 суудуна Костромскайдааҕы судомеханическай собуокка оҥоһуллубут олохтоох тиэхиньикэ. Былырыыҥҥыттан Дьокуускай — Иһит хайысхатынан дьону таһыыга үлэлээбитэ. Биир чааска 44-48 км айанныыр. 44 миэстэлээх.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0