Бу күннэргэ Намнааҕы педагогическай колледж галереятыгар эдэр худуоһунньук Антонина Шадрина үлэлэрин быыстапката буолла.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
“Худуоһунньук төрдүс быыстапкатын ыытар. Ол иһин эбитэ дуу, бу да сырыыга саҥа уруһуйдары көрөөрү Антонина Шадрина үлэтин сэргээччи үгүс киһи муһунна”, — диэн суруйар Нам улууһуттан хаһыат ааҕааччыта Наталья Григорьева.
Антонина Шадрина Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктааҕар оҕо художественнай оскуолатын бүтэрбитэ. Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэ ураты тыынын бу оскуолаттан иҥэринэн Санкт-Петербургдааҕы технология уонна дизайн университетыгар үөрэнэ киирбитэ. Онно алта сыл үөрэнэн баран, 2014 сыллаахтан Дьокуускайга Л.А. Ким аатынан Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолатыгар үлэлиир.
— Антонина Шадрина өссө устудьуоннуур сылларыттан араас таһымнаах куонкурустарга кыттара. Ол курдук, 2008 с. Санкт-Петербург куоракка «Уобарас уонна форма» диэн эдэр ювелирдар уонна дизайнердар норуоттар икки ардыларынааҕы күөн күрэстэрин кыайыылааҕынан, эмиэ ити сыл үөрэнэр кыһатын “Куорат” диэн уус-уран тиэмэлээх быыстапкатыгар кыттан биһирэммитэ. Онон быыстапкаларга кытта үөрүйэх худуоһунньук олус үрдүк таһымнаах үлэлэри көрдөрөн, дьон эдэр педагог ураты ис хоһоонноох айымньыларын сэргии ылыннылар, — диэн салгыы суруйар ааҕааччы.
Антонина Шадрина быыстапкатын “Тыал” диэн ааттаабыт. Ол, арааһа, кини үлэлэрин тыына тыалга тэҥнээҕин туоһута буолан буолуо.
— Хартыынаттан хартыынаҕа чугаһаан истэҕиҥ аайы худуоһунньук айар салгына уларыйан, дириҥ ис хоһооннонон, киһини ураты турукка киллэрэргэ дылы: уу-нуурал холку “Балыктан” эр бэрдэ көтүтэн эрэр “Аттаах киһитигэр” (“Всадник”), онтон “Билинии» хартыынаттан Чурапчы көһөрүүлээхтэрин ыар дьылҕаларыгар киирии – бу үлэлэртэн туох эрэ биллибэт күүстээх эйгэлээх тыын саҕылларга дылы, — диэн санаатын үллэстэр Наталья Григорьева.
«Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сураҕа суох сүппүт саллаат дьылҕата Антонина Шадрина хартыынатыгар олус да итэҕэтиилээхтик арыллыбыт. Күн-дьыл симэлийэн аастаҕын аайы, саллаат барахсан сирэйэ өлбөөдүйэн иһэр. Оттон чугас дьонугар, аймахтарыгар кини сэрии хонуутуттан ыыппыт суруктара өссө күндүтүйэн, чугаһаан иһэргэ дылылар. Ол да иһин “Өлбөт мэҥэ полкалар” тэрээһин кыттыылаахтарын ахсаана сылтан сыл аайы элбээн иһэр буоллахтара эбээт!
Оттон Чурапчы көһөрүүлээхтэригэр анаммыт тиэмэни киһи ураты хараҕынан көрөр, өр толкуйдуур, сыаналыыр, үөрэтэр. Хайдахтаах курдук дьон айманыыта көстөрүй, ол эрээри ыарахаттары дьон тулуурдаахтык аһарбытын бу хартыына арылхайдык көрдөрөр. Тымныы тыал илгийэр бу айымньыттан…
Бу атынан көтүтэн эрэр саха киһитин көрдөххө, саалаахтан самныбат, охтоохтон охтубат саха Эр Боотурун саныыгын. Биллэн турар, кини көҥүлүн, хорсунун ойуулаан, худуоһунньук күн сыралы сырдык өҥүн үгүстүк туттубута да көрдөрөр. Тыал, көҥүл тыал батыһар бу аттаах киһини!
Оттон бу хартыынаҕа — эдэр дьахтар тапталга билинэн, сырдыкка, ырааска тардыһан, сиргэ баар бары дьолтон амсайан, олохтон дуоһуйуута… Оо, тылынан этиллибэт кэрэ да хартыына! Илгийэргэ дылы эбээт мантан дьахтар толору дьолун сөрүүн тыалын сипсиэрэ…
Ити курдук худуоһунньук Антонина Шадрина быыстапкаҕа турбут бары 40 үлэтигэр киһи элбэх туочуканы (…) уонна күүһүрдүү (!) бэлиэлэрин туруоруон сөп. Оннук киһи ис туругун, дууһатын хамсатар тыаллаах айымньылар эбит, — диэн “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыта Наталья Григорьева Нам педагогическай колледжыгар буолбут быыстапкаҕа сылдьан баран, санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук истиҥник эһиги эмиэ хаһыакка уонна сайтка санааҕытын, сонуҥҥутун үллэстиҥ диэн ыҥырабын.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru