Ханна олох күөстүү оргуйарый? Тыаҕа дуу, куоракка дуу? Үгүс киһи киин сиргэ, сайдыы баар сиригэр куоракка дии саныыр эбит буоллаххытына, улаханнык сыыһаҕыт. Куорат ыччата сарсыардаттан тугу таҥнарын, аһыырын, инстаграмыгар туох хаартыскатын угарын, ханнык киинэҕэ, рестораҥҥа сылдьарын, үлэ күнэ бүтэрин кэтэһэр адьынаттаах. Арай ол кэмҥэ тыа ыччата үлэтин, үөрэҕин быыһыгар хотон көрөр, үүт туттарар, оҕуруот үүннэрэр, оттуур, мастыыр, уопсайынан, үлэтэ-хамнаһа баһаам… Төһө да үлэҕэ «быһа сиэтэн» сырыттар, тыа ыччата тыатын ордорор, куоракка таласпат. Манна сайынын ыччакка туспа романтика – сибиэһэй салгын, тула күөх, түптэ сыта, ардах…
Таҥаһа
Сайынын куорат ыччатын кудук күнтэн хаххаламмат, хаһыатынан бэргэһэ оҥостуон, кыл сэлээппэ кэтиэн сөп. Таҥас сыанатыгар, муодатыгар улахан болҕомтотун уурбат. Холуоһаны, кытай тапочкатын, эрэһиинэ саппыкы кэтэрин кыбыстыбат.
Төлөпүөнэ
Сибээһи хабар, саҥата-иҥэтэ иһиллэр буолла да барсар, күнү быһа онно «хатанан» олорбот. Ватсабыгар «Аймахтар», «Дэриэбинэ ыччат», «Дэриэбинэ биллэриилэрэ», «Такси», «Дэриэбинэ сонуннара» уо.д.а. бөлөхтөргө көхтөөхтүк суруйар. Төлөпүөнүгэр ырыа, араадьыйа хаптаран истэр.
Социальнай ситимэ
«Вконтакте» саайтка олорор, атын дэриэбинэ уолун, кыыһын кытта билсэр, кэпсэтэр. Инстаграмыгар хотоҥҥо, уу баһа, гаражка, теплицаҕа сылдьар хаартыскаларын угар. Фейсбук диэн тугун билбэт.
Үөрэҕэ
Үөрэхтэрин бүтэрэн баран, атын нэһилиэккэ дьол көрдүү, олохсуйа бараллар. Үгүстэрэ онно ыал буолан хаалаллар, онон нэһилиэк аайы кийиит-күтүөт дэлэй. Кэтэхтэн үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир да ыччат үгүс. Тыаҕа үөрэҕэ суох да ыччакка элбэх хамнастаах үлэ көстөр.
Үлэтэ
Кыыстыын-уоллуун дьиэ ис-тас үлэтиттэн толлон турбаттар. Кыыс ыарырҕаппакка эрэ муус киллэриэн, мас хайытыан, саһаанныан, оһох оттуон, тыраахтар, массыына ыытыан сөп. Уолаттар сатаан иистэнэллэр, ас астыыллар, муоста сууйаллар, оҕуруокка уу куталлар. Төрөппүттэригэр көмөлөһөн хотон көрөллөр, сир астыыллар, окко тахсалларын күүтэллэр.
Ааҕыы
Сахалыы хаһыаты, сурунаалы ааҕар, саха литэрэтиирэтин билэр, библиотекаттан кинигэ уларсар. Ватсапка кэлэр, интэриниэккэ тарҕанар кэпсээннэри көтүппэккэ ааҕар.
Аһылыга
Эт-үүт аһылыгы ордорор, эбээ күөрчэҕин, бэрэскитин, сүөгэйин туохтааҕар да ордорор. Аска сириксэнэ суох.
Бэйэни көрүнүүтэ
Күн аайы баанньыктанарга, суунарга-тараанарга ыксаабат. Тириини күҥҥэ сиэтэри, илиитэ чэрдийбитин улахаҥҥа уурбат.
Ырыа, киинэ
Саха ырыаһыттарын барыларын билэр, ырыаларын энчирэппэккэ истэр. Саҥа киинэлэри, сериаллары көрөргө ыксаабат, ол оннугар телевизорга көстөллөрү көтүппэт. Доҕотторунаан флешканан ырыа, киинэ бырахсар.
Сынньалаҥа
Үөлээннэхтэрин кытта дэриэбинэ устун күүлэйдиир, кутаа уот тула олорон кэпсэтэр. Мотоциклаах, массыыналаах уолаттар «дэриэбинэ красавчиктара» диэн аатыраллар. Кыргыттар бэлисипиэт тэбэллэр, уолаттары ырытыһаллар.
Спорт
Мустан мээчиктиэхтэрин, «былаах былдьаһа», лапталыы оонньуохтарын сөп. Спортсмен уолаттар дьарыктарын быспакка эрчиллэллэр.
Айтана АММОСОВА