Тыа сирин ыалларын харчынан салгыыр кэпэрэтииптэр тоҕо тобуктаатылар?

Бөлөххө киир:

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэктэригэр кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр, ардах кэннинээҕи тэллэй курдук, элбии сылдьыбыттара. Сүнньүнэн,  тыа сирин сүөһүлээх ыаллара тиэхиньикэ, уматык атыылаһалларыгар үптэрэ-харчылара тиийбэт кыһалҕатыттан “хардарыта көмөлөһүү хаассатын” өҥөтүнэн туһанаары тэриммиттэрэ уонна биһирээбиттэрэ. Бүгүн лаппа аҕыйаатылар. Тоҕо? Туохтан?

edersaas.ru

Бу ис дьиҥин билээри Саха сиригэр кэпэрээссийэни тэнитиигэ саҕаланыаҕыттан үлэлэһэ сылдьар “Саха Кирэдьиит” өрөспүүбүлүкэтээҕи потребительскай кирэдьииттиир кэпэрэтиип кылаабынай бухгалтера Варвара Баишевалыын кэпсэтэ сырыттым. Кини ааҕарынан, тыа сиригэр харчы иэс биэрэр кэпэрэтиип ахсаана, муҥутаан, 363-кэ тиийэ сылдьыбыт. Итинтэн нэһилиэк таһымнаах 57 кэпэрэтиип “Саха Кирэдьиит”-кэ киирэ сылдьыбытыттан билигин 24 хаалбыт.

“Бастатан, маннык быһыы-майгы 2014 сылтан кирэдьиит бэлиитикэтэ уларыйан, Россия Киин баана кирэдьииттиир кэпэрэтииптэри хонтуруолга ылан ыгыаҕыттан таҕыста. Хас биирдии кэпэрэтиип ый аайы отчуот түһэрэр. Быһата, кумааҕы бүрүкүрээтийэтэ дьону кытта үлэни үтүрүйдэ. Киин баан бытархай кэпэрэтииптэргэ ирдэбилин сымнаттаҕына эрэ балаһыанньа көнүөҕэ. Иккиһинэн, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит иһигэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн субсидия бэриллэрин 2015 сылтан тохтотон кэбиспиттэрэ улаханнык оҕуста. Ити кэмҥэ бааннар ставкаларын үрдэтэннэр, улахан кэпэрэтиип ночоокко тэбилиннэ. Биһиги бааннартан кирэдьиит ылан нэһилиэктэрдээҕи кэпэрэтииптэрбитигэр иэс биэрэр этибит, оттон бырыһыанын олус үрдэттэхпитинэ – кыра кэпэрэтииптэр кыамматтара биллэр”, — диир Варвара Модестовна.

Тыа сирин олохтоохторугар илэ туһалаах тэриллии дойду үрдүнэн мөлтөөбүтэ көстөр: 1800 кирэдьииттиир кэпэрэтиип тэриллэ сылдьыбытыттан 600 эрэ, ол эбэтэр үстэн биирэ, хаалла. Олортон үгүстэрэ суккуруур тыыннара эрэ хаалбыта сэрэйиллэр. Дьиҥэр, киин уобаластарга нэһилиэнньэтэ элбэх буолан, бартыбыаллара улаханын үрдүнэн эститэлээбиттэр. “Саха Кирэдьиит” кэпэрэтиип бартыбыалын, муҥутаан, 400 мөлүйүөн солкуобайга тиэрдэ сылдьыбыта. “Өскөтүн, өрөспүүбүлүкэбит салалтата өйөөн, бартыбыалбыт миллиард аҥаарыгар тиийэрэ буоллар, нэһилиэктэрдээҕи кэпэрэтииптэр дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтэрдии сэниэлээхтик үлэлииллэрин хааччыйыах этибит”, — диэн санаалаах улахан кэпэрэтиип кылаабынай буҕаалтыра.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0