Хаһыаппыт биир сүрүн бырайыага — үлэ киһитин күннээҕи түбүгүн сырдатыы. Соторутааҕыта Учуутал күнэ буолан ааспытынан сибэстээн, үтүөҕэ уонна сырдыкка тардыһыыны түстүүр идэлээх тыа сирин учууталын биир күнүн сырдатар соруктаах чэппиэр күн Уус Алдан улууһун Бэйдиҥэтигэр айаннаатым.
Бэйдиҥэ орто оскуолата быйылгы үөрэх дьылыгар 85 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. 113 оҕо үөрэнэр үөрэх кыһата 2011 сылтан агропрофилированнай хайысхалаах статуһу ылан үлэлиир. Бэйдиҥэ оскуолатын өрөспүүбүлүкэ бас-көс дьоно: Ил Түмэн спикерэ, историческай наука кандидата Александр Жирков, “Саха бэчээтэ” автономнай тэрилтэ салайааччыта Филипп Пестряков, өрөспүүбүлүкэ идэлээх буолуу сойуустарын федерациятын салайааччыта Николай Дегтярев, госкомспорт салайааччытын тутууга солбуйааччыта Петр Сивцев, “Сахаплемобъединение” тэрилтэ дириэктэрэ Степан Охлопков, “Эм” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Мария Эм, аатырбыт тустууктар тренердэрэ Иван Сивцев, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николай Сивцев курдук ааттаах-суоллаах дьон бүтэрбиттэрэ да бу оскуола туһунан үгүһү этэр.
Мин бүгүн кэпсиир учууталым — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах математика учуутала Февронья ОХЛОПКОВА.
Дьэ, онон, киинэ лиэнтэтинии, билсиэҕиҥ Февронья Семеновна түбүктээх күннээҕи үлэтин биир күнүн кытта.
ЫСПЫРААПКА:
Февронья Охлопкова элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн кини – алтыс оҕо. Кэргэнэ Степан Петрович түөрт оҕолоох ыал улахан оҕото. Онон Охлопковтар төрөппүттэрин туйахтарын хатаран, алта кыыс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр.
Дьиэ кэргэн аҕа быһылыгын төрөппүттэрэ, 81 саастаах Петр Степанович уонна 72 саастаах Ольга Афанасьевна оҕолорун аттыгар олороллор. Онон Охлопковтар икки ыалынан биир уһаайба тэринэн, сүрдээх иллээх улахан дьиэ кэргэн.
Сарсыарда 7 ч. 45 мүн. Охлопковтар чэйдээт, бары тиэтэйэ-саарайа ким оскуолаҕа, ким оҕо саадыгар тарҕаһаары хомуналлар. “Чэ, эн биһикки тахса туруох. Аара баран иһэн кырдьаҕастарбытыгар сылдьан ааһыахтаахпын. Оҕолору аҕалара илдьэр”, — диэт, Февронья Семеновна миигин ыаллыы турар дьиэҕэ сирдиир. Дьиэҕэ киирбиппит, ытык кырдьаҕас Петр Степанович номнуо эрдэ туран, кийиитин үөрэ-көтө көрсөр. Мин дьоруойум аҕа кынныгар бэҕэһээ улуус киинигэр ыҥырыллан бара сылдьыбыт улуустааҕы учууталлары чиэстээһиҥҥэ кинилэр оскуолаларыттан ким туох наҕарааданы ылбытын кэпсээн, кырдьаҕас учууталы биллэ сэргэхситтэ. Уруогар ыксаан, Февронья Семеновна киэһэ сиһилии кэпсиэх буолан, биһиги таһырдьаны былдьаһабыт.
7 ч. 50 мүн. Тиэтэйэ-саарайа хааман истэхпитинэ, арай ким эрэ кэннибитигэр: “Маама, я тебя люблю!” – диэн хаһыытыыр. Мин испэр: “Тыый, олох киинэ курдук дии. Манна нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр эбит дуу”, — дии саныам икки ардыгар, Февронья Семеновна мичээрдээт: “Ээ, ити мин дьонум кэннибититтэн эккирэтэн иһэллэр. Биэстээх Даринам сарсыарда аайы оҕо саадыгар барарыгар итинник атаарар. Ыалдьыкка аралдьыйан, умна сыыһан, кэннибититтэн эккирэтэн, син биир этиэхтээҕин эттэ”, — диир. Ол икки ардыгар аҕаларынаан баран иһэр кырачаан кыргыттар, биһигини ситэн кэлээт, ийэлэрин кытта сыллаһаат, барыахтаах сирдэрин туһаайыытынан бара турдулар.
7 ч. 53 мүн. “Үлэбэр баран иһэн дьыл ханнык да кэмигэр киэҥ нэлэмэн Эбэбин көрө-көрө хаамарбын олус сөбүлүүбүн. Оскуолабар тиийиэхпэр диэри санаам сааһыланан, саҥа толкуйу тобулан, үлэбэр олох атын киһи тиийэбин.
Мин манна кийииппин. Бэйэм Курбуһахтан төрүттээхпин. Үөрэхпин бүтэрээт, биир сыл Муома Улахан Чыыстайыгар учууталлаабытым. Хайалаах дойдуну доруобуйам тулуйбакка, Тумулга үлэ булан, онно көспүтүм. Үс сыл үлэлээн баран, Бэйдиҥэ оскуолатыгар миэстэ тахсыбытыгар манна көспүтүм. Аҕа кынным Петр Степанович идэтинэн физика учуутала. Өр кэмҥэ оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ. Эбэбит Ольга Афанасьевна сааһын тухары оҕо саадын иитээччитинэн үлэлээбит. Аҕа кынныбын кытта элбэх оҕону техническэй үөрэххэ кынаттаабыппыт иһин иккиэммитин Казань куоракка “Зиминнэр династиялара” диэн ситиһиилээх аймахтыы математика уонна физика учуулларын Бүтүн сойустааҕы куонкурустарыгар ыҥыран кытыннарбыттара”, – диэн Февронья Семеновна кэпсии истэ. Сотору буолаат, оскуолабытыгар тиийэн кэллибит. Киирэн, күннээҕи үлэни былааннаатыбыт. Киһи мыыныа суох: уруок, төрөппүккэ сылдьыы, кулуупка Киинэ сылын тэрээһинэ, оҕо саадыттан оҕону ылыы, Учуутал күнүн бырааһынньыга.
8 ч. 30 мүн. Математика учууталын түбүктээх күнэ саҕаланна. Бүгүн Февронья Семеновна түөрт уруоктаах. Ол кэнниттэн салайар 5-с кылааһын төрөппүттэрин кытта көрсө барыахтаах. Учуутал уруок биэрэр кэмигэр мин түгэх паартаҕа олорон, кини миэхэ билсэрбэр анаан туттарбыт матырыйаалларын бэрийэбин. Бу докумуоннар – мин бүгүҥҥү дьоруойум мэтириэтин толору арыйаллар: Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа Саша Винокурова 2013 с. Казахстан Павлодар куоратыгар, 2014 с. Бүтүн Сибиирдээҕи аһаҕас олимпиадаларга кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксибит. Салгыы араас ситиһиилээх оҕолор ааттара-суоллара. Бу маны барытын аахтахпына, бүгүн бүппэппин. Оттон бу — Феврония Семеновна математика уруогар ыыппыт аһаҕас уруоктарын сценарийдара, научнай ыстатыйалара Москва, Чебоксары, Дьокуускай куораттар анал идэҕэ туһаайыллыбыт сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар бэчээттэммит испииһэктэрэ. “Үөрэнээччи билиниитин учуутала” (2011 с., 2012 с., 2014 с.), “Төрөппүт билиниитин учуутала” (2008 с., 2013 с.2015 С) номинация хаһаайкатынан буола сылдьыбыт туоһу кырааматалара. Февронья Семеновна 1994 уонна 2013 сылларга уон биирис кылаастары выпустаабыт. Мин иннибэр чахчы да киһи киэн туттар учуутала турар эбит!
10 ч. 30 мүн. Уруоктар быыстарыгар переменаҕа учительскайга киирэн учууталлары кытта билсэбин. Ол кэмҥэ Февронья Семеновна оҕолорун тэтэрээттэрин бэрэбиэркэлиир. Сотору буолаат, биир эдэркээн учуутал кыыс мин дьоруойум аттыгар кэлэн олордо уонна тугу эрэ сүбэлэспитинэн барда. Ыйыталаһан билбитим, Февронья Семеновна үөрэппит оҕото Римма Маркова төрөөбүт дойдутугар кэлэн учууталын туйаҕын хатара сылдьар эбит. Кэллиэгэлэрэ: “Римма Дмириевнаттан Февронья Семеновна курдук оскуолабытын дорҕоонноохтук ааттатар учуутал тахсыах киһитэ”, — диэн кэпсииллэрин истэ олорон, мин дьоруойбар ытыктабылым икки бүк үрдээтэ.
12 ч. 30 мүн. Февронья Семеновна бүгүн төрөппүттэрин кытта көрсө барар буолан, эбиэккэ дьиэтигэр үспүөйдээбэтэ. Ол иһин оскуола завуһа Светлана Егорованы кытта остолобуойга эбиэттии киирдибит. Наһаа минньигэс борщ миини кытта эттээх соркуойу, салааты сии олорон, дьоруойум оскуолатын туһунан кэпсиир: “Оскуолабыт оҕуруот аһын олордор хайысхалаах агропрофилированнай оскуола статустаах буолан, аспыт-үөлбүт барыта бэйэбит киэнэ. Аны убаһа атыылаһан ииттэр соруктаахпыт. Онон эппитин-аспытын эмиэ бэйэбит булунуохпут”. Салгыы учуутал оскуола попечителлэригэр махтанан туран, кинилэртэн биирдэрин туһунан бу курдук кэпсээтэ: “Биһиэхэ үөрэммэтэҕэ эрээри, аҕата төрөөбүт дойдута буолан, геолого-минералогическай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын президенэ, академик Игорь Колодезников оскуолабытын кытта ыкса сибээһи тутуһар, научнай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээх анал стипендия олохтообута”.
13 ч. 30 мүн. Соторутааҕыта Дьааҥыга оскуола оҕолоро алдьархайы оҥорбуттарын кытта сибээстээн буолуо, саас-күһүн сэрэтэр үлэ ирдэнэриттэн да буолуо, тыа сирин учуутала сааны туттууга төрөппүттэри кытта бэсиэдэлэһэр уонна илии баттатар үлэтин Салышевтартан саҕалаатыбыт. 9 оҕолоох интернациональнай дьиэ кэргэн кыыстарын Айыынаны Бэйдиҥэ оскуолатыгар национальнай оонньуулар көрүҥнэригэр үөрэттэрээри аҕалбыттар. Айыына быйыл анаан Андрей Федоровка дьарыктанан “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуу чөмпүйүөнүнэн буолла. “Биһиги оскуолабыт учууталларын “батыһан” төрөппүттэр оҕолорун анаан үөрэттэрэ ыытар буоллахтарына, Салышевтар кыыстарын үөрэттэрээри тоҕус оҕолорун манна илдьэ кэлэн, олохсуйан олороллор. Олохтоох дьаһалта элбэх оҕолоох ыалга дьиэ булан биэртэ. Аҕалара оскуолабытыгар суоппардыыр. Онон оскуолабыт оҕо саада тоҕус оҕонон “байа” түстэ”, — диэн кэпсиир Февронья Семеновна. Салышевтар кэннэ хас да төрөппүккэ сырыттыбыт.
16 ч. 10 мүн. Кулуупка Киинэ сылынан анал быыстапка, киинэ мэхээньиктэрин кытта Бэйдиҥэ оскуолатын выпускнига, СӨ үтүөлээх артыыһыгар тиийэ үүммүт, саха киинэтин кэскилэ Федор Львову чиэстээһиҥҥэ оскуола учууталлара кылаастарын кытта тиийиэхтээх чаастара үүннэ. Мин дьоруойбун кытта оскуолаҕа да киирбэккэ, кулууп туһаайыытын тутуһабыт. Саалаҕа киирэн, олох миэстэбин, суумкабын ууран баран тахсыбытым, Февронья Семеновнаны кытта оҕолор быыстапка тэриллэрин көрө-истэ тураллар эбит. Учуутал, ханна да сырыттар, син биир учуутал. Мин дьоруойум сэбиэскэй кэм саҕанааҕы киинэ тиэхиньикэтин кэпсии турарын түһэрээт, мэһэйдээмээри саалаҕа киирэбин.
18 ч. 00 мүн. Февронья Семеновна оҕо саадыттан кырачааннарын ылар кэмэ тиийэн кэлэр. Оҕо тэрилтэтигэр киирээппитин кытта иитээччи: “Дарина Охлопкова!” – диэн ыҥыраатын кытта, бэркэ үөрбүт кыысчаан тахсан ийэтин кууһа түһэр. Ийэ кыыһын таҥыннараатын кытта, үһүөн аны атын аанынан кырачаан Сашеньканы ыла тахсабыт. Кыысчаан сүүрэн сэрбэчийэн кэлэн, ийэтин кууһа түһэр – биир үлэ күнэ киниэхэ эмиэ бүттэ.
18 ч. 40 мүн. Охлопковтар киэһэ аһылыктарын аһаат, аны ийэлэрин Учуутал күнүн бэлиэтиир бырааһынньыкка ыытаары тэрийэллэр. Улахан киһи сиэринэн Настя ийэтигэр бэлэмнээбит пицатын туттарар. Ох курдук оҥосто охсоот, Февронья Семеновналыын оскуолабыт туһаайыытын тутуһабыт.
19 ч. 10 мүн. Оскуолаҕа киирээппитин кытта, фойеҕа остуол хотойорунан тардыллыбыт. Киһини долгутар Уус Алдан улууһун гимнин ыллаан, учууталлар идэлээх бырааһынньыктарын аспыттарын кэннэ, тыл оскуола дириэктэрэ Иван Артамоновка бэриллэр. Эдэр салайааччы үөрүүлээх быһыыга-майгыга “Үөрэнээччилэр билиниилэрэ” номинация кыайыылааҕынан алын сүһүөх кылаас учуутала Ирина Алексееваны ааттыыр. Оттон “Төрөппүттэр билиниилэрэ” номинация хаһаайкатынан мин дьоруойум Февронья Семеновна ааттанна! Билигин олус уустук кэмҥэ ылбычча киһи төрөппүт билиниитин ылбат эбээт. Ааранан мин олуһун үөрдүм. …
Ити курдук, биир күн иһигэр талааннаах учууталы кытта алтыспыппынан икки бүк дьоллонноннум. Дьэ, онон үөһэттэн анаабыт курдук үлэ киһитин биир күнүн сырдатыахтаах киһим чахчы да Бэйдиҥэ осуколатын бастыҥ учууталынан ааттаныан аттанар эбит!
Елена ПОТОЦКАЯ