Тыа сирин сайыннарыы бырагыраамматын оҥоруу түмүктэнэн эрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба Бэрэсээдээтэлэ Дмитрий Медведев тыа сирин территорияларын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамматын бэлэмнээһиҥҥэ анаммыт сүбэ мунньаҕы салайан ыытта.
edersaas.ru
Судаарыстыбаннай бырагыраамманы ырытан оҥоруу туругун туһунан сүрүн иһитиннэриини тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев оҥордо. Кини бэлиэтээбитинэн, бырагыраамма тыа сирин нэһилиэнньэтин ахсаанын аччаппат туһугар тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын туруктаах буоларын хааччыйарга, кэлим сайыннарарга туһаайыллар. Бырагырааманы ырытан оҥорууга министиэристибэ Арассыыйа бары субъектарыгар толоруулаах былаас уорганнарын, научнай уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлиир. Хайысхаларынан киирэр этиилэри дьүүллэһэргэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы оробуочай бөлөх үлэлиир. Бырагыраамма барылын ырытан оҥоруу кулун тутар 15 күнүнэн түмүктэнэн, уопсастыбаннас дьүүлүгэр таһаарыллыахтаах.
Судаарыстыбаннай бырагыраамманы олоххо киллэрии үлэ икки сүрүн хайысханан ыытыллар. Бастакы хайысха экономическэй өттүнэн кэскиллээх территориялары сайыннарыыга: бизнес бары таһымынан, чуолаан дьоҕус уонна орто урбааҥҥа, инвестбырайыактары саҕалыырга уонна үбү тардыыга инфраструктураны үөскэтиигэ туһаайыллар. Тыа сиригэр олох таһымын тупсарыы чэрчитинэн эрэгийиэннэри кытары, кинилэр тустаах уратыларын учуоттаан туран, уталытыллыбат дьаһаллар былааннара чопчуланыахтаах.
Тыа сирин өйөөһүн дьаһаллара билигин “Тыа сирин территорияларын сайыннарыы” хос бырагыраамманан ыытыллар. Кэнники биэс сыл устата 171,3 млрд солк көрүлүннэ. Национальнай бырыйыактарынан уонна салааларынан тус сыаллаах бырагыраммаларынан эмиэ үлэ ыытыллар. Ити иһин, хоһулааһыны таһаарбат инниттэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин територияларын сайыннарыыны сүрүннүүр уорган уонна дойду бары субъектарын кытары бииргэ үлэлээһин дьаһалларын быһаарар, көрдөрүүлэри тупсарыыга эппиэттээх биэдэмистибэ буолуохтаах диэтэ миниистир.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0