Тыам дьахтара барахсан
Таһаалыын намчытын аанньа,
Тугу барытын сатыыр
Толлон турбат үлэттэн.
Сарсыарда эрдэ турааччы
Киэһэ хойут сытааччы,
Үлэ барыта сүктэриллэр
Кини намчы санныгар.
«Сылайдым», — диэн үҥсэргээбэт
«Ыарыйдым», — диэн ыһыктыммат,
Барытын оҥоро охсон
Бүтэрбитэ эрэ баар.
Айылҕа анаан айбыт
Айыы киһитэ буоллаҕа,
Тыам дьахтара барахсаны
Таҥараҕа тэҥнээх киһини
Таптыахха, харыстыахха,
Тыа сэмэй дьахтарын
Түбүктээх олоҕун сыаналаан
Үрдүктүк тутан айхаллыахха!
Оҕуруоттаах.
Хаартыска интернет ситимиттэн.
edersaas.ru
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1