Тыа сирин чэпчэтиилээх ипотеката

10.04.2020
Бөлөххө киир:

2019 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбатын  696 №-дээх уурааҕа тахсан, “Тыа сирин кэлим сайыннарыы” федеральнай бырагыраама ылыллыбыта. Бу бырагыраама биир сүрүн хайысхата – тыа сирин олохтоохторугар 3%-наах ипотеканы биэрии.

Кистэл буолбатах, тыа сириттэн куоракка көһүү уонча, сүүрбэччэ сылы быһа бара турар. Тыа сирин нэһилиэнньэтэ аҕыйыыр, олох усулуобуйата мөлтүүр. Онон бу бырагыраама сыала-соруга – дьону тыа сиригэр олохсутуу.

Өскөтүн эрэгийиэн бэйэтэ эбии харчы угар буоллаҕына, федеральнай бүддьүөттэн үп биэрэллэр. Эрэгийиэн эптэҕинэ, 0,1%-ҥа диэри түһүөн сөп этэ, ол кыаллыбата. Былаан быһыытынан, дойду үрдүнэн 5 сылга федеральнай бүддьүөттэн 1 триллион солкуобай, эрэгийиэннэртэн эмиэ 1 триллион солкуобай көрүллүөхтээх. Холобур, быйыл федеральнай бүддьүөт Саха сиригэр 1 миллиард солкуобайтан тахсаны тыыран олорор. Бырагыраама 5 сыл устата үлэлиэхтээх.

Тыа сирин ипотеката дойду үрдүнэн олунньу ыйтан үлэлээн барда. Кэккэ эрэгийиэннэргэ ипотеканы биэрэн саҕалаатылар. Саха сиригэр бу бырагырааманан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быһаччы дьарыктанар, оттон маннык чэпчэки усулуобуйалаах ипотеканы «Россельхозбаан» нөҥүө ылыахха сөп.

Дойду үрдүнэн 2018 сылга тыа сиригэр 179,72 тыһыынча кв.м. иэннээх дьиэ тутуллан киирбит буоллаҕына, бырагыраама көмөтүнэн, 2025 сылга 1,028 мөлүйүөн кв.м. иэннээх дьиэ тутуллара былааннаналлар.

Өскөтүн ипотека бырыһыана билигин ортотунан 9-10% буоллаҕына, 3%-ҥа диэри араастаһыытын федеральнай бүддьүөт субсидиялыыр, оттон эрэгийиэннэр эбии төлөөн, бырыһыанын өссө кыччаталлар. Онон Саха сиригэр бу бырагыраамаҕа кыттыһар дьон 1,7%-ҥа тиийэ чэпчэтиилээх ипотеканан туһанар кыахтаахтар.

Кирэдьиит усулуобуйата

Бырагыраамаҕа тыа сиригэр олорор ханнык баҕарар дьон, идэтиттэн тутулуга суох (быраас, тутааччы, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, урбаанньыт, уод.а.), бары кыттар кыахтаахтар. Сүрүн усулуобуйата – тыа сиригэр бастайааннай олорор, үлэлиир-хамсыыр киһи буолуохтаах. Сааһынан хааччаҕа – 23-тэн 65 сааска диэри.

Манна баан ипотека биэрэр атын ирдэбиллэрэ үлэлииллэр: кирэдьиит ылар киһи ыйдааҕы төлөбүрүн уонна бастакы усунуоһун (10 %) төлүүр кыахтаах, ол эбэтэр үлэлээх-хамнастаах, тыа сиригэр бырапыыскалаах, бааҥҥа иэһэ суох буолуохтаах. Балаһыанньа быһыытынан, куораттарга уонна куорат кытыытынааҕы бөһүөлэктэргэ (Хатаска, Тулагыга, о.д.а.) олорор дьон кыттыбаттар. Оттон улуустарга баар, 30 тыһыынчаҕа диэри нэһилиэнньэлээх куораттар (Бүлүү, Ньурба, о.д.а.) бырагыраамаҕа кытталлар. Ипотека болдьоҕо – 25 сылга диэри. “Россельхозбаан” филиаллара 14 улууска бааллар, суох буоллаҕына, киин куоракка киирэн, оҥорторон баран, төлөбүрүн мобильнай баан нөҥүө төлүү сылдьыахха сөп.

Билиҥҥи туругунан, бэриллэр ипотека бырыһыана – 2,7, тус страховка суох буоллаҕына – 3%. Кирэдьиити төлүүр көрүҥү талыахха сөп – аннуитетнай, эбэтэр дифференцированнай. Аннуитетнайга бастакы кэмҥэ бырыһыанын элбэҕи төлүүгүн, дифференцированнайга кирэдьиит уонна бырыһыан суумалара тэҥ буолар. Үгүс бааннар аннуитетнайы туруораллар, талларбаттар.

Бу ипотеканы ылан баран, сир учаастактаах дьиэни атыылаһыахха сөп (атыы-атыылаһыы дуогабарынан), эбэтэр тутулла турар дьиэни (өлүүлэһэн тутуу дуогабарынан). Сир учаастагын атыылаһан баран, онно дьиэни туттуохха, эбэтэр бэйэҥ учаастаккар бэдэрээтинэн дьиэни туттарыахха сөп.

Бастакы усунуос – 10%.

Кирэдьиит суумата – 100 000 – 5 000 000 солкуобайга диэри.

Болдьоҕо – 300 ыйга диэри.

Кирэдьиит төлөнүөр диэри дьиэ бааҥҥа солуок быһыытынан хаалар.

Кирэдьиити ылааччы кэргэнэ булгуччу “созаемщик” буолар. Ону таһынан, өссө, аймах буолбатах икки-үс киһи “созаемщик” буолара ирдэнэр. 

Сайаапканы биэс үлэ күнүн иһигэр көрөллөр.

«Саха сиригэр 1,7%-наах буолуон сөп”

«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрэ Василий Тимофеев:

— Биһиги бааммыт тыа сирин чэпчэтиилээх ипотекатын биэрэн саҕалаата. Бырыһыана – тус страховка оҥоһулуннаҕына 2,7%, страховка суох буоллаҕына – 3%.

Билигин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары бырыһыанын 1,7%-ҥа диэри кыччатарга сөбүлэһии түһэрсэргэ үлэлэһэбит. Ити СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн кыаллар буолла.

Чэпчэтиилээх кирэдьиит ылан баран, тыа сирин олохтоохторо сир учаастагын ылан баран, дьиэ туттар, урут тутулла турар дьиэлэрин ситэрэр, эбэтэр тутулла турар уонна тутуллубут бэлэм дьиэни учаастагын кытары атыылаһар кыахтаахтар. Тыа сиригэр баар, 30 тыһыынчаттан аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттар, сэлиэнньэлэр олохтоохторо кыттар кыахтаахтар. Манна Дьокуускай, Мииринэй, Нерюнгри хапсыбаттар, онтон атын куораттар бары хапсаллар.

Дьиэни туттарарга уустуктары көрсүөхтэрин сөп. Тутааччы аккредитацияны ааһара ирдэниллэр. Ону тэҥэ, тутааччыларга төлөбүрү түһүмэхтэринэн ыытабыт: бетон акылаата түспүтүн, онтон көҥдөйө тутуллубутун, салгыы дьиэ тутуллан бүппүтүн кэнниттэн. Бетон акылаат булгуччулаах, тоҕо диэтэр, страховой хампаанньалар оннук эрэ буоллаҕына, старховкалыыллар. Манна уһук нэһилиэктэргэ, хоту улуустарга бетону аҕалтарарга ыарахаттары көрсүөхтэрин сөп. Маннык түгэҥҥэ боппуруоһу атыннык көрөн, уларытыы киириэн сөп. Киһи бэйэтэ туттара көҥүллэммэт. Бэдэрээтчиккэ ирдэбил эмиэ кытаанах – лицензиялаах буолуохтаах, икки сылтан кырата суох уопуттаах, моҥкурууттуу сылдьыбатах, иэһэ суох, о.д.а.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны тэрийиэххэ”

СӨ Уопсастыбаннай балаатата тыа сирин ипотекатын тула уопсастыбаннай истиилэри тэрийбитэ. Онно «Тыа сирин ипотеката» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны тэрийэр туһунан этии киирбитэ. Хамсааһыҥҥа тутааччылар, министиэристибэлэр, бааннар бэрэстэбиитэллэрин киллэрэн, улуустар баһылыктарын, дьокутааттары, уопсастыбаннай түмсүүлэри ыҥыран, дьоҥҥо киэҥник тарҕатар былааннаахтар.

Тыа сирин ипотеката – бу төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйан, дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, үлэлиир-хамсыыр баҕалаах дьону өйүүр сыаллаах улахан көмөлөөх бырагыраама. Онон, кирэдьиити ылар кыахтаах дьоммут-сэргэбит былааннанан, үбү-харчыны мунньунан, саҥа дьиэлэнэргэ, оҕолору дьиэлииргэ үөскээбит кыаҕы мүлчү тутумаҥ!

Ангелина Васильева.

Мария Васильева түһэриитэ.

Эбэн эттэххэ

Соторутааҕыта “Россельхозбаан” тыа сирин олохтоохторугар өссө биир чэпчэтиилээх кирэдьиитин үлэлэттэ. Ол курдук, “Тыа сирин кэлим сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, 2020 сылга 23-65 саастаах тыа сирин олохтоохторо 300 тыһыынча солкуобайга диэри суумалаах, 3%-наах туһанааччы кирэдьиитин (потребительскэй) ылар кыахтаннылар.

Бу кирэдьиитинэн туһанан кинилэр хаһаайыстыбаларыгар, дьиэлэригэр уот, уу, ититии, гаас ситимин бэдэрээттэһэн тартарыахтарын, дьиэлэрин өрөмүөннэтиэхтэрин, толору хааччыллыыны киллэртэриэхтэрин сөп.

Ипотека калькулятора

(“Россельхозбаан” саайтыттан)

Дьиэ сыаната – 2 000 000 солкуобай.

Кирэдьиит болдьоҕо – 120 ый.

Бырыһыана – 2,7%.

Бастакы усунуос 30% — 600 000 солкуобай.

Кирэдьиит суумата — 1 400 000 солкуобай.

Ыйдааҕы төлөбүр – 13 325 солкуобай.

Ыйдааҕы дохуот – 35 000 солкуобай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0