Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Тыа сирин территорияларын 2020-2025 сс. кэлим сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын» чэрчитинэн тэрийэн ыыппыт субсидияны ылааччылар куонкурустарыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 323 сайаапка киирбитэ.
edersaas.ru
Олортон сүүмэрдэнэн, бастыҥ бырайыактаах 113 нэһилиэк субсидия ылар чиэскэ тигистэ. Бу хайысхаҕа федерация бүддьүөтүттэн 128 мөл. 478 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн 11 мөл. 372 тыһ. солк. көрүллэн, тустаахтарга ыам ыйыгар тиэрдиллиэхтээх. Онон, киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэр уонна хотугу улуустар тиэндэри ыыта охсон, тутааччыларын эрдэ быһааран, наада буолар матырыйаалларын уу суолунан хааччынан, кыһыны көрө бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр тоҕостоох буолла.
Санатан эттэххэ, былырыын маннык субсидия уон нэһилиэккэ бэриллэн, оҕо оонньуур былаһааккалара, искибиэрдэр оҥоһуллубуттара. Быйыл субсидия быдан элбэх нэһилиэккэ бэрилиннэ итиэннэ суумата даҕаны биллэрдик улаатта. Ол курдук, былырыын биир субсидия кээмэйэ 731 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, быйыл ким хайдах бырайыактааҕыттан көрөн, өйөбүлү 2 мөл. солк. тиийэ ылыаҕа. Инньэ гынан, нэһилиэктэр история-култуура пааматынныктарын тутуу, уулуссалары электро-уотунан сырдатыы, кытаанах хомунаалынай бөҕү-саҕы мунньар, дьаһайар былаһаакка курдук балачча үгүс үбү эрэйэр тутуулары олоххо киллэрэр кыахтаннылар диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үөрэ-көтө иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru