Тыа дьонугар «субсидия туһунан умнан кэбиһиҥ» дииллэр эрээри, бу өйдөбүл өтөрүнэн арахсыбатаҕына эрэ тыабыт сирэ өрүттэр, чэчириир чинчилээх. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Николай Петрову көрсөн, быйыл үөһэттэн туох-ханнык кээмэйдээх өйөбүл оҥоһуллуоҕун туоһуластым.
— “Тыа сирин 2014-2017 сылларга уонна 2020 сылга диэри кэмҥэ бигэтик сайыннарыы” тус сыаллаах федеральнай бырагыраама сүнньүнэн үбүлээһин бүттүүн кээмэйэ быйыл 6 бырыһыанынан кыччатыллыбытын үрдүнэн, биһиги министиэристибэбит бырайыактарын кимиилээхтик көмүскээн, бүддьүөттэн (федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ кыттыгас) былырыыҥҥытааҕар 15 бырыһыанынан элбэх субсидияны көрдүлэр. Чопчу сыыппаранан эттэххэ, 549 мөл. 247,1 тыһ. солк. (2016 с. 392 мөл. 383,3 тыһ. солк. этэ). Маныаха, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэбит тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыытар бэлиитикэтэ итиэннэ Ил Дархаммыт өйөбүлэ улахан ыйааһыннаахтар. СӨ бүддьүөтүттэн кыттыгас үбүлээһиҥҥэ көрөр кээмэйэ урукку оннунан хаалла.
— Николай Ильич, бу суума иһигэр тыа сирин суолун оҥоруу харчыта киирэн сылдьар дуо?
— Тыа сирин суолун оҥоруу бырагыраамаҕа киирэр эрээри, үбүлээһинэ Росавтодор нөҥүө барар. Быйыл суолу оҥорууга 234 мөл. солк. кээмэйдээх (былырыын 261 мөл. солк. этэ) субсидияны, барыта 4 бырайыагы көмүскээн, ылар буоллубут. Маны биһиги министиэристибэбит Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта ыкса күүскэ үлэлэһэннэр ситистибит. Киирбит бырайыак барыта ааста. Тоҕо аҕыйаҕый диэ. Нэһилиэктэр экспертизаны ааспыт бырайыактара суох буолан наар оҕустарабыт. Баһылыктар күннээҕинэн олороллор, эрдэттэн эрдэ былааннаан, кэскилгэ үлэлээбэттэр диэм этэ. Иккиһинэн, суол оҥорторор нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар буолуохтаах. Бу – булгуччулаах ирдэбил.
— “Тыа сирин бигэтик сайыннарыы” бырагыраама олус киэҥник хабар, элбэх хайысхалардаах. Олору биир-биир көрдөххө, балаһыанньабыт хайдаҕый?
— Бастатан, үөһэ ыйбыт итэҕэстэрбиттэн сиэттэрэн, бырагыраамаҕа кыттарга туох ирдэнэрин санатыахпын баҕарабын. Эбийиэк булгуччу бырайыак-смета докумуоннаах, судаарыстыба экспертизатын түмүгэ оҥоһуллубут, анал муниципальнай бырагыраамаҕа киллэриллибит уонна тыа хаһаайыстыбатыгар инвестбырайыактаах буолуохтаах. Дьэ, бу ирдэбиллэри барытын толорбут буоллахха, “бигэтик сайдарга” харса суох анньыһыахха сөп.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 5 ФАП тутулларыттан иккитин биһиги министиэристибэбит бырагыраамата үбүлүүр. Сайыҥҥы уу ситимин тардыы, үбүлээһин кээмэйэ улааппытынан, биэрэстэтэ эмиэ уһаата. Ол курдук, аны сайын 4 нэһилиэккэ уу ситимин тардыыны тиһэҕэр тиэрдэрдии уонна 5 нэһилиэккэ саҕалыырдыы үлэни тэрийиэхпит. Маны тэҥэ, тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гаас оттук ситимин тардыыга чуолаан биһиги үлэлэһэбит. Федеральнай бырагыраама сүнньүнэн 2017 сылга 133 мөл. солк. ылар буоллубут. Тэҥнэбилгэ эттэххэ, былырыын 34 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Онон, бу хайысхаҕа үлэ-хамнас балачча тэтимирэрин күүтэбит.
— Николай Ильич, ааспыт нэдиэлэҕэ улуустар, нэһилиэктэр баһылыктарын мунньан, ыйыы-кэрдии биэрэ олороруҥ. Грант туһунан кэпсэтэр этигит. Ити тугуй?
— Бырагыраама иһинэн “дьон көҕүлээһинин, саҕалааһынын өйөөһүн” диэн хайысха баар. Ааспыт сылга 12 нэһилиэк грант ылбыт буоллаҕына, быйыл 35 сайаапка киирбититтэн 16 бырайыагы көмүскээтибит. Барыта 24 мөл. солк. көрдөөбүппүтүттэн 12 мөл. 408 тыһ. солк. биэрэр буоллулар. Бу даҕаны улахан өйөбүл: нэһилиэк былаһаакка, сквер, өйдөбүнньүк тутарыгар 700-800 тыһ. солк. биэрэбит, итиннэ 200-250 тыһ. солк. олохтоох бүддьүөттэн кыттыгас угаллар. Былырыын Кэнтик нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү) Россияҕа бастаабыта, Нам улууһугар Маймаҕаҕа эмиэ бэртээхэй сквери туппуттара. Онон, Саха сирэ холобурга сылдьар.
— Сыыһа истибэтэх буоллахпына, “эрдэ кыайбыттар кыттыбаттар” диэбитиҥ…
— Кырдьык, икки сыл субуруччу кыайбыт нэһилиэктэр үһүс сылларыгар кыттыбаттар диэн быһаардыбыт. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ киэҥ, ону барытын хаба сатыах тустаахпыт. Өрүү буоларыныы, Дьокуускайтан чугас олорор киин нэһилиэктэр көхтөөхтөр, мэлдьи кытталлар уонна кыайаллар. Быйыл географиябыт арыый кэҥээтэ диэн үөрэбит. Ол курдук, граҥҥа тиксибиттэр истэригэр Эдьигээн, Кэбээйи, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэрэ, Ньурбаттан Дьиикимдэ уонна Маалыкай нэһилиэктэрэ бааллар.
— Оттон кэтэх олорор дьиэни тутууга хайдах туруктаахпытый?
— Балаһыанньабыт үчүгэй. Тиэрдиллибит кирбиини мэлдьи толоробут, өссө аһарабыт. Онон, федеральнайтан кэлэр көмө харчы кээмэйэ арыый үрдээтэ. Уустуга баар: бырагыраамаҕа киирсэр ыал дьиэтин сыл иһинэн туттан киириэхтээх. Матырыйаалгын эрдэ атыылаһан, дьиэҥ көҥдөйүн туруорбут эрэ буоллаххына, ыйыллыбыт болдьоххо баттаһаҕын. Киин сиргэ олорооччуларга син даҕаны, оттон хотугу улуустарга икки-үс бүк ыараханын өйдүүбүт. Быйылгыттан хоту уонна Арктика эҥээринээҕи улуустарга хамсааһын таҕыстаҕына табыллар. Үлэни онно туһаайан ыытыахпыт. Маныаха Өлөөн, Орто Халыма, Дьааҥы улуустара холобур буолаллар.
Таарыйа эттэхпинэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэтэх олорор дьиэлэри түөлбэлээн тутууга ыкса үлэлэһэр. Итиннэ түөлбэ инженернэй инфраструктуратын кэлимник тутуу киирэр. Бу хайысхаҕа Ньурба улууһа түһэн биэрдэ: Антоновкаҕа Кыталыктаах түөлбэтигэр көрүллүбүт 106 мөл. солк. үбү, тэрээһинин кыаммакка, туһамматылар. Ити үптэн 66 мөл. солкуобайа өрөспүүбүлүкэттэн, онтон уратыта федеральнайтан көрүллүбүтэ. Онон, үбүлэниибит өссө көбүччү буолуоҕун атахтаатылар. Маннык быһыы-майгы Ньурба улууһун салалтата тутуу үлэтигэр эппиэтинэһэ суох, дьалаҕай сыһыаныттан таҕыста. Ол түмүгүн дьон бэйэтэ көрө-истэ сылдьар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар.