Өрөспүүбүлүкэ суһал штабын салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина уочараттаах брифинин ыытта. Өрүү буоларын курдук, Ольга Валерьевна аан дойдуга сатыылаабыт дьаҥҥа хаптарыы өрөспүүбүлүкэҕэ хайдаҕын кылгастык ырытта.
edersaas.ru
Кини этэринэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи штаб уонна оройуоннарга тэриллибит штабтар коронавируһу хаптатыыга күүстэрэ тиийэринэн үлэлииллэр. Бэс ыйын 13 күнүнээҕи туругунан бу кэмҥэ диэри уопсайа 2968 киһи бу ыарыыга хаптарбыт. Ааспыт сууккаҕа 70 киһи дьаҥнаабыт. Итилэртэн 60 киһи өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар ыалдьыбыт. Тыа сирин да ыарыы тумнубат. Нам уонна Алдан улуустарыгар үстүү ыарыһах бэлиэтэммит. Аммаҕа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Мииринэйгэ – биирдии киһи. Бачча киһи ыалдьыбыта РФ Роспотребнадзорун дьиҥ таһымнаах статистикатыгар киирбит.
Ольга Балабкина сайын саҕаламмытынан тыа сиригэр куораттан оҕолор эһээлэригэр, эбээлэригэр сайылыы тахсалларыгар бу дьаҥ олус кутталлааҕын санатта. Онон улахан эппиэтинэс төрөппүттэргэ сүктэриллэрин чопчулаата.
Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт дезинфекция көдьүүстээҕин көрдөрөн эрэр. Маннык хабааннаах дезинфекциялыыр үлэни тыа сиригэр ыыталлара эмиэ туһалаах буолсу. Онуоха Уус Алдан улууһун холобурдаата. Бороҕоҥҥо толору дезинфекция ыытыллар, маҕаһыыннар эҥин сабыллаллар. Нам улууһугар уонна Мэҥэ Хаҥаласка эмиэ итинник миэрэлэр ыытыллыахтара.
Ыарыы туруоҕуттан 1731 киһи үтүөрбүт. Дьаҥ туруоҕуттан үтүөрүү диэн тыл олус үөрүүлээхтик иһиллэр буолла. Ыалдьыбыт дьон үтүөрэллэригэр ыарыһахтары кытта быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар эмчиттэр оруоллара туохха да кэмнэммэт. Ол да буоллар, билигин даҕаны стационардарга ыгым эрэсииминэн үлэлии сылдьалларын аҕынна. Хомойуох иһин, ыарыы туруоҕуттан 20 киһи тыына быстыбыт.
Онон дьиэ кэргэҥҥэ, үлэҕэ (корпоравтивнай) алтыһыы түмүгэр дьаҥҥа хаптарбат туһугар хас биирдии киһи доруобуйатын туһугар кыһаныахтаах. “Куоракка вирус баар. Онон Жатай, Хатас, Мохсоҕоллоох болҕомто киинигэр тураллар”, — диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Валерьевна.
Уонна түмүгэр оскуоланы бүтэрээччилэргэ бэриллэр төлөбүрдэри биэрии туһунан эттэ.
Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: архыып