Тыа сиригэр чэпчэтиилээх ипотека баар буолуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин территорияларын кэлим сайдыытын судаарыстыбаннай бырагырааматын бырайыагар олорор дьиэни-уоту тупсарыыга тыа сиригэр чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын оҥорон киллэрэргэ этэр.

edersaas.ru


Тыа сиригэр чэпчэтиилээх ипотеканы киллэрии “Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы” тус сыаллаах федеральнай судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киллэриллиитин биир тирэҕин быһыытынан сыаналанар диэн РИА Новости иһитиннэрэр. Ол курдук, тыа сиригэр олорор гражданнарга саҥа тутуллар дьиэни үлэҕэ киллэрии сыллата улаатан иһиэхтээх. Холобур, 2018 сыллаахха 179 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ-уот тутуллубут буоллаҕына, 2025 сылга бу көрдөрүү 1 мөл. кв миэтэрэҕэ тиэрдиллиэхтээх. Онуоха чэпчэтиилээх ипотека ситиминэн 2020 сыллаахха 552,3 тыһ. кв миэтэрэ, 2021 с. — 635 тыһ., 2022 с. — 711 тыһ., 2023 с. — 778 тыһ., 2024 с. — 839 тыһ., 2025 с. — 893 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ-уот тутуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээх.
Тыа сирин чэпчэтиилээх ипотекатын олоххо киллэриигэ Арассыыйа бааннарыгар уонна «Дом.РФ» АУо-ҕа субсидия көрүллэн, тыа сиригэр олорор гражданнарга сыллааҕыта 1 %-тан үрдүгэ суох чэпчэтиилээх ставканан ипотека кирэдьиитэ бэриллиэхтээх. Бу бырайыак быһыытынан, тус сыаллаах биэдэмистибэннэй бырагыраама уопсай үбүлээһинигэр 2020-2025 сылларга 207,3 миллиард солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 121,6 млрд солк. көрүллэрэ былааннанар. Ити кэм устата тыа сирин чэпчэтиилээх ипотекатын бырагырааматын үбүлээһин 73,7 млрд солк., федерация бүддьүөтүттэн 23,5 млрд солк. буолара барылланар.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0