Тыа сирэ дойдуга тыын суолталаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Киһи бастатан туран аһыыр астаах, ол аһын хааччынар сирдээх-уоттаах буолуохтааҕа бу ааспыт 25 сыл тухары биһиэхэ өйдөммөтө.

edersaas.ru

Тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбата эстэр суолга киирдэ. Ол төрүөтэ биллэр: бу ырыынак үйэтигэр күннээҕи олоххо-дьаһахха экономика “ночоот” диэн өйдөбүлэ ахтыллыбат. Цифровой технология этиллибити билэргэ албас, ньыма эрэ буолар.

Кырдьан, билигин төһө да көрбөт буолан олордорбун, бэйэм кэммэр ЭВМ, компьютер, интернет кэлэригэр олук охсубут киһи быһыытынан, манныгы этиэхпин баҕарабын. Олоҕу сир, чопчулаан эттэххэ, сиргэ сыһыан сайыннарар. 1990-с сыллардаах реформа саҕаланыаҕыттан сирбитин барытын эрэбиисийэлиэххэ, хас биирдии алааһы уонна хочону докумуоннуохха, кинилэр төһө үүнүүнү биэрэр кыахтаахтарын ырытан көрүөххэ итиэннэ онно олоҕуран төһө сүөһүнү-сылгыны иитэри быһаарыахха. Биир туонна бородууксуйаны (эти, үүтү, бурдугу о.д.а.) оҥорон таһаарарга төһө үп-харчы ороскуоттанарын солкуобайыгар тиийэ ааҕан, төһө барыс ылылларын, төһө ночоот тахсарын суоттаан, судаарыстыба сөптөөх быһаарыыны ыларыгар тирэх буолар докумуоннары оҥорон, үлэни-хамнаһы ырыынак ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн тэриниэххэ наада. Дьэ маннык эрэ дьаһанан олордохпутуна, киһи-хара буолар кыахтаахпыт.

Олох ирдэбилэ үрдээн иһэр. Ырыынак сокуона кытаанах. Барыстаах, барыһы биэрэр эрэ салаа тыыннаах ордор. Тыа хаһаайыстыбата барыһы биэрбэт, ону өйдүүр буоланнар сайдыылаах омук дойдулара бу салааны 50-100 бырыһыан үбүлээн олороллор. Тыа хаһаайыстыбата бэл, табыгастаах усулуобуйалаах, сымнаҕас килиимэттээх дойдуларга барыһа суох буоллаҕына, тыйыс айылҕалаах, уһун уонна тымныы кыһыннаах Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бэйэҕэ турар сыаната ыарахана биллэр суол. Онон судаарыстыба өйөбүлэ, хоромньуну толуйар датаассыйата суох биһиэхэ тыа хаһаайыстыбата, уопсайынан тыа сирэ сайдар кыаҕа суох.

Валентин Миронов, үлэ бэтэрээнэ. Дьокуускай к.,

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0