Тыа сиригэр кэлиҥҥи уон сыл иһигэр нэһилиэнньэ 500 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт, үксэ биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕа саастаах көлүөнэ хаалбыт. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 65,9% куоракка, 34,1% тыа сиригэр олорор. Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин 20% нэһиилэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах.
Олохтоох тэрилтэлэр оҥорон таһаарыыларыгар тыа хаһаайыстыбатын өлүүтэ икки эрэ бырыһыаны ылар. Ол курдук, былырыын 26,4 миллиард солкуобай суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут. Статистика хараҕынан, 2018 сыл түмүгүнэн тыа сиригэр орто хамнас 53 364 солкуобай, куоракка 68 296 солкуобайга тэҥнэһэр. Дьиҥ олоххо, быраастартан, учууталлартан ураты итиччэ хамнаһы аахсар киһи суох.
Икки көлүөнэ сүбэтин холбоон
Бу кыһалҕаны дьүүллэһэргэ, тыа сирин сарсыҥҥытын торумнуурга Госдуума дьокутааттара Галина Данчикова, Федот Тумусов, итиэннэ киин уонна илин эҥээр улуустар баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кыттыылаах Ил Түмэн Уопсастыбаннай сүбэтин бастакы мунньаҕа Мэҥэ Хаҥалас Майа бөһүөлэгэр соторутааҕыта буолан ааста.
Уопсастыбаннай сүбэҕэ Ил Түмэн урукку сыллардааҕы ыҥырыытын дьокутааттара уонна билигин үлэлии сылдьар икки көлүөнэ дьон сүбэлэрин холбоон, эдэр дьону тыа сиригэр олохсутарга туох-ханнык усулуобуйа тэрийиэххэ сөбүн ырытыстылар.
2014-2018 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ Тыа сирин бигэ сайдыыта бырагыраама 74 миллиард солкуобай үбүлэнэн, сүүһүнэн социальнай эбийиэктэр тутулуннулар, 8 нэһилиэк гааска холбонно, 350 нэһилиэккэ суотабай сибээс киирдэ, 353 нэһилиэккэ интэриниэт холбонно.
Гаастаах, толору хааччыллыылаах саҥа кыбартаал
Холобур, ыраата барбакка, мунньах иннинэ эбийиэктэри кэрийии кэмигэр, Майа аттыгар баар Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова тыа сиригэр дьону олохсутарга 600 мөлүйүөн солкуобай суумалаах саҥа түөлбэ тутан таһаарбыттарын көрдөрдө. Тыа сирин биир кэлимник сайыннарыы федеральнай бырагырааматыгар киирэн, манна быйыл 90 миэстэлээх “Кэрэчээнэ” оҕо саадын, 4 МвТ кыамталаах хочуолунай тутан киллэрбиттэр. Суоллары аспааллаабыттар, уулуссалары 200 тахса лаампаларынан сырдаппыттар, өссө толору хааччыллыылаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуохтаахтар.
Хараҕа саҥа кыбартаалга 124 учаастак баарыттан нэһилиэнньэҕэ 105 түҥэтиллибит. Онно 43 ыал, холобур биэс киһилээх дьиэ кэргэн 1,5 мөлүйүөн суумалаах субсидия, ким бырыһыана суох сойуом ылан, дьиэ туттан киирбиттэр, гаас хас ыал аайы баар буолан, инникитин итии-тымныы уу турбатын тардыахтаахтар, септик оҥостуохтара. Оҕо саадыгар кырааны астылар даҕаны, ыраас уу кэлэр, ону иһэргэ, ас астыырга туттуохха сөп. Үөһэттэн саҥа кыбартаалы көрдөххө, төгүрүк алаас иһигэр оҥхойго турар, сабыс саҥа дьиэлэр уулуссаларын сүүһүнэн лаампалар уоттара сырдатар бэрт кыраһыабай көстүүлээх.
Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэнньэтэ эбиллэ турар
Онон тыа сиригэр куораттан итэҕэһэ суох үлэлииргэ, олорорго табыгастаах усулуобуйа тэриллэр. Бу аҕыйах сыл иһигэр Хара нэһилиэнньэтэ 400-тэн тахса киһинэн эбиллибит. Куораттан Майаҕа диэри аспаал суоллаах уонна чугас буолан манна көһөн кэлэн олохсуйуон баҕалаах киһи элбэх. Хараҕа билигин үс саҥа кыбартаал тутулла турар.
«Төрүт аһынан куораты хааччыйабыт»
Куорат дьоно «Төрүт ас» диэн ааттаах үрүҥ аһы, бэлимиэни, тиэптэли күннэтэ сөбүлээн ылар буолуохтаахтар. Биһиги Майатааҕы эт-үүт кэмбинээтигэр сылдьан, ону астыыр дьон үлэлэрин билистибит. Бэрэссэдэтээл Альберт Егоров сыахтары кэритэ сылдьан: «Күҥҥэ 5 туонна үрүҥ ас 14 көрүҥүн астыыбыт, бородууксуйабытын Мэҥэ Хаҥаласка, Дьокуускай куоракка, Алдаҥҥа батарабыт. Эт аска полуфабрикат оҥоробут, күҥҥэ 100 төбөнү астыыр буойуна баар. Собуот кыамтатын күн бүгүн 30% туһанар, кэлэр сылларга ону 50-70 бырыһыаҥҥа тиэрдэр санаалаахпыт. Орто хамнаспыт 30 тыһыынча солкуобай, эдэр үлэһиттэринэн Тыа хаһаайыстыбатын академията хааччыйар», — диэн кэпсээтэ.
Механизированнай хотон
Мантан салгыы толору механизированнай хотону тутар «Чүүйэ» муниципальнай тэрилтэҕэ сырыттыбыт. Тэрилтэ салайааччыта Святослав Кириллин этэринэн, элбэх үүтү биэрэр Алтай ынахтарын, уопсайа 360 төбөнү кыстаппыттар. 2018 сыл түмүгүнэн биир ынахтан 2780 лиитирэ үүтү ыыллар, ону сыл ахсын улаатыннаран иһэр санаалаахтар.
Чүүйэлэр осеменатордара Дария Степанова: «Манна 2015 сыллаахха ынах-сүөһүнү аҕалыахтарыттан, искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ үлэлиибин. Былырыын ынахтарбыт 95% ууламмыта, билигин 25 ынах төрөөн турар, кулун тутарга-муус устарга элбэх төрүөҕү күүтэбит. Осеменатор хамнаһа төһө төрүөҕү ылбытыттан тутулуктаах. Холобур, биир тамыйах биир тыһыынча солкуобай. Күһүн ынах төрөөн бүттэҕинэ, кыһыҥҥы ыйдарга хамнас суох. Мин биэнсийэлээх буолан, этэҥҥэ олоробун. Ол иһин эдэр киһи үлэлииригэр ыарахан буолан, бэтэринээр осеменатор үлэтин толоруон сөп. Биһиги сүүрбэччэ үлэһиттээхпит: ыанньыксыттар, тырахтарыыстар, кинилэр акылааттаахтар, онон хамнастара кэлэ турар эрээри, төһөнү ыабыттарыттан эмиэ тутулуктаах», — диэн кэпсиир.
Сүөһү төбөтүнэн – хамнас
Мунньах кэмигэр Саха сириттэн Госдуума дьокутаата Федот Тумусов: «Тыа сиригэр ынах-сүөһү тутар дьоҥҥо төбө ахсаанынан хамнас курдук субсидия төлөнөрүн ситистэхпитинэ биирдэ интэриэс баар буолуо. Холобур, биэс киһилээх ыалга сылга, нуорма быһыытынан, 435 киилэ эт,
1 200 лиитирэ үүт ирдэниллэр. Ол сылга 228 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Тыаҕа быһа холоон нэһилиэнньэ 30 % кэриҥэ киһи олорор. Оччотугар бүддьүөттэн 3 миллиард солкуобай тиксиэхтээх. Тыа хаһаайыстыбатын үбүлүүргэ 10 миллиард солкуобай бэриллэр, онон ити дьиҥэ, суумата кыра.
Тыа сирин үбүлээһин саҥа ньымата олоххо киирдэҕинэ, өй-санаа түргэнник уларыйыа, дьон сүөһүлэрин төбөтүн элбэтэн, хамнастарын (субсидияларын) үрдэтэргэ дьулуһуохтара, ону таһынан, эт, үүт туттаран эбии харчыланыахтара. Сорох куорат дьоно улууска тахсан, ынах-сүөһү тутуохтара. Бүгүн этиллибит этиилэр, баҕа санаалар бары Уопсастыбаннай сүбэҕэ түмүллэн, Ил Түмэҥҥэ киириэхтэрэ, онно талыллан, сорохторо сокуоҥҥа кубулуйан, олоххо киирэр кыахтаныахтара», — диэн быһаарда.
2020 сылтан саҥа бырагыраама
Госдуума дьокутаата Галина Данчикова: «Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2020 сылтан тыа сирин биир кэлим сайыннарыы саҥа бырагыраамата үлэлиэҕэ. Ол чэрчитинэн, улуустарга толору хааччыллыылаах олорор дьиэни тутуу, кытыы нэһилиэктэри медицинскэй көмөнөн хааччыйыы, суол-иис оҥоруута, аныгы сибээс ситимин тардыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Земскэй быраастар, биэлсэрдэр, учууталлар судаарыстыбаттан көмө харчы ылан, тыа сиригэр үлэлииргэ интэриэстээх буолуохтара», — диэн иһитиннэрдэ.
Тыа сирин экэниэмикэтин, олох хаачыстыбатын тупсарарга, саҥа сокуон ылынарга илин эҥээр, киин улуус баһылыктарын, уопсастыбаннас аатыттан элбэх этии киирдэ. «Тыа сирэ – Сахабыт сирин тэбэр сүрэҕэ, оттон Мэҥэ Хаҥалас сирэ кыра эрээри, саамай улахан нэһилиэнньэлээх тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус. Илин эҥээр АПК киинэ манна олохсуйар, ол иһин Уопсастыбаннай сүбэ бастакы мунньаҕын Майаҕа ыытарга быһаарынныбыт. Куораты кытта тэҥнээтэххэ, тыа сиригэр олох таһыма намыһах буолан, ону өрө тардарга үлэ барыахтаах. Улуустарга, нэһилиэктэргэ эдэр дьон үлэлии кэлэллэригэр сөптөөх услуобуйа тэрийэн, манна дьону олохсутарга, саҥа агротехнологияны туһанарга, үлэ миэстэтин тэрийэргэ, тыа сирин сарсыҥҥытын торумнуурга саҥалыы дьаһаныахтаахпыт. Мунньах түмүгүнэн уопсастыбаннас санаатын түмэн, өрөспүүбүлүкэ уонна бүтүн дойду таһымыгар туһалаах сокуоннары ылынарга, уруккулары көннөрөргө сүрүн тирэх буолуо», — диэтэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев.
Түмүккэ
Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон илин эҥээр, киин уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар уутуйан олороллор. Кэтэх хаһаайыстыбатыгар ынах-сүөһү иитэр дьону докумуоҥҥа киирэринэн, үлэтэ суох диэн суруйаллар, кинилэр биэнсийэҕэ тахсалларыгар үлэ ыстааһа эмиэ ааҕыллыбат. Ол иһин эдэрдэр уонна орто саастаах дьон тыа сиригэр хаалбаттар, оттон кырдьаҕастар сааһырдахтарына, ынахтарын эһэргэ күһэллэллэр. Төһө да харыһыйбыттарын, хараастыбыттарын иһин. Куоракка үөрэнэ, үлэ көрдүү, саҥа олох оҥосто барбыт эдэр дьон төрөппүттэригэр төннүбэттэр. Онон тыа сиригэр көлүөнэ ситимэ быстан, төрүт дьарыгы салгыыр, ынах-сүөһү көрөр киһи суоҕун кэриэтэ.
Дьиҥэр, куоракка улуустан киирбит дьон барыта халыҥ харчыны таптаабытынан баһар үлэлээх-хамнастаах буолбатах. Өскөтүн сүөһү төбөтүнэн ый ахсын хамнас төлөөтөхтөрүнэ, түптээх үлэтэ суох, эбэтэр кыра хамнастаах дьон тыа сиригэр тахсан, хаһаайыстыба тэринэн, кыаҕыран, нэһилиэк сис ыалын ахсаанын биллэ элбэтиэ этилэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru