Ааспыт өрөбүлгэ Чурапчы улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин күнэ ыытылынна. Министиэристибэ салайааччылара, исписэлиистэрэ түөрт бөлөххө хайдыһан, улуус нэһилиэктэрин барытын хабардыы сырыттылар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-миниистир Петр Алексеев салайааччылаах сүрүн бөлөх үлэтин Мугудайтан саҕалаата. Манна астыыр-үөллүүр кэмбинээт үлэтин турарын көрдүлэр уонна “Чурапчы” кэпэрэтиип бородууксуйатын амсайдылар. Ыалдьыттар онтон Төлөйгө тиийэн, эдэр фермер Артур Адамов сүөһү иитэр ферматын көрдүлэр. Кини – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бааһынай Егор Адамов уола, быйылгыттан аҕата туттарбыт комплексын илиитигэр ылан үлэлээн эрэр. Миниистир хамаандата салгыы Хайахсыкка гаас эбийиэктэрин, Хайахсыт уонна Чакыр икки ардынааҕы суолу көрдө. Онтон уруккута Эрилик Эристиин аатынан сопхуос киин уһаайбатыгар, Дириҥҥэ, сопхуос үбүлүөйдээх дьаһалын тэрийэр хамыыһыйа сүбэ мунньаҕар сырытта. Петр Алексеев Чурапчы орто оскуолатыгар улуус аграрнай хайысхалаах оскуолаларын дириэктэрдэрин мунньан олорон кэпсэттэ.
Миниистир солбуйааччылара Татьяна Осипова, Афанасий Семенов, Николай Петров салайар бөлөхтөрө Сылаҥ, Хадаар, Мугудай нэһилиэктэриттэн саҕалаан, хас сылдьыбыт сирдэрин ахсын дьаһалта, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин, олохтоохтору кытта тыа сирин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Бөлөхтөр Одьулууҥҥа түмсэн, Михаил Михайлов “Комплекс” бааһынай хаһаайыстыбата уонна агротехникум хайдах үлэлии-хамныы олороллорун илэ көрөн-истэн билистилэр.
Күн иккис аҥаарыгар улуус нэһилиэктэрин баһылыктарын кытта көрүстүлэр. Доҕордуу көрсүһүү салгын саатынан ытыыга, ханаат тардыһыыга уонна волейболга күрэхтэһиинэн түмүктэннэ. Министиэристибэ үлэһиттэрэ, күнү быһа хонтуораҕа олорор дьон диэтэххэ, спорт куттаах чурапчылары үс көрүҥҥэ үһүөннэригэр үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө хоппуттара соһуччу буолла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ онон тоҕус томтордоох Чурапчыга чахчы күннээн кэллэ.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Анна Сергучева (ТХМ пресс-сулууспата) суруйуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ.