Сарсын СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) “Агробырамыысыланнас комплексын үлэһиттэрин социальнай өттүнэн өйүүр миэрэлэр тустарынан” төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.
Онон сибээстээн, РФ АПК үлэһиттэрин идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Борис Николаев кылгастык маннык санаатын үллэһиннэ:
— Сарсыҥҥы “төгүрүк остуолга” тыл биэрдэхтэринэ, икки боппуруоска санаабын үллэстиэхпин баҕарабын. Ол курдук, фермердэр, бааһынай хаһаайыстыбаларын, аҕа ууһун общиналара уо.д.а. бэйэлэрин бородууксуйаларын туттаран баран, ол бородууксуйаларыттан страховой нолуоктарын төлөөбөттөрө баар суол. Оччоҕо бу үлэһиттэр биэнсийэҕэ тахсаары гыннахтарына туохтара да суох буолар.
Иккиһинэн, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнастара өрөспүүбүлүкэ, дойду да үрдүнэн ыллахха саамай намыһаҕын бары билэбит. Кинилэр социальнай көмүскэлээх буолууларыгар турар бэйэлэрэ хаалар курдуктар. Холобура, геологтар, хоту үлэлиир силовой структуралар, айылҕа харыстабылын үлэһитэрэ уо.д.а. судаарыстыба суотугар страховкалаахтар эбээт. Оттон тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кыра хамнастаахтар, ыарахан усулуобуйаҕа үлэлииллэр (сылгыһыттар, булчуттар, балыксыттар эҥин) даҕаны, ыарахан усулуобуйаҕа үлэлииллэрин иһин туох да чэпчэтиилэрэ суох, толуйуулары ылбаттар. Ол иһин үгүстэрэ доруобуйаларыгар оҕустараллар. Оттон атын салаалар үлэһиттэрин страховой усунуостарын судаарыстыба төлүүр. Дьиҥэ, биһиги, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туруу үлэһиттэрэ дойду, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйаллар. Социальнай өттүнэн өйөбүл мөлтөх буолан, эдэр ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии кэлбэт буолла. Онон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар туруу үлэһиттэрбитин бары өттүнэн кыалларынан өйүөххэ. Чэгиэн доруобуйалаах, уһун үйэлээх, туруктаах олохтоох буолалларыгар кыһаныаҕыҥ!
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: интэриниэттэн