Тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ эбиллэн иһэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар 2018 сылтан саҕалаан, араас бырагыраамаларга тирэҕирэн, тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутуута күүскэ барда.

Сүүс уонна онтон элбэх ыанар ынахтаах 10 бөдөҥ хаһаайыстыбалардаах буоллахпытына, күн бүгүн барыларыгар кэриэтэ мэхэньисээссийэлээх улахан хотоннор тутулуннулар. «Мастаах» кэпэрэтиипкэ кэлим тутуу ыытыллар. Ол курдук, 240 сүөһү турар хотонноро, арыы сыаҕа, 200 кв м. иэннээх гараас тутулуннулар, аны дьоҕус буойуна тутуллуохтаах. «Кыргыдай» уонна «I Күүлэт» кэпэрэтииптэргэ эмиэ аныгы улахан хотоннор дьэндэйдилэр.
Быйыл түөрт улахан хараас тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. “Тыымпы” кэпэрэтиип тутууну саҕалаата, «Мастаах» кэпэрэтиип бүтэрдэ, «Халбаакы» кэпэрэтиип тутта сылдьар. Халбаакыга сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар Гаврил Павлов эмиэ саҥа эбийиэк туттар. Билигин тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы департамена тутуу ороскуотун толуйар бырагырааманы оҥоро сылдьар.
2018-2019 сс. бааһынай хаһаайыстыбалар уонча хотону үлэҕэ киллэрбиттэригэр, улуус көмөтө төһүү күүс буолбута. Холобур, 25 миэстэлээх хотон тутуллар буоллаҕына, улуус 250 тыһ. солк. көмөлөһөр, ол эбэтэр, улуус бэйэтин бүддьүөтүттэн биир миэстэҕэ 10 тыһ. солк. көрөр. Быйыл биир хаһаайыстыба, икки нэһилиэк субан сүөһүгэ хотон тутууга сайаапка түһэрдилэр. Ол аата быйыл бүддьүөттэн Хампа, Бөтүҥ бааһынай хаһаайыстыбалара 25-тии миэстэлээх хотоннору тутталларыгар, 200 миэстэлээх субан хотонун тутууга үбүлээһин көрүллүөхтээх.


Бүлүүттэн Николай Куприянов,«Саха сирэ»edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0