Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит дьон биэнсийэтигэр эбии төлөбүр ааҕыллыаҕа
2019 сылтан биэнсийэ систиэмэтигэр элбэх уларыйыылар киириэхтээхтэр. Киһи мунаарара үгүс. Ааҕааччыларбытыттан ыйытыылары хомуйдубут.
Ыйытыыларга РФ Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэрэ биэнсийэни аныыры, хаттаан ааҕары, төлүүрү тэрийэр отдел начаалынньыга Анастасия Кычкина уонна социальнай төлөбүр отделын начаалынньыгын солбуйааччы Максим Саввин эппиэттииллэр.
Ыйытыы: Владимир Путин тыа сиригэр олорор биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр олохтонуо диэн эппитэ. Ол олоххо хаһан киирэр?
Эппиэт: 2019 сыл тохсунньутуттан тыа сиригэр олорор биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр олохтонуо. Бу кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсыбыт страховой биэнсийэлээхтэргэ бигэргэммит төлөбүр 25% үрдүөхтээх.
Саха сирин олохтоохторо бу эбии төлөбүрү ылалларыгар маннык усулуобуйалаах:
1. Тыа хаһаайыстыбатыгар сорох дуоһунастарга 30 сыл ыстаастаах.
2. Тыа сиригэр олохсуйан олорор.
3. Үлэлээбэт.
Ханнык идэлээх, дуоһунастаах дьон бу төлөбүрү ылалларын уонна үлэлээбит кэми ааҕыы быраабылатын Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕа быһаарар.
Билиҥҥи кэмҥэ Арассыыйа Биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата маннык төлөбүргэ хапсар дьон испииһэктэрин чуолкайдыыр. Барыллаан ааҕыы быһыытынан, 2800 кэриҥэ киһиэхэ үрдэтии ааҕыллыан сөп. Бу үрдээһин 1333 солк. 55 харчыга тэҥнэһиэҕэ. 2019 сыл балаҕан ыйыгар диэри хаттаан ааҕыы (перерасчет) бука барыларыгар оҥоһуллуохтаах.
Өскөтүн биэнсийэлээх хат ааҕарга эбии докумуоннары 2019 сыл бүтүөр диэри аҕаллаҕына, эбии төлөбүр бу сыл тохсунньутуттан ааҕыллар. Оттон кини 2019 сыл ахсынньы 31 күнүттэн хойутаатаҕына, хаттаан ааҕыллыбыт биэнсийэтин кэлэр ыйтан ылан барар. Маны учуоттаан, докумуоннары эрдэ аҕалар оруннаах эбит.
РЕДАКЦИЯТТАН: Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов этэринэн, бу үс ирдэбилгэ сөп түбэһэр киһи аҕыйах эбит. Холобур, Ньурба куорат буолан, манна олорор киһи хапсыбакка хаалар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2800 кэриҥэ киһи ылыан сөп диэн кини эттэ. Онон Ил Түмэн дьокутааттарыгар бу боппуруоһу хос көрдөрөн, уларытарга, эбэтэр олох да устан кэбиһэр наадалаах диир Георгий Михайлович.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru