Тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатыгар эһиил 12,4 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. Бүгүн Ил Түмэн XXXI уочараттаах пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн ылыннылар.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан ыйаах таһааран турар. Бу ыйаахха этиллэринэн, тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин сылтан сыл эбиллэн иһиэхтээх уонна көдьүүстээх буолуохтаах. Ону сэргэ бу эйгэҕэ саҥа механизмнар киирэн биэрбиттэрэ.

Ол курдук, бу эйгэҕэ эһиил 12,4 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. Ити быйылгы сыллаах бүддьүөтү кытары тэҥнээтэххэ, 485 мөлүйүөн солкуобайынан үрдүк.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэлиэтииринэн, эһиилги сылга тыа хаһаайыстыбатыгар хаһааҥҥытааҕар элбэх үбүлээһин көрүллүбүт.

– Тыа хаһаайыстыбатыгар ханнык да сылга маннык үбүлээһин көрүллэ илигэ. Ил Дархан Айсен Николаев этиитинэн, норуот дьокутааттара сокуон барылын иккис ааҕыытыгар киллэрбит уларытыыларын бырабыыталыстыба барытын учуоттаата. Ону сэргэ Ил Дархан быһаарыытынан, тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматын инвестиционнай хайысхатыгар эбии 1 млрд солкуобай көрүлүннэ. Бу харчы сайылыктары, хотоннору, оҕуруот аһын хаһаанар сирдэри, о.д.а. тутууга туһуланыаҕа, – диэн бэлиэтиир Алексей Ильич.

Биэҕэ анаан 3000 солкуобай көрүллүөҕэ. Ити былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх. Онон аҥаардас олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга олохтоох бүддьүөккэ 6,5 млрд солкуобай барыаҕа. Уопсай түмүккэ тыа хаһаайыстыбатыгар эһиил 13 млрд солкуобайтан тахса үбүлээһин көрүллүөҕэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0