Тыа дьонугар абыраллаах аахсыйа

11.01.2019
Бөлөххө киир:

Тааттаҕа, Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр, “Куттала суох дьиэ” үтүө санааланыы аахсыйа чэрчитинэн үлэ салҕанар.


        

Улуустааҕы 32-с  №-дээх баһаарынай этэрээт  начаалынньыгын солбуйааччы Иван Рахлеев иһитиннэрбитинэн, бастатан туран, анал хамыыһыйа тэриллэн, баһаартан сэрэтэр, өйдөтөр, сүбэлиир-амалыыр үлэни күүһүрдэргэ хас да төгүллээн мунньахтаабыттар. Тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга үтүө санаанан ыытыллар үлэҕэ көмө, өйөбүл буолалларыгар анаан суруктар ыытыллыбыттар. Маннык хамсааһыны өйөөн предпринимателлэр: Василий Сысолятин (“Электротовары” маҕаһыын), Николай Мурунов (“Уют” маҕаһыын) уот ситимин тардарга наадалаах тэрилинэн, электропроводынан көмөлөспүттэр.

Онтон бу өрөбүл күннэргэ Ытык Күөл олохтооҕор, элбэх оҕолоох ийэ Татьяна Егорова дьиэтигэр улуустааҕы 32-с  №-дээх баһаарынай этэрээт  уонна доброволецтар күүстэринэн үлэ ыытылла турар. Алексей Пономарев, Любомир Сыромятников, Георгий Федоров уонна Иван Рахлеев уот ситимин уларыталлар. Маныаха уоту тардыы үлэтэ улахан эппиэтинэстээҕинэн, бу үлэҕэ монтердар уонна анаан үөрэнэ сылдьар дьон практикаларын бара таарыйа көмөлөһөллөрүн бэлиэтииллэр.

Санатан эттэххэ, бу үтүө санаа чэрчитинэн үлэлээччилэр өссө сэтинньигэ, 70-нун ааспыт ытык кырдьаҕас Григорий Моттуев дьиэтигэр уот ситимин уларыппыттар, оһоҕун абырахтаабыттар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ бу курдук көмөлөһөр үлэ салҕаныаҕын, тиһиктээх буолуоҕун И.Ф.Рахлеев бэлиэтээн этэр.

Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0