Бырайыагынан салайыы маҥнайгы хараҥаччылара билиннилэр. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ Ил Дархан Егор Борисов салайааччылаах киин бырайыак кэмитиэтин дьүүлүгэр икки бырайыагы киллэрбитэ иккиэн аастылар.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бастакыта “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сир аһын соҕотуопкалааһыны уонна астааһыны сайыннарыы” диэн бырайыак “Ягоды Якутии” ХЭУо көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Бырайыагы олоххо киллэрдэххэ, Саха сирэ 2018 сылга тиийэн Азия – Чуумпу Акыйаан түбэтигэр сытар дойдуларга уонна Казахстаҥҥа сир аһыттан астаммыт 120 мөл. солкуобайга диэри суумалаах бородууксуйаны атыыга таһаарар буолуоҕа. Маныаха 15 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыа уонна быстах кэмҥэ 3 тыһ. кэриҥэ киһи үлэнэн хааччыллыа, бүддьүөт бары таһымыгар нолуоктартан 781 тыһ. солкуобай киириэ диэн суоттууллар. Онон 700 кв. миэтэрэттэн итэҕэһэ суох иэннээх кластеры тутуу уонна сөптөөх кадрынан хааччыйыы соруга турар.
Иккис бырайыак – “Кэпэрээссийэҕэ тирэҕирэн Мындаҕаайы сэлиэнньэтин кластерынан сайыннарыы”. Болугур нэһилиэгин дьаһалтата Чурапчы улууһун дьаһалтатын иһинэн тэриллибит оробуочай хамыыһыйалыын көмөлөөн оҥорбут инвестбырайыактарын улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Матвеев билиһиннэрдэ. Бырайыак олохтоох оҥорон таһаарыыны көҕүлээн, тыа сирин ыалларын дохуоттара үрдүүрүн ситиһэр сыаллаах. Ол туһуттан Мындаҕаайы үлэһит дьоно үс сыл иһигэр 225 гектар иэннээх бааһынаны сөргүтэргэ, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһини аныгы ирдэбилгэ таһаарарга, 150 ынах ыанар сайылыгын, 500 туонна хортуоппуй, оҕуруот аһын уурар-харайар эбийиэги, 100 гектардаах нүөлсүтүллэр тиһиги, 200 төбөҕө сылгы икки базатын, 5 туонна кыамталаах үүттэн астыыр модульнай сыаҕы, тутуу матырыйаалын бэлэмниир дьоҕус собуоту уонна эдэр исписэлиистэргэ толору хааччыллыылаах 10 дьиэни тутарга соруктаналлар. Ону сэргэ 120 миэстэлээх оскуола дьиэтин тутуу көрүллэр.
Егор Борисов уонна кэмитиэт чилиэннэрэ Болугур нэһилиэгин сайыннарыыга туһуламмыт инвестбырайыагы биһирээтилэр итиэннэ олоххо харгыһа суох киллэрэллэригэр баҕа санааларын биллэрдилэр. Мындаҕаайыга аҕыйах сыллааҕыта олохтоох производственнай кэпэрэтиип сүөһү иитэр аныгы улахан комплексы туттарбыта. Онон бу бырайыак чиҥ тирэхтээх итиэннэ баҕа санаа хоту барыта табылыннаҕына, Саха сирин атын нэһилиэктэригэр уопут, модель быһыытынан тарҕанар тосхоллонуоҕа.
Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru