Тыаҕа саамай түбүктээх, быһаарыылаах кэмнэр

Ааптар: 
01.05.2020
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов 1 Маайынан эҕэрдэлиир:


Ытыктабыллаах тыа сирин олохтоохторо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агропромышленнай комплексын үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ!

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аатыттан итиэннэ тус бэйэм ааппыттан эһигини 1 Маай, Үлэ уонна Сандал Саас бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ! Ыам ыйын кэтэһиилээх бырааһынньыктааҕы күннэрэ, тыа хаһаайыстыбатын биир саамай эппиэттээх, элбэҕи быһаарар түбүктээх кэмнэригэр түбэһэллэр. Ол – сааскы ыһыы хампаанньатын саҕаланыыта.

Быйылгы ыһыы үлэтэ коронавирус дьаҥынан сибээстээн ураты уустук уонна улахан эппиэттээх кэмҥэ ыытылларынан бааһынаҕа, тэпилииссэҕэ үлэлиир күндү дьоммутугар санааларын көтөҕөр истиҥ-иһирэх тыллары аныахпын баҕарабын. Эһиги күүстээх санааҕыт бу мэһэйдэртэн иҥнибэт, мэлдьи буоларын курдук, сааскы ыһыы үлэтин кэмигэр уонна технологиятын толору тутуһан ыытар соруктаах оҥосто-тэринэ сылдьаҕыт. Ити иһин эһиэхэ бука барыгытыгар махталбын биллэрэбин! Эһиги бэриниилээх, үтүө суобастаах үлэҕит, төрөөбүт дойдуга муҥура суох тапталгыт түмүгэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үрдүк хаачыстыбалаах, экология өттүнэн ыраас, сибиэһэй аһынан-үөлүнэн хааччыллабыт. Эһиги үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэргит, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылааккыт өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар. Күн бүгүн эһиги доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин курдук, инники кирбиигэ сылдьаҕыт.

Үлэ сөптөөх, табыгастаах усулуобуйатын тэрийэргэ кыһанар АПК тэрилтэлэрин, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин салайааччыларыгар уонна бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктарыгар эмиэ махтал тылларын аныыбын. Үлэҕит эһиэхэ дуоһуйууну аҕаллын, ситиһиигит өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылаат буолуохтун.

Эһиэхэ, эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, саҥа үрдэллэри, саҥа кыайыылары баҕарабын. Күн-дьыл үтүө, үүнүү өлгөм буоллун.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0