Бүгүн, бэс ыйын 21 күнүгэр, нуучча биллэр суруйааччыта Александр Твардовскай төрөөбүтэ 110 сыла буолар.
1953 сыллаахха от ыйын 30 күнүттэн атырдьах ыйын 4 күнүгэр диэри Саха сирин суруйааччыларын үһүс сийиэһэ буолбута. Саха сирин салалтатын уонна суруйааччыларын сойууһун ыҥырыыларынан биллиилээх бэйиэт Александр Твардовскай кэлэн кыттыыны ылбыта.
Кинини кытта ССРС Суруйааччыларын сойууһун Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Даниил Романенко уонна Украина бэйиэтэ Петр Дорошко кэлэ сылдьыбыттара.
Бу бэлиэ тэрээһини биллиилээх суруйааччы Михаил Тимофеев-Терешкин сиэнэ, кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Усов-Элгээйскэй “Саха сиригэр” биэрбит хаартыската туоһулуур. Ону Дмитрий Усов ийэтэ Татьяна Михайловна харыстаан баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит. Көстөрүн курдук, оччотооҕу саха бастыҥ айар куттаах дьоно аатырбыт суруйааччы Александр Твардовскайы кытта түспүттэр.
Бастакы кэккэҕэ сиргэ олороллор: Платон Семенов, поэт Сергей Васильев-Борогонскай, Николай Мординов-Амма Аччыгыйа, Сергей Зверев-Кыыл Уола, «Евгений Онегины» тылбаастаабыт Гавриил Макаров-Дьуон Дьаҥылы, олоҥхоһут Николай Степанов-Ноорой.
Иккис кэккэҕэ хаҥастан уҥа олороллор: Прокопий Андросов-Дьоҥку Сээн, төрдүс Александр Твардовскай, Саха сиринээҕи партия обкомун I сэкирэтээрэ Семен Борисов, олоҥхоһут Екатерина Иванова, Михаил Тимофеев-Терешкин, Баһылай Протодьяконов-Кулантай.
Үһүс кэккэҕэ тураллар: Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап, Юрий Шамшурин, Софрон Данилов, Валерий Чиряев, Алексей Бэрияк, Николай Габышев, Николай Якутскай, Семен Данилов, Иннокентий Эртюков, Михаил Доҕордуурап, Исай Никифоров.
Төрдүс кэккэҕэ тураллар: Ефрем Сивцев-Таллан Бүрэ, Гавриил Вешников-Баал Хабырыыс, Серафим Кулачиков-Эллэй, Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон, Степан Ефремов, Николай Заболоцкай-Чысхаан, Степан Саввин-Күн Дьирибинэ.
Бу сийиэс «буржуазнай националистар» диэн ааттаммыт Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа уонна Николай Неустроев айымньылара буортулаахтар, баартыйа бэлиитикэтин утараллар диэн хамсааһын кэнниттэн буолбута.
Бу туһунан оччотооҕу хаһыат маннык суруйбута:
“Кэнники сылларга советскай общественность саха сорох литератордарын айымньыларыгар баар кэккэ алҕастары уонна сыысхаллары ыйбыта. Итиниэхэ “Правда” хаһыат 1951 сыллаах ахсынньы 10 күнүгэр тахсыбыт “Саха литературатын историятын табатык сырдатар иһин” диэн ыстатыйата уонна партия Саха уобаластааҕы комитетын бюротун “Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан” диэн уурааҕа сүҥкэн суолталаахтар. Ити докумуоннарга Георгий Башарин “Саха үс реалиһа-сырдатааччыта” диэн антимарксистскай буржуазнай-националистическай кинигэтэ саралыы тардыллыбыта”.
Биллэрин курдук, бу хамсааһыннар түмүктэригэр история куруһуогар сылдьыбыт Василий Яковлев-Далан, Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ уонна Афанасий Федоров НКВД хаайыытыгар түбэспиттэрэ. Оттон Георгий Башарин научнай истиэпэннэрин соппуттара, баартыйаттан уһуллубута уонна Семен Даниловы кытта педагогическай институттан үлэтиттэн тохтообута.
Уон сыл буолан баран биирдэ, 1962 сыллаахха, «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн баартыйа обкомун быһаарыытынан, Башаринтан буржуазнай национализмҥа уорбалааһыны устубуттара уонна үтүө аатын төннөрбүттэрэ.
Александр Твардовскай олоҕор эмиэ үчүгэйэ суох кэмнэр этилэр. «Новый мир» сурунаалга көҥүл ис хоһоонноох ыстатыйалары таһаарбытын иһин кинини сүрүн эрэдээктэртэн устан кэбиспиттэрэ.
Көрсүһүү кэмигэр саха суруйааччылара киниттэн «националистар» айымньыларын салгыы хайдах гыналларын туһунан ыйытыыларыгар, Твардовскай, туораттан бу кыһалҕа туһунан этэрим ыарахан, ол да буоллар, «Хотугу сулус» уус-уран сурунаалы салгыы сайыннарыҥ диэн сүбэлээбитэ.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru