Туустаах шахта абырыа дуо?

Ааптар: 
16.11.2020
Бөлөххө киир:

Ыарахан дьаҥҥа хаптаран баран үтүөрүүгэ туох көмөлөһүөн сөбүй? Ыалдьан үтүөрбүт дьон салгыы Абалаахха, олохтоох санаторийдарга эмтэниэхтэрин сөп дииллэр. Оттон өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр ханна барыахха сөбүй?

edersaas.ru

Белоруссияҕа Солигорскай диэн куоракка туус шахтата баар. Солигорскайдааҕы спелеологическай балыыһаҕа   эмтэнэ кэлбит дьону (дьиҥэ, санаторийга майгынныыр)  420 миэтэрэ дириҥҥэ таһаҕас лиибинэн түһэрэн, туустаах шахта иһигэр эмтииллэр. Үөһээ балыыһаҕа араас процедуралары ылыаххын сөп. Күн аҥаара балыыһаҕа эмтэнэҕин. Тас дойдуттан кэлбит киһи биир процедураны босхо ылар этэ, атына төлөбүрдээх. Манна сауна, бассейн, фитобаар кытта баар.  Доруобуйаҥ чөлүгэр түһэригэр үрдүк кылаастаах пульмонологтар көрөллөр-истэллэр. Бастакы күн шахтаҕа түһэрбэттэр, дэҥтэн-оһолтон сэрэхтээх буолуу быраабылатын үөрэтэллэр. Онтон иккис күҥҥүттэн хааныҥ баттааһына, сүрэҕиҥ нуормаҕа эппиэттиир буоллаҕына, шахтаҕа киирэргин көҥүллүүллэр.

Эбиэт кэнниттэн шахтаҕа эмтэнээччилэри улахан анал оптуобустар тиэйэн илдьэллэр. Төбөҕөр кааска, анал таҥас кэтэҕин. Уочаратынан лиибинэн түһэрэллэр. Дьону быраас, сиэстэрэ арыаллыыллар. Шахта иһигэр эмтэнэр сиргэр киирэн баран үөһэттэн кэтэн киирбит таҥаскын, атах таҥаһын уларытаҕын. Манна хас биирдии палаатаҕа түөртүү миэстэҕэ бэстэн оҥоһуллубут ороннор,  туумбалар, олоппостор бааллар. Палаатаҥ иһэ уонна бу эмтэнэр сир истиэнэтэ, муостата барыта туус. Ол курдук, шахта иһигэр сылдьар кэмҥэр тууһунан тыынаҕын. Тыынарга чэпчэки, салгына ыраас, сөбүгэр тымныы соҕус буолан утуйарга олус үчүгэй. Хайаан да утуталлар. Ону тэҥэ тыыныы гимнастикатын анал тириэньэр киирэн оҥотторор, дьарыктыыр. Уонна термоска итии уулаах, чэйдээх киирэҕин. Ол итии ууну остолобуойга термоскын биэрдэххинэ кутан биэрэллэр. Кыратык аһыыр өйүөлээх буоларыҥ ордук.

Доруобуйаларын бөҕөргөтүнээччилэр бириэмэлэрэ сир анныгар биллибэккэ ааһарын туһугар араас спортивнай тэрил эрэ толору. Дьэ, хаалыыктаах хаамыынан дьарыктанааччыларга хаамарга уһуна-киэҥэ табыгастаах. Хастыы эмэ эргиири оҥороллор. Сорохтор футболлууллар, бильярдыыллар, саахыматтыыллар, тэлэбиисэр көрөллөр. Уопсайынан, чөлүгэр түһэргэ усулуобуйа барыта баар. Шахтаҕа түүҥҥү симиэнэ эмиэ баар, онно дьон киирэн утуйан баран сарсыарда тахсаллар.

Тууска ордук астмалаах, үгүстүк тымныйар дьон эмтэнэллэр эбит. Биллэн турар, путевка сыаната олус чэпчэки буолбатах. Ол эрээри доруобуйа туһа киһини ханна тиэрдибэтэҕэ баарай! Тустаах балыыһа саайтыгар киирэн, ирдэбиллэри, сыананы билсиэххитин сөп.

 Женни Стрюкова edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0