«Туундара» устуудьуйа сахалыы ойуулуктары оҥорор

12.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартысканы Артем Яковлев тиксэрдэ.

Күн бүгүн Саха сиригэр сахалыы саҥарар, ыллыыр-туойар ойуулуктар баар буоллулар. Оҕолор ойуулуктары көрөн, төрөөбүт төрүт тылларын сүмэтин сүрэхтэригэр-быардарыгар иитиэхтииллэрэ саарбаҕа суох. Ол курдук, Дьааҥы Баатаҕайыттан төрүттээх, олоҕун омоон суолларын дьааҥылыы, хотулуу тута сылдьар, хоту дойду астыгын, илбиһин билбит, дьүкээбил суһумун анныгар улааппыт дэгиттэр сайдыылаах ыччат, 3D — худуоһунньук Артем Яковлевы кытта көрсөн кэпсэттибит. Кини “Туундара” анимационнай устуудьуйа аатыттан кэллэ.

— Артем, эн туох үөрэхтээххиний?

— Мин бастакы үөрэҕим – инженер, иккиһим – информатика учуутала. Ол эрээри, сыыппара дизайныгар бэйэм үөрэммитим. Киһи үрдүк таһымнаах, элбэх билиилээх – көрүүлээх, сатабыллаах буолуон баҕарар буоллаҕына, күннэтэ үөрэнэ сылдьыахтаах. Идэбин олус күүскэ таптыыбын.

— «Туундара» хайдах төрүттэммитэй? Үлэ хайдах, хаһан саҕаламмытай?

— Үлэбит былырыыҥҥы сайынтан саҕаламмыта. Биһиги салайааччыбыт, устуудьуйаны төрүттээччи, режиссер Александр Моруо оҕолорго интэриэһи тардар ойуулук оҥоруохха диэн идиэйэни эппитэ. Көннөрү буолбакка, кинилэргэ доҕор буолар дьоруойдардаах уонна оҕолорго чугас, бэркэ билэр эйгэлэрин сырдатар ойуулук оҥоруохха диэбитэ. Бу кэнниттэн «Тымныы Оҕуhа» сценарий төрөөн – үөскээн тахсыбыта. Оттон кэлин интэриэстээх дьон элбээн, “Туундара» устуудьуйа аһыллыбыта.

— Билиҥҥи туругунан хас үлэ таҕыста?

— Устуудьуйа төрүттэммитин кытта тута «Һөҕүҥ» арт – биидьийэни таһаарбыппыт. Оттон муус устарга – «Тымныы оҕуһа” диэн кылгас миэтэрэлээх 3D — ойуулук тахсыбыта.

— «Тымныы Оҕуһа” туһунан кэпсээ эрэ…

«Тымныы Оҕуһа» ойуулукпутун Торонтоҕа норуоттар икки ардыларынааҕы ImagineNATIVE киинэ бэстибээлигэр алтынньы 17-22 күннэригэр көрдөрбүппүт. Бэстибээл сыанатыгар ойуулугу устуудьуйа дириэктэрэ  Александр Моруо билиһиннэрбитэ. Саха мультига киэҥ эйгэҕэ тахсыыта, аан дойду үрдүнэн 70 финалист иһигэр киириитэ улахан ситиһии дии саныыбын. ImagineNATIVE Film +Media Arts Festival  аан дойду үрдүнэн биир бөдөҥ киинэ уонна олохтоох норуоттар медиа-ускуустубаларын көрдөрөр бэстибээл буолар. Аан дойду араас норуоттарын киинэлэригэр, видео, араадьыйа, ону сэргэ саҥа медиа үлэлэригэр анаммыт бэстибээл буолар.

— “Муҥха” диэн саҥа ойуулугу сотору көрөбүт?

— Оннук. Саҥа ойуулук Ньукку диэн кыыс устуоруйатын, ону таһынан, муҥха үгэнигэр мүччүргэннээх сырыыларын көрдөрүөҕэ. Кыһыҥҥы кэллиэксийэттэн бу иккис ойуулукпут буолар. Кэнники барытын биир куйаарга (вселенная) ситимниэхпит, холбуохпут. Ойуулук сүрэхтэниитэ бу кыһын “Саха» НКИХ-ҕа буолуоҕа.

— Устуудьуйаҕыт, хамаандаҕыт туһунан кэпсиэҥ дуо?  

— «Үлэ кыбаартала” креативнай кластер резиденнэрэ буолабыт. Бу олус үчүгэй кыах диэххэ наада. Бу кластер — элбэх дьоҕурдаах, ураты көрүүлээх, араас барайыактар тула үлэлиир дьон мустубут сирэ. Манна биир интэриэстээх дьону булуохха, ситимнэһиэххэ сөп. Ол курдук, биһиги тыаһы – ууһу устар устуудьуйаны кытта номнуо үлэлэһэ сылдьабыт. Кинилэр биһиэхэ «Муҥха” ойуулук тыаһын оҥороллор.

Хаартысканы Артем Яковлев тиксэрдэ.

— Тыл – өс өттүнэн хайдах үлэлиигит? Саха тылын исписэлиистэрэ үлэлэһэллэр дуо?

— Түөрт киһиттэн турар сценарнай бөлөхтөөхпүт. Бары араас таһымнаах, уопуттаах дьоннор. Саха култууратыгар улахан интэриэстээхтэр. Биллэн турар, уустук боппуруостарга исписэлиистэри хабан эмиэ үлэлиибит. Биһиэхэ дьиэтээҕи эйгэ: холку тыыннаахпыт. Биһиги контеммыт билим хайысхалаах буолбатаҕын санатыахпын баҕарабын.

— Үлэҕит сүрүн идиэйэтэ тугуй?

— Үлэбит сүрүн сыалынан анимацияҕа Хотугу сир култууратын баайын, эгэлгэтин билиһиннэрии уонна Саха сиригэр анимация индустриятын сайыннарыы буолар. Ойуулуктары оҥорорбутун астынабыт. Ону өссө төрөөбүт тылбытынан айарбыт бэртээхэй буолбаат?

— Артем, эн 3D — худуоһунньуккун. Бу идэ сүрүн ыарахаттара уонна көдьүүһэ?

— Бу идэҕэ урут ханна да үөрэппэттэр этэ. Мин 35 саастаах буоллахпына, бу хайысхаҕа уопутум 20 сыл буолар. Бүгүҥҥү туругунан син биир каадырдар тиийбэттэр. Ол иһин, биһиги 3D — исписэлиистэр элбииллэрин туһуттан үөрэх куурустарын тэрийдибит. Үчүгэй өрүтэ: бу курдук идэ өрүүтүн өрүүтүн оруннаах, инникилээх буолуоҕа дии саныыбын.

— Инники сыаллар – соруктар, былааннар?

— Эппитим курдук, кыһыҥҥы кэллиэксийэни салгыыбыт. «Таҥха” диэн үһүс ойуулукпут тахсыаҕа. Бу манна бастакы уонна иккис ойуулуктарбыт дьоруойдара көрсүөхтэрэ.

Ойуулук үрдүк суолтата

Өрөспүүбүлүкэбитигэр 2022 сылтан бэттэх оҕоҕо аналлаах сахалыы ойуулуктары (мультиктары) элбэхтик көрөр буоллубут. Бу – салалта оҕо төрөөбүт тылынан иитиллэр эйгэтин кэҥэтиигэ болҕомто уурбутун бэлиэтэ эрэ буолбакка, маннык уустук хайысхаҕа кэмниэ кэнэҕэс үлэлиэн баҕалаах, кыахтаах уонна таһымнаах исписэлиистэр кэлбиттэрин бэлиэтэ.

Төрөөбүт тылы туруулаһааччылар сахалыы ойуулуктар оҕоҕо сабыдыаллара күүстээҕин үгүстүк бэлиэтииллэр. Ол курдук, хаһан эрэ Николай Павлов – Халан санаатын кытта үллэстибитин өйдөөн хаалбыппын. Москубаҕа карачаай-балкаар омук култууратын киинигэр сылдьан көрбүт — истибит биир көрдөөх түгэни кэпсээбитэ. «Ойуулуктары бэйэлэрин тылларынан саҥардар кырачаан устуудьуйалаахтар, онно атын омуктар эмиэ кэлэн оҥоттороллор эбит. Онно үлэлиир кыыс кэпсиир: «Үстээх-биэстээх оҕолорум арай абхаазтыы кэпсэтэллэр. Хайдах-хайдаҕый диэбитим, онтум дьиэбэр аҕалбыт абхаазтыы диискэлэрбин көрөллөр эбит. Сатаатар биһиэхэ түүрдэргэ наһаа ыарахан, сорох тыллара биир да аһаҕас дорҕооно суох тыл ээ», – диэн эппитэ.

Кырдьык, бу мантан ойуулук тылы биллэрэр күүс үрдүгэ көстөн кэлэр. Ону таһынан, төрөөбүт тыл кыһалҕата глобальнай буолбута көстөн кэлэр. ХИФУ дассыана, саха литературатын хаапыдыратын уһуйааччыта, дьон – сэргэ ахтар – саныыр киһитэ Баһылай Бырдьахаанап «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ -тылыгар» диэн олус чаҕылхайдык бэлиэтээн турар. Бу этииттэн хас биирдиибит арааһы өйдүөн сөп. Ол эрээри, биир санаа чуолкай: саха киһитэ тылын туруулаһар сыала дьэҥкэ буолуохтаах. Билигин араас хамсааһыннар үөскээн эрэллэрэ, энтузиастар көхтөөхтүк үлэлииллэрэ сүрэҕи үөрдэр, сүргэни көтөҕөр. Тылбыт туһугар – иннибит диэки!

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0