Тутууга саҥа технологияны туһаналлар

30.08.2016
Бөлөххө киир:

Быйыл бэс ыйын 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка Россия бырайыактааччыларын уонна изыскателлэрин национальнай холбоһуктарын көҕүлээһининэн, аныгы BIM-технология бырайыакка “төгүрүк остуол” буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куорат чинчийэр уонна бырайыактааччы тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, тутууга саҥа технологиялары интэриэһиргиир инженердэр кытыннылар. «Төгүрүк остуол» түмүгүнэн, РФ бырайыактааччыларын, изыскателлерин холбоһуктара (НОПРИЗ) өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта тутуу инженериятын сайдыытыгар административнай мэһэйдэри кыччатыыга, итиннэ сөптөөх сокуону, ирдэбили саҥардан оҥорууга анал Сөбүлэһии түһэрсибитэ.

139-с сериялаах дьиэлэр оннуларыгар

Төгүрүк остуолга» тутуу бырайыагын оҥорооччулар судаарыстыбаннай былаас уорганнарын, сакаасчыттары кытта биир таһымҥа үлэлээн, саҥа объектары үлэҕэ киллэриигэ сүрүн оруолу ылыахтаахтара бэлиэтэммитэ.

1970-1980-с сс. эргин 139-с сериялаах 12-лии кыбартыыралаах дьиэлэри далааһыннаахтык тутан үлэҕэ киллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин нэһилиэнньэтэ, ордук хоту улуустар, дьиэнэн-уотунан хааччыллыбыттара. Билигин бу дьиэлэр туһаныллар болдьохторо ааһан, айгыраан эрэллэр. Дьиҥэр, бу улахан социальнай боппуруос.

Кириисис дэниллэр кэмҥэ ити тутуулар оннуларыгар кылгас кэмҥэ таас дьиэлэри дьэндэтэр кыаллыбата биллэр суол. Тутар да буоллахха, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн улаханнык хаарыйар туруктаах.

139-с сериялаахтар оннуларыгар саҥа технология ньыматын туһанан саҥа дьиэни туттахпытына уонна саҥа тутуу тыйыс усулуобуйаҕа толору эпиэттиирин ситистэхпитинэ эрэ хоту улуустары дьиэнэн хааччыйар кыахтаахпыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ тимир тулааһыннаах (ЛСТК) дьиэлэри тутууну балай эмэ олоххо киллэрэн эрэллэр.

Тыйыс усулуобуйаны учуоттуохха

Саха сиригэр ханнык баҕарар саҥа ньыманы олоххо киллэриигэ бастаан утаа тыйыс усулуобуйабыт хайаан да учуоттаныллыахтаах.

МОНО-строй” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Еремей Баин: «Тыйыс усулуобуйаҕа сөптөөх ньыманы толкуйдаан олоххо киллэрдибит. Дьиэ тимир тулааһына туруоруллубутун кэнниттэн таһынан итиини тутар сэндвич-панелинэн бүрүйэбит. Ол эбэтэр дьиэ туох баар тимирэ “сылаас саҕынньаҕынан» сабыллан, сылаас тахсыбат, тымныы киирбэт буолар. Маннык ньымаҕа тимир тулааһын (дьиэни уйар), сэндвич-панель (сылааһы тутар аналлаах) тус-туһунан таҥылланнар, бэйэлэрин тус сыалларын толороллор.

Бу ньыма дьиэни тутууну олус судургутутар уонна түргэтэтэр. Үсүһүнэн, манна майгынныыр тимир тулааһыннаах ньымалартан сыаната 1,35 төгүл чэпчэки. Таас тутуу туһунан этэ да барыллыбат», – диэн кэпсиир.

Саҥа ньыма номинация кыайыылааҕа

МОНО-строй” ХЭУо саҥа ньыма бырайыагын 2009 сыллаахха бэлэмнээбитэ. Ону 2010-2012 сс. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 100-тэн тахса эргэ хочуолунайы саҥардан оҥорууга уонна оҥорон таһаарар объектары тутууга туһаммыта.

Салгыы олорор дьиэлэр, социальнай объектар бырайыактарын бэлэмнээбиттэрэ. Түргэнник тутар ньымаҕа икки бырайыактара 2015 сыллаахха Россия үрдүнэн тутуу бырайыагын идэлээхтэригэр ыытыллыбыт “Бастыҥ инновационнай бырайыак” куонкуруска Эконом- кылаастаах олорор дьиэ бастыҥ бырайыаганоминацияҕа бастакы миэстэ, “Үөрэх эйгэтигэр бастыҥ бырайыакноминацияҕа үһүс миэстэ буолбуттара. Бу кыайыылар тэрилтэ саҥа ньыманы олоххо киллэриигэ сөптөөх суолу тутуһан иһэрин толору туоһулаатылар.

Уус Ньараҕа саҥа ньыманан

Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр эргэ дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн, «МОНО-строй» ХЭУо үстүү мэндиэмэннээх 13 дьиэ бырайыагын оҥорбутуттан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр «Стройкон” ХЭУо (салайааччы Иван Полушкин) 2014 сылтан 2015 сылга диэри 7 дьиэни тутан үлэҕэ киллэрэн, 2016 сыл төрдүс кыбаарталыгар диэри 6 дьиэни үмүрүтэр былааннаах. Эрдэ үлэҕэ киирбит 7 дьиэ тыйыс тымныылаах Өймөкөөн кыһынын толору тулуйбут. 2017 сылга бөһүөлэккэ саҥа ньыманан түөрт дьиэ тутуллара быһаарыллан, хайы-үйэ үлэтэ саҕаламмыт. Дьиэ тас эркинин сылааһы тутар матырыйаалын халыҥа бырайыак быһыытынан (минеральнай билиитэ) 25 см буолуохтааҕын, бырайыактааччылар уонна тутааччылар даҕаны, үлэлэрин уопуттарыгар олоҕуран, ититэр матырыйаал халыҥа 20 см даҕаны буолуон сөбүн туруорсаллар. Оччоҕуна тутуу матырыйаалын сыаната биллэрдик чэпчиэ этэ.

Манна даҕатан этэр буоллахха, тимир тулааһыннаах дьиэни тутууга атын ньыма быһыытынан, дьиэ эркинин 35 см, онтон үрдүн уонна аллара (муостатын) өрүттэрин 45-50 см халыҥнаах сылааһы тутар матырыйаалынан бүрүйэллэр. Аны дьиэ конструкцията уустук, холобур, дьиэ эркинэ 10-ча араас матырыйаалтан, тус-туһунан элеменнертэн оҥоһуллар. Сылааһы тутар сыалга матырыйаал ороскуота үрдээн, конструкция уустугуран тимир тулааһыннаах, түргэнник таҥыллар дьиэ сыаната таас тутууттан улахан араастаһыыта суох буоларыгар тириэрдэр.

МОНО-строй» ХЭУо “Каркасно-Панельная Система” ньыматынан олорор дьиэлэри таһынан оскуолалары, уһуйаан дьиэлэрин, кулууптары, спортивнай саалалары, уо.д.а. тутуулары бырайыактаан олорор. Олортон биирдэстэринэн, үөһэ этэн аһарбытым курдук, Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр 2014 сылта 2016 сыл бүтүөр диэри 13 дьиэ үлэҕэ киириэҕэ. Салгыы өссө тутуллуохтааҕа былаананан, үлэ ыытылла турар.

СӨ Уопсастыбаннай палататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ бочуоттаах тутааччыта Иван Горохов:

Хоту улуустарга таас дьиэни тутуу мантан инньэ өссө уустугуруо. Онон саҥа технологияны баһылаан, тимир тулааһыннаах дьиэни тутууну олоххо күүскэ киллэриэхпитин наада. Оччоҕуна эрэ хоту улуустарга олорор нэһилиэнньэни хаачыстыбалаахтык тутуллубут сылаас дьиэнэн хааччыйыахпыт. Онуоха «МОНО-строй» ХЭУо сөптөөх суолу тутуһан үлэлээн эрэрэ махталлаах дьыала.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0