Тутуу маһын сыаната

24.05.2017
Бөлөххө киир:

Билигин Дьокуускай атыы-эргиэн дьиэлэригэр, анал маҕаһыыннарга мас матырыйаал суоҕун кэриэтэ.

Ньукуолунтан сайын кэлбитинэн ааҕыллар. Дьиэ-уот туттарга бары өттүнэн тоҕоостоох кэм саҕаланна. Билигин даачалаах, сир учаастактаах дьон дьиэ туттар түбүгэр умса түстүлэр. Ол эрээри, былырыын күһүн эбэтэр кыһын атыылаһан хааччынан кэбиспиттэр эрэ тутууну саҕалаабыттара биллэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Холобур, «АЛМАС» ХЭУо-ҕа батарар-атыылыыр отделга эрийэн билсибиппитигэр, матырыйааллара адьас суоҕун кэриэтэ. Тиит бурууһу куубун 12 тыһ. 500 солк, түөрт уоннаах былаахыны куубун 10 тыһ. 920 солк атыылыыбыт диэтилэр. Бэс буруус уонна былаахы суох. Уу суола аһылыннаҕына, Витимтэн кэлиэхтээх диэтилэр. Сыаната төһө буоларын билигин чуолкай этэр кыахтара суох, тиэйии ороскуота төһө буоларын көрөн баран, ааҕыахпыт диэн эттилэр.
Оттон «Металл-торг» ХЭУо-ҕа тутуу мас матырыйаала эмиэ суоҕун кэриэтэ. Манна сыана уруккуттан арыый да удамыр буолар. Билигин бэс буруус биир куубун сыаната 10 тыһ. 500 солк эрээри, атыыга суох. Эмиэ уу суолунан кэлиэхтээҕин күүтэллэр. Кэлэр нэдиэлэ ортотун эргин билсээр диэтилэр. Сыаналара төһө буоларын эмиэ бу диэн быһаччы эппэтилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка 1 куб. м буруус, ортотунан, 12000 солк. тэҥнэһэр. Дьиҥэр, сыананы иркутскайдар быһаараллар дииллэр. Олохтоох хампаанньалар бу диэн быһаарына иликтэрэ көстөр.
Ыам ыйын 22 күнүгэр быйылгы навигация былааҕа көтөҕүллэн, бастакы суудуна кэлбитэ. Мантан инньэ тутуу матырыйаалларын күүскэ аҕалыахтара.

Саха сирин мас матырыйаалынан икки ырыынак хааччыйар

Саха сирин мас матырыйаалынан икки ырыынак хааччыйар. Ол курдук, олохтоох уонна Иркутскай уобалас хампаанньалара. Икки ардыларыгар күүстээх күрэстэһии баар. Иркутскайдар бурууһу, былаахыны, хаптаһыны өрүс пуордугар баар анал техническай учаастакка атыылыыллар. Кинилэр матырыйаалы уу суолунан Иркутскай уобаластан аҕалаллар. Сүрүн магнатынан бэйэтэ флоттаах, улахан базалардаах Владимир Трачук диэн бизнесмен буолар. Аны туран, кини анараа кыахтаах инвестордааҕа биллэр. Олохтоох атыылааччылар этэллэринэн, сүрүн сыала-соруга – Саха сирин ырыынагын баһылааһын. Тоҕото биллэр. Үтүмэн үп-харчы эргийэр, киирэр буоллаҕа.
Билигин Дьокуускайга мас матырыйаалы атыылыыр хампаанньа ахсаана бачча диэн этэр кыаллыбат. Сезон саҕаланыыта, ортотунан, үс-түөрт саҥа хампаанньа аһыллан үлэлиир буоллаҕына, күһүөрү үскэ тиийэр тэрилтэ моҥкуруут барар дииллэр. Тоҕо манныгый? Саҥа саҕалаан эрэр предприниматель мас матырыйаал ас бородууктатын курдук эргэрэрин билбэт диэн өр сыл үлэлээбит уопуттаах бизнесменнэр быһаараллар. Мас тимир курдук уһуннук сытар кыаҕа суох. Уһуннук сытта да – эргэрэр. Холобур, сезон саҕаланыыта үчүгэйдик барбата да, эһиилигэр хайдах да атыыламмат эбит. Арай, сыанатын икки төгүл түһэрдэххэ эрэ атыыланар. Мас матырыйаал сыл иһигэр хаачыстыбата уларыйар: аһара хатан эрийэ барар, үөн сиир.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0