«Дыгын оонньуулара»: тутум эргииргэ Алексей Уваровскай 64-тэ эргийэн кыайда
05.12.2020
Бүгүн уонна сарсын, ахсынньы 5-6 күннэригэр, Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» успуорт комплексыгар «Дыгын оонньуулара» ыытыллаллар.
Иккис түһүмэх — туту эргиирэ:
1 миэстэ — Алексей Уваровскай — 64
2 миэстэ —Леонид Филиппов — 60
3 миэстэ — Артем Варданян — 59
«Дыгын оонньууларын» хас даҕаны төгүллээх кыайыылааҕа, тириэньэр Иван Белолюбскай күрэхтэһээччилэргэ маннык сыанабылы биэрдэ:
— Уолаттарга көрөөччүлэр ыһыылара-хаһыылара тиийбэт. Күрэхтэһэн ыгылла сырыттахха, биир дойдулаахтарын, көрөөччүлэрин итэҕэллэрэ күүс-көмө буолааччы. Томпоттон Алексей Протодьяконов биллэ эбиллибит, быһыы-таһаа мааны буолбут.
Виктория Бястинова, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1