Тутуллубут киһини кырбаабыт участковай сууттанна

Ааптар: 
23.05.2017
Бөлөххө киир:

Хомойуох иһин, полиция үлэһиттэрин ортотугар эписиэр чиэһин түһэн биэрэр, хара мэҥ түһэрэр сотрудниктар бааллар. Биир оннук полицейскайга суут уурааҕа таҕыста.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Суут быһаарбытынан, 2015 сыл алтынньы 12 күнүгэр Дьокуускай куорат полициятын биир участковай пуунугар тутуллубут киһини аҕалбыттар.

Маныаха ыстаарсай участковай бииргэ үлэлиир киһитигэр буруйу арыйыыга көмөлөстөҕө аатыран уонна тутуллубут киһини билиннин диэн, сокуоннайа суохтук илиилэригэр наручниктары кэтэрдэн баран, сиргэ сытарыгар күһэйбит.

Ол кэнниттэн сиргэ сытар киһини аҕыста электрошоковай тэрилинэн оҕустаран, иһин, көхсүн эчэппит.

Нэдиэлэ буолан баран, бу эмсэҕэлээбит киһи участковай пууҥҥа массыына ыытар быраабын дастабырыанньатын ыла кэлбит. Онуоха, өлүү түбэлтэлээх, били ыстаарсай участковай баарыгар түбэспит — полицейскай бу киһи кинини салалтаҕа үҥсүбүтүн билэр буолан, көрөөт, илиитинэн-атаҕынан тэбэн-охсон, сиргэ охторон түһэрбит.

Суут мунньаҕын кэмигэр кырыктаах участковай буруйун билиммэтэх эрээри, оҥорбут буруйа толору дакаастаммыт.

Суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 286-с ыст. 3-с чааһын «а», «б» пууннарынан, ол эбэтэр, анал сириэстибэлэри уонна күүһү туттан туран, дуоһунас боломуочуйатын аһара барыыга, буруйдааҕынан билинэн, 5 сыл көҥүлүн быһары усулуобунайынан аахсан, 3 сыл тургутар болдьоххо уурбут.

Бу туһунан РФ силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0