Уопсастыба

Тутар этэрээттэр киин сиргэ барыахтара суоҕа

Ил Дархан социальнай ситимнэргэ ыыппыт быһа эпииригэр ыччаттар кэккэ ыйытыыны биэрдилэр.

edersaas.ru

Ол курдук, «устудьуоннар тутар этэрээттэрэ үгэс быһыытынан дойду эрэгийиэннэригэр баран үлэлиэхтэрин сөп дуо?» диэн ыйытыыга Ил Дархан Айсен Николаев:

Билигин сыстыганнаах дьаҥ өрө туруутунан сибээстээн, дойду куораттарын устун төттөрү-таары кэлии-барыы хааччахтанна. Онон тутуу этэрээттэрэ быйыл ханна да барбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтигэр үлэлиэхтэрэ. Биһиэхэ бэйэбитигэр да үлэбит элбэх. Онон  тутар этэрээттэри үлэнэн хааччыйыахпыт, — диэн  хоруйдаата.

Хаартыска интэриниэттэн.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

0
0
Telegram Whatsapp

Добавить комментарий