Быйыл Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ (УТЭ) тэриллибиттэрэ биэс уон сыла бэлиэтэнэр. Бүгүн, бу өрөгөйдөөх үбүлүөйү көрсө, устудьуоннар этэрээттэрин бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1970-1980-с сылларга УТЭ Саха сиринээҕи этэрээтин хамыһаара, Хотугулуу-Илиҥҥи университет профессора, СӨ үөрэҕириитин, РФ үрдүк үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, “Норуоттар доҕордоһуулара” уордьан кавалера Иннокентий Сивцеви кытта сэһэргэһэбин.
Эркээйи охсооччулар
Дойдуга бастакы тутар этэрээти 1958 с. Москватааҕы университет физикаҕа факультетын хомсомуоллара тэриммиттэрэ. Нөҥүө сылыгар этэрээт 339 байыаһа Казахстаҥҥа кырыс сири туһаҕа таһаарыыга тиийэн үлэлээбитэ. 1969 сыллаахха ЫБСЛКС Киин Кэмитиэтин иһинэн БСУТЭ (ВССО) киин ыстааба тэриллэн, ыччат социалистическай хамсааһынын биир им бэлиэтинэн буолан бүтүн дойду үрдүнэн тэнийбитэ. Ол курдук, 1970 с. УТЭ-нэн 300 тыһ. устудьуон хабыллыбыт буоллаҕына, 1980 с. бу сыыппара 800 тыһ. тиийбитэ.
Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрин тэрийии икки киһи – СГУ парткомун сэкирэтээрэ Степан Татаринов уонна историческай салаа үһүс кууруһун устудьуона Николай Назаров — аатын кытта быһаччы ситимнээх. Ол курдук, 1967 сыл ахсынньы 27 күнүгэр устудьуоннар тутар этэрээттэрин тэрийиигэ сэттэ киһилээх ыстаабы олохтуур туһунан СГУ парткомун быһаарыыта тахсыбыта. Степан Спиридонович, бу иннинэ хомсомуолга үлэлээбит буолан, устудьуон аймах ис дууһатын, түмсүүлээҕин, кыаҕын иһиттэн үчүгэйдик билэрэ, онон бу кэскиллээх хамсааһын тэнийиэҕэр бигэ эрэллээҕэ. Тутуу техникумун бүтэрбит, идэтинэн хас да сыл үлэлээбит Николай Назаров ыстаап салайааччытынан ананыыта эмиэ түбэһиэхчэ буолбатах этэ.
Кинилэри сэргэ тутуу этэрээттэрин хамсааһына өрөспүүбүлүкэҕэ тэнийиитигэр, ССРС үрдүк үөрэҕин кыһаларын бастыҥ ыччата Саха сирин экэниэмикэтин сайдыытыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрсибитигэр оччолорго хомсомуол обкомун бастакы сэкирэтээрэ Николай Соломов уонна УТЭ уобаластааҕы ыстаабын хамандыыра Новомир Зайцев улахан өҥөлөөхтөрүн бэлиэтиир тоҕоостоох.
Суол солооччулар
1968 с. Саха университетыгар (СГУ) биэс этэрээт тэриллибитэ: “Аргыс-68” (ИФФ), “Маарыкчаан-68”, “Софим-68” (ФМФ), “Горняк-68” (ИТФ) уонна “Сатурн-68” (ТХФ). Онно “үлэ семестринэн” 206 устудьуон хабыллыбыта. Биир бэйэм бастакы этэрээттэр ааттарын испэр манньыйа истэбин – оччотооҕу кэм ыччаттара үлэҕэ, үрдүккэ өрө күүрүүлэрин тыынынан илгийэргэ дылы.
Бастакы этэрээттэр үлэлэрин чиэстээхтик толорбуттара. Социалистическай куоталаһыыга “Маарыкчаан-68” кыайыылааҕынан ааттаммыта. “Горняк-68”, “Сатурн-68” иккис, үһүс буолбуттара. Ону кытта үлэни тэрийиигэ итэҕэс-быһаҕас баара биллибитэ. Холобур, “аргыстары” ыҥырбыт тэрилтэлэрэ сөптөөх олорор, үлэлиир усулуобуйанан кэмигэр сатаан хааччыйбатаҕа, ол үрдүнэн устудьуоннар күүскэ туруорсан, сүүрэн-көтөн соруктарын ситэрбиттэрэ, ханнык да үлэттэн чаҕыйбаттарын, бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллээхтэрин көрдөбүттэрэ. Оттон үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит “софимнар” сопхуос эдэр суоппарын буруйунан суол быһылааныгар түбэһэн, биир байыастарын сүтэрбиттэрэ, онон куоталаһыыттан туоратыллыбыттара… Онтон ыла сакаасчыттары кытта сибээһи эрдэттэн олохтооһун, үлэ дуогабарын тутуһуу кытаанах хонтуруолга ылыллыбыттара, үлэҕэ куттал суох буолуутун ирдэбилэ кытаатыннарыллыбыта.
Күүстээх үлэ үөһүгэр
Күүстээх тэрээһин үлэ түмүгэр, СГУ тутар этэрээттэрэ үс сыл иһигэр сүһүөхтэригэр чиҥник турбуттара. Ону маннык сыыппаралар кэрэһилииллэр: 1968 с. УТЭ-гэр 206 ыччат үлэлээбит буоллаҕына, үс сылынан, 1972 с., кинилэр кэккэлэрэ 644-кэ диэри хаҥаабыта; 1968 с. – 151,6 тыһ. солк., 1969 с. – 333,4 тыһ. солк., 1970 с. – 920 тыһ. солк. суумалаах үлэ толоруллубута. Онон байыастар ахсаан өттүнэн үс төгүл элбээбит буоллахтарына, толоруллубут үлэ кээмэйэ алта төгүл улааппыта.
СГУ этэрээттэрэ күүстээх үлэҕэ уһаарыллан, сылтан сыл уопутуран испиттэрэ. 1971 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр үлэлээбит УТЭ-р бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи куоталаһыыларыгар “Аргыс-71” байыастара Москватааҕы энергетическэй институт, МГИМО этэрээттэрин кэнниттэн үһүс миэстэҕэ тахсаннар, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бочуот грамотатынан бэлиэтэммиттэрэ. Итиннэ, биллэн турар, киин үөрэх кыһаларын этэрээттэрин кытта уопут атастаһыыта, сыллата ыытыллар УТЭ слеттара, хамандыырдар, хамыһаардар, маастардар семинардара төһүү күүс буолбуттара.
Аҥаардас харчы эрэ “өлөрөр” туһугар буолбакка, төрөөбүт түөлбэбит, тапталлаах Сахабыт сирин туһа диэн санааны итии сүрэхтэригэр иитиэхтээн ахан сылдьар үтүөкэннээх сэбиэскэй көлүөнэ этэ эбээт, оччотооҕу устудьуон ыччат.
Онон бүгүҥҥү күн үрдэлиттэн тутар этэрээттэр таһаарыылаах үлэлэринэн киэҥ далааһыннаммыт патриотическай хамсааһыны төрүттээбиттэрэ диэн бэлиэтиирбит оруннаах.
Ону сэргэ, саҥаттан саҥа сири-дойдуну көрүү-билии, саҥа доҕоттору-атастары кытта билсиһии, таптал уотунан сарыалламмыт романтика эдэр дьону тутар этэрээттэргэ угуйара…
Устудьуон кыргыттар кыайбатахтара суоҕа
Тутар этэрээттэр үлэлэригэр кыргыттар эмиэ көхтөөхтүк кыттыбыттара. Кэрэ аҥаардар бастакы УТЭ-тэр кэккэлэригэр, сүрүннээн, астааччыларынан, быраастарынан, байыастарынан сылдьыбыт буоллахтарына, кэлин туспа кыргыттар этэрээттэрэ баар буолбуттара. Сүрүннээн, тутуу эбийиэгин нарылааһыҥҥа-ситэриигэ, кырааскалааһыҥҥа үлэлээбиттэрэ. Бастаан “Гаудеамус” диэн этэрээти омук тылын факультетын кыргыттара тэриммиттэрэ, онтон историктар, филологтар “Чайка” диэн этэрээттэммиттэрэ. Кэлин “Дьулуур” (ИФФ), “Остентус” (МЛФ) тэриллибиттэрэ. Устудьуон кыргыттар чахчы таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Ону үс байыас кыыс үрдүкү судаарыстыбаннай наҕарааданан бэлиэтэммитэ да туоһулуур.
Сахабыт сирэ чэчириирин туһугар
Олоххо дьулуурдаах, түмсүүлээх, бэһиэлэй саха ыччатын күүһүнэн тыа сирдэригэр сүөһү иитэр комплекстар, оскуолалар, кулууптар, олорор дьиэлэр кылбаһа дьэндэспиттэрэ. Күүстээх үлэни кытта дьүөрэлэһиннэрэн ыытыллар араас уопсастыбаннай, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр устудьуон аймаҕы билиини-көрүүнү хаҥатынарга, сатабылы сайыннарарга, үрдүк сыаллары ситиһэргэ угуйаллара-ыҥыраллара, тирэх-үктэл буолаллара.
ССРС IX, X, XI пятилеткаларын “ударнай” дэнэр дьоһун суолталаах тутууларыгар СГУ итиэннэ училищелар, техникумнар тутар этэрээттэрин түөрт аҥаар тыһыынча байыаһа өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээбитэ. Кинилэр БАМ, Удачнайдааҕы, Депутатскайдааҕы ГОК, Бүлүүтээҕи ГЭС, Аллараа Кураанахтааҕы (Алдан), Сарыылаахтааҕы (Өймөкөөн) фабрикалары, “Якутлесстрой” кэмбинээт, Мохсоҕоллоохтооҕу цемент собуотун баазаларын тутууга бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрсибиттэрэ. Саха сирин соҕурууҥҥу өттүнээҕи ТПК, Ленатааҕы пароходство, Дьокуускайдааҕы авиапорт, ГРЭС, ДСК, көтөр фабрикатын, Нерюнгри, киин куорат эбийиэктэрин, уулуссаларын тутуууга, оҥорууга устудьуон аймах көхтөөхтүк үлэлээн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ. Итини сэргэ, Уһук Илиҥҥэ балык собуотугар, халаантан эмсэҕэлээбит оройуоннары чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбиттэрэ.
IX пятилетка сылларыгар Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрэ 90 мөл. солк. суумалаах тутар-таҥар үлэни толорбуттара, 447 социальнай, култуурунай, олох-дьаһах, производственнай эбийиэги туһаҕа киллэрбиттэрэ.
Идэни толору баһылыырга
Устудьуон аймах үлэҕэ көхтөөҕө, төбөтө саҥа идиэйэлэринэн оргуйан олороро. Онон, тутууну таһынан, бэйэ идэтин баһылааһыҥҥа олук буолар хайысхалары тобулбута. Ол курдук, педагогическай, пионер баһаатайдарын этэрээттэрэ баар буолбуттара. Кэнэҕэски быраастар санитардар, эмтээх оту хомуйааччылар этэрээттэрин тэриммиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар отчуттар этэрээттэрэ үлэлээбитэ. ИТФ-га “Сами проектируем – сами строим” хамсааһыны доцент Юрий Буслаев иилээбитэ-саҕалаабыта. Ол түмүгэр “Адгезия” этэрээт Ленскэйгэ, Чернышевскайга, Сангаарга, Эдьигээҥҥэ арочнай тутуулары дьэндэппитэ. “Гастроэнтеролог” уонна “Селекция” научнай-чинчийэр этэрээттэри МЛФ-га профессор Ара Безродных, ТХФ-га профессор Афанасий Чугунов салайбыттара.
Эдэр саас доҕоро – эрэллээх доҕор
Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ норуоттар доҕордоһууларын туонатынан буолбута. Киин куораттартан кэлэр этэрээттэргэ Афганистан, Болгария, Боливия, Вьетнам, ГДР, Куба, Колумбия, Лаос, Мадагаскар, Никарагуа, Сирия, Эквадор ыччаттара бааллара. Белоруссия, Украина, Литва, Эстония, Молдавия, Армения, Киргизия, Таджикистан, Туркменистан устудьуоннара чахчы биир Ийэ дойду оҕолорун курдук олус диэн иллээхтик өрөспүүбүлүкэ араас тутууларыгар үлэлээн, норуоттар доҕордоһуулара хайдахтаах курдук модун күүс буоларын дьиҥ олоххо көрдөрбүттэрэ. СГУ устудьуоннара МНР-га, монголлар Саха сиригэр таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин билигин саныахха да астык.
Ыччат хамсааһынын инники күөнүгэр
Үлэҕэ-хамнаска үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Саха сирин тутар этэрээттэрин байыастара ССРС судаарыстыбаннай наҕараадаларынан бэлиэтэммиттэрэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ УТЭ-рин хамыһаара Иннокентий Сивцев “Норуоттар доҕордоһуулара”, “Чайка” этэрээт хамандыыра Любовь Захарова, өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап хамандыырдара Михаил Калугин, Василий Попов “Бочуот Знага” уордьанынан, Екатерина Серкина (“Гаудеамус”), Анатолий Судаков (Алданнааҕы политтехникум), Григорий Смирнов, Антонина Ефимова, Анна Павлова, Роман Охлопков “Үлэҕэ үтүөлэрин иһин”, Алексей Шишигин (“Аргыс”), Ирина Гололобова (“Гаудеамус”), Савва Вензель (художественнай училище), Валентин Анашкин (сибээс техникума) “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Сүүһүнэн бастыҥ байыас Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бочуот грамотатынан бэлиэтэммитэ. Бу биир өттүнэн Саха сирин тутар этэрээттэрин үрдүк ситиһиилэрин бүттүүн Сойуус таһымыгар билинии уонна сыанабыл бэлиэтэ буоллаҕа.
Бииргэ үлэлээһин дьолун сүрэххэ сөҥөрдөн
Устудьуоннар тутар этэрээттэригэр сылдьыбыттар дьиҥнээх доҕор диэн кимин бэркэ диэн билэллэр, “Бары биир киһи туһугар, хас биирдиибит барыбыт туһугар” этии ис дьиҥин эдэрдэриттэн эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, дьону кытта биир тылы булан, иллээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээһин сатабылын баһылаабыттара. Ол да иһин буолуо, тутар этэрээккэ буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт уолаттартан, кыргыттартан үгүстэрэ билигин дьоһун дьон буолан, норуот хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр ортолоругар бааллар дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар учууталлар, бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр салайааччылара, нэһилиэк, улуус баһылыктара, биллэр-көстөр урбаанньыттар, спортсменнар… Доҕор-атас дьону кытта сарын сарынтан өйөнсөн бииргэ үлэлээһин туохха да тэҥнэммэт дьолун сүрэхтэригэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьар дьон тутар этэрээккэ үлэлээбит кэмнэрин, тэбэнэттээх эдэр саастарын куруутун сылаас, истиҥ тылынан ахта-саныы сылдьыахтара.
Санаалар
Василий Каратаев, “Софим-72” тутар этэрээт хамандыыра, РФ булдун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ булчуттарын, балыксыттарын уопсастыбаларын сойууһун бочуоттаах чилиэнэ:
—Оскуоланы саҥардыы бүтэрбит эдэр дьоҥҥо тутар этэрээккэ үлэлээһин төһө да романтика курдугун иһин, олох бастакы оскуолатынан буолбута, итиэннэ түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах, өр сылларга доҕордуу буолууга бастакы олугу уурбута саарбаҕа суох. Ол туоһутунан этэрээт бары байыастара ааспыт түөрт уонтан тахса сыл устата бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсибэтэхтэрэ, былырыыҥҥыттан “батсаапка” бөлөх тэриммиттэрэ буолар.
Биир бэйэм аныгы олох сайдыытын тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, устудьуоннар тутар этэрээттэрин хамсааһына саҥалыы ис хоһооннонон, саҥалыы тыыннанан салҕана турарыгар баҕарабын.
Афанасий Мигалкин, “Аргыс-81” тутар этэрээт хамыһаара, СӨ Духуобунаска Академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
— Устудьуоннаабыт, СГУ биир бастыҥ “Аргыс” этэрээтигэр үлэлээбит сылларбын, олоҕум биир кэрэ кэмин быһыытынан, олус күндүтүк саныыбын. Билигин даҕаны улуустарга сылдьан Сэргэлээххэ бииргэ олорбут, “Аргыска” бииргэ үлэлээбит оҕолорбун көрүстэхпинэ. тирэхтээх курдук сананааччыбын.
Аны туран, уопсай үлэ дьону биир сыалга түмэр буолан, этэрээт байыастарын икки ардыларыгар туспа истиҥ сыһыан үөскүүр эбит. Ол иһин буолуо, “Аргыска” алтыһан ааспыт оҕолорбун арыт сытыы баҕайытык ахтан ылааччыбын, биһиги кэккэбитигэр суох эдэр сааһым доҕотторун суохтуу саныыбын…
Николай Горохов, “Маарыкчаан-68” этэрээт байыаһа, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
—Мин билигин даҕаны тэлэбиисэргэ, хаһыакка тутар этэрээттэр туһунан биэриини көрдөхпүнэ , ыстатыйаны аахтахпына, долгуйан ылааччыбын. Сахабыт сирин сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрсибит ыччат хамсааһынын саҕалааччыларын кэккэтигэр баарбыттан киэн тутта саныыбын.
Бииргэ үөрэммит оҕолорбутун кытта хам-түм көрүстэхпитинэ. тутар этэрээккэ үлэлээбит эдэр сааспыт үтүө күннэрин хайаан да санаһан-ахтыһан ылааччыбыт.
Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат
Хаартыскалар И.С. Сивцев архыыбыттан ылынылыннылар.