Тутааччылар албыннаабыт дьонугар хайдах көмөлөһүөхтэрэй?

Ааптар: 
31.07.2019
Бөлөххө киир:

Кистээбэккэ эттэххэ, кэлин дьиэ тутааччыларга албыннаппыт дьон аҕыйаҕа суох. Кинилэргэ судаарыстыба араас ньыманан көмөлөһөр. Быйылгы сылга итиниэхэ анаан 150 мөл. солк. көрүллүбүт. Эһиилгиттэн өссө анал фонд тэриллэн үлэлиэҕэ дииллэр.

edersaas.ru

Бүгүн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов кыттыылаах мунньах буолан ааста. “Суобаһа суох туттааччылартан эмсэҕэлээбит дьон боппуруоһа сытыы боппуруостартан биирдэстэрэ буолар итиэннэ тус бэйэм хонтуруолбар сылдьар. Дойду таһымыгар маныаха үгүс саҥаны киллэрии оҥоһуллар. Ол курдук, эрэгийиэннэргэ тутааччылартан эмсэҕэлээбит дьону өйүүргэ туһуламмыт фондалар тэриллиэхтэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ биир бастакынан сайаапкатын ыыппыта. Онон биир бастакынан үлэтин саҕалыырыгар эрэнэбит. Быйыл өйөбүл уруккулуу ньыманан барыаҕа, эһиилгиттэн — фонда нөҥүө”, — диэн иһитиннэрдэ.

Күн бүгүн фонда туһааннаах докумуона оҥоһулла сылдьар эбит. Маныаха үбүлээһин 8 бырыһыана эрэгийиэнтэн, 92 бырыһыана дойду хааһынатыттан көрүллүөҕэ. Итини таһынан, от ыйын 1 күнүттэн Наш.дом.РФ сайтка проблемалаах эбийиэктэр биир кэлим реестердэрэ ыйыллар буолбут. Ким баҕарар киирэн Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, Саха сиригэр ыытыллар тутуу туга кыаллыбатын, итэҕэһин билсэр кыахтаммыт.

Санатан эттэххэ, быйылгы сылга албыннаппыт дьон кыһалҕатын быһаарарга 150 мөл. солк. көрүллүбүт. Быһа холоон 500-чэкэ киһи туттааччылартан эмсэҕэлээбит ахсааныгар киирэр. Итинтэн 100-чэкэ киһи боппуруоһа быйыл быһаарыллыаҕа диэн ыйаллар. Кэлиҥҥи сылларга, уопсайа, 1600 кэриҥэ албыннаппыт киһи судаарыстыба өйөбүлүн ылбыт. “Өйөбүл араас ньыманан оҥоһуллар, ханнык эрэ эбийиэги атын тутааччыга бэриллэр, тутууну салгыырга ЖСК олохтооһун. Ону тэҥэ, хос атыыламмыт кыбартыыраларга социальнай төлөбүр механизма эмиэ баар”, — диэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ быһаарар. Кэлэр нэдиэлэҕэ мунньах салҕаныаҕа дииллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска – интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0