Тустуук Эдуард Григорьев Польша чөмпүйэнээтигэр кыайда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Польша Быдгощ куоратыгар спортивнай тустууга дойду чөмпүйэнээтэ буола турар. Күрэхтэһии балаҕан ыйыгар Сербияҕа ыытыллар аан дойду чөмпүйэнээтигэр бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕинэн буолар.

Чөмпүйэнээккэ Терезин куорат «LKS Mazowsze» тустуу кулуубун аатыттан Саха сирин тустууга оскуолатын иитиллээччитэ Эдуард Григорьев кытынна. Кини 2020 сыллаах Польша чөмпүйүөнүнэн буолар. Бэҕэһээ Эдуард бу ситиһиитин бигэргэтэн, дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ буолары ситистэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0