Тустуу холбоһуктаах эйгэтэ рейтиннээх турнирдар испииһэктэрин бигэргэттэ.
UWW тустуу хас биирдии көрүҥэр рейтиннээх тунирдары быһаарда. Ол курдук, көҥүл тустууга эр дьоҥҥо, дьахталларга рейтиннээх турнирдарынан буоллулар: “Иван Ярыгин” Гран-при (Красноярскай, Арассыыйа), “Дан Колов (Болгария), «Сассари Кап» (Сассари, Италия), «Яшар Догу» (Стамбул, Турция).
Греко-римскэй (классическай) тустууга — «Загреб Оупен» (Загреб, Хорватия), Венгрия Гран-при (Гиор, Венгрия), «Сассари Кап» (Сассари, Италия), Олег Караваев Кубога (Минскэй, Беларусь).
Рейтиннээх турнирдарга, Олимпийскай оонньууларга, аан дойду, континент чөмпүйэнээттэригэр, лицензиялаах күрэхтэһиилэргэ курдук, бөҕөстөртөн ыраас ыйааһын ирдэниллэр.
Роман Попов
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1