Тустуу быраабылата уларыйыа

Ааптар: 
10.01.2017
Бөлөххө киир:

Атыттары билбэтим, оттон биир бэйэм Риотааҕы Олимпиада тустууга күрэхтэһиитигэр судьуйалар үлэлэрин мөлтөҕүнэн сыаналыыбын. Судьуйалар бөлөхтөһөн баран сөбүлүүр хамаандаларыгар ыалдьаллара харахха быраҕыллар этэ. Атыттар да оннук санаалаахтар. Дьэ, ол иһин, инникитин сиэрдээх, чиэһинэй быһаарыыны ылар инниттэн билигин Тустуу аан дойдутааҕы холбоһуктаах түмсүүтүгэр (ОМБ-UWW) араас санаалар, этиилэр киирэллэр. Ону омук тустууга федерацияларын сайтарыттан билиэххэ сөп. Холобур, Болгария федерациятын сайтыттан (bul-wrestling.org).

Саҥа уларыйыылар тустарынан кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык:

Бастакытынан, аны тустууга хас биирдии хапсыһыыга ханнык судьуйалар көбүөргэ тахсан үлэлииллэрин анал компьютер быһаарар буолуоҕа.

Бу сөптөөх быһаарыы. Ханныгын да иһин, спорка судьуйалааһыҥҥа эрдэттэн куомуннаһыы, бэрик биэрии, “атыылаһыы” баар суол. Ону бопсор саамай сөп ньыманы тобулбуттар.

-Иккиһинэн, аны тустуу биир ыйааһыныгар күрэхтэһии икки күн ыытыллар буолуоҕа.

Ол аата, бөҕөстөр – күрэхтэһии икки күнүн сарсыардаларыгар ыйааһыннанар буолуохтара. Маннык систиэмэ урут баара. Оннооҕор, хотторуута суох иһэн, күрэхтэһии иккис-үһүс күннэригэр тиийэн сарсыарда ыйааһыннара тахсан хаалан, күрэхтэһииттэн хобдохтук туорааһыннар бааллара. Мин санаабар, бу саҥа киллэрии, бөҕөстөр аһара элбэх ыйааһыны түһэриниилэрин уонна саамай кылаабынайа, түргэнник урукку чөлгө киирэр инниттэн араас бобуулаах препараттары туһаныыларын бохсуоҕа.

-Үсүһүнэн, аны хапсыһыы кэмигэр бөҕөстөртөн хайалара да очукуо ылсыбатаҕына, киирсии 0:0 бүттэҕинэ – бөҕөстөргө иккиэннэригэр хотторуу биллэриллэр.

Онон сэрэйдэххэ, аны сэрэтии суох буолсу. Маннык түгэҥҥэ өскөтүн алта мүнүүтэҕэ бөҕөстөртөн хайалара да очукуо ылсыбатаҕына, эбии икки мүнүүтэ туһуннарыахха диэн этиилээхпин. Дьэ, онно туох даҕаны уларыйыы тахсыбатаҕына, бөҕөстөр иккиэн хотторуулааҕынан ааҕыллыахтаахтар.

Бу эмиэ чиэһинэй быһаарыы дии саныыбын. Судьуйалар куомуннастахтарына сэрэтиини кимиэхэ баҕарар, хайдах баҕарар биэрэллэр. Өйдөөҥ кэлиҥ, Хинчигашвили – Хигучи Олимпиада финалыгар киирсиилэрин. Грузин сэрэтиинэн эрэ кыайбыта. Итиннэ арай, сэрэтиини Хинчигашвилига биэрбит буоллуннар, кини болдьохтоох бириэмэҕэ баал ылыа этэ дуо?

Ылан көрдөххө, билигин албастаспакка, атыннык эттэххэ, үлэлээн баал ылбакка эрэ, аҥардас сэрэтиинэн, 1:0 ахсаанынан кыайыылар суох буолбатахтар.

-Өссө биир уларыйыынан, тустууктар ыйааһыннарын уларытар дуу, оннунан хаалларар дуу боппуруос көрүллүөхтээх.

Бу саҥа киллэриилэр тохсунньу ыйга көрүллүөхтээхтэр. Итиэннэ сыл иккис аҥарыгар биир эмэ күрэхтэһиигэ үөрэтиллэн көрөн баран, бүтэһиктээхтик бигэргэннэхтэринэ, 2018 сылтан олоххо киириэхтээхтэр. Саҥа уларыйыылары эһиги туох дии санаатыгыт?

Петр ПАВЛОВ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0