Норуот синоптига Тускул тохсунньуну саамай хараҥа, тымныы, Таҥха Хаан Айыы ыйа хайдах буолуоҕун улуустарынан билгэлээтэ.
— Мин быйылгы сылы сарсыарда эрдэ туран киин куоратым күөлүгэр сөтүөлээн саҕалаатым. Сөтүөлүүргэ бэртээхэй кэм турар.
Ааспыт 2023 сылга күн эстиитин муҥутуур чыпчаалын туораабыппыт. Ахсынньыга халлаан “умайбытын” бары билэбит. Онон былыр “сут, кураан дьылга халлаан кытара умайбыта” дииллэрэ олоххо баар чахчы. Ити сыллар кэннилэриттэн сэрии тохтоон, сут-кураан уҕараан, өҥ сыллар кэлэн барбыттара. Онон буоллаҕына, быйылгы сылтан ыла олохпут тупсан, сэрии тохтуоҕа диэн эрэл баар.
Тохсунньуга Үргэл Ыйы кытта алтыһыытын кэтээн көрөбүт. Тохсунньуну от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – куйаас. Тибии түстэҕинэ — от ыйыгар сөрүүн. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр.
Халлаан туруга — улуустарынан
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, бу эҥэргэ тохсунньу тымныы буолара сабаҕаланар. Ол эрээри бу ый I дэкээдэтэ сымнаһыар: күнүс -41С, -46С кыраадыс тымныы, түүнүн -51С, -55С. Кыраһа кэмчи.
II дэкээдэҕэ кыра сөҥүүлээх: күнүс -39, -43С кыраадыс тымныы, түүн: -45С, -50С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ — хаар олох суох. Күнүс-30С, -35С кыраадыс, түүн -37С -40С кыраадыс тымныы.
КИИН УЛУУСТАР:
Тохсунньу, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сымнаҕас. I дэкээдэҕэ кыра хаардаах, күнүс -41С,-40С кыраадыс, түүн -44С, -47С кыраадыс тымныы, кыраһа хаара кэмчи. II дэкээдэҕэ кыра сөҥүүлээх, күнүс -39, -43С кыраадыс, түүн -40С, -43С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүс-30С, -32С кыраадыс, түүн -37С -39С кыраадыс тымныы.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, тымныы. Дьэ, оттон I-II дэкээдэлэргэ кыра хаардаах. Бу ый I дэкээдэтэ биллэ сылаас. Күнүс -40С,-42С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С-45С. Кыра хаардаах. II дэкээдэҕэ күнүс -35, -38С кыраадыс тымныы, түүн -45С -40С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ хаара олох суох буолсу. Ол гынан баран, былыттаах буолан, улахан тымныы түспэт. Күнүс-27С, -30С кыраадыс, түүн -30С -35С кыраадыс тымныы.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу-арҕаа эҥэр бары улуустардааҕар тохсунньуга I-II дэкээдэлэргэ хаардаах. Ол эрээри былырыыҥҥытааҕар I-II дэкээдэлэргэ тымныы. Ый I дэкээдэтигэр, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сылаас: күнүс -28С,-32С кыраадыс, түүн -36С,-39С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс -28С, -30С кыраадыс тымныы, түүн -43С, -40С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүс -20С, -24С кыраадыс, түүн -27С — 29С кыраадыс тымныы.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Саха сирин саамай тымныы улууһа, Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн оройуонугар тохсунньу бастакы уон хонугар олус тымныы күн-дьыл турар. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -50С, -53С кыраадыс, түүн -54С-56С тымныы. II дэкээдэттэн “сылыйан” барар. Күнүһүн -39С, -40С кыраадыс, түүн -46С,-43С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -41С, -43С кыраадыс, түүн -45С, -48С кыраадыс тымныы.
ДЬААҤЫ УЛУУҺА:
Бастакы дэкээдэҕэ хаардаах курдук, онон урукку сыллардааҕар сымнаһыар. Бу ый I дэкээтигэр күнүс -41С,-48С кыраадыс, түүн -47С,-52С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс -42С,-45С кыраадыс, түүн -50С,-45С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ былыт кэлэр. Онон арыый да сымныыһы. Күнүһүн -40С, -43С кыраадыс, түүн -43С,-46С кыраадыс тымныы.
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигир эҥэр улуустарга тохсунньу ыйга бастакы уонна иккис дэкээдэлэргэ кыра хаардаах. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, арыый тымныы. Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс -40С-, 42С кыраадыс, түүн -45С, -48С тымныы. II дэкээдэ хаара суох, күнүс -42С,-40С кыраадыс, түүн -43С,-45С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүс -40С,-41С кыраадыс, түүн -44С,-46С кыраадыс тымныы.
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИИ:
Арктика эҥэр улуустарга тохсунньу бастакы уонна иккис дэкээдэлэригэр хаардаах. Бу ый I дэкээдэтигэр -32С,-36С кыраадыс, түүн -34С, -39С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүс -30С, -32С кыраадыс, түүн -36С,-34С кыраадыс тымныы. III дэкээдэҕэ күнүһүн -27С, -25С кыраадыс, түүн -30С-31С кыраадыс тымныы.
Бу ыйга күнүскү уонна түүҥҥү кыраадыстар араастаһыылара 10-15 кыраадыһынан тымныы буолла. Урукку сылларга ити араастаһыы 4-5 кыраадыс курдуга. Онон күнүс сылыйа түһэн баран, түүн улаханнык тымныйар буолла. Бу маннык көстүү кэлиҥҥи сылларга бэлиэтэнэ илик. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ол эрээри, хонон турдах аайы халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр. Онон тохсунньу ортотуттан биллэ сылыйыаҕа.