Бу күннэргэ батсаап араас бөлөхтөрүн дьоно ким ойбоҥҥо сөтүөлүүр, ким туманнаах сарсыарда хаамар хаартыскаларын бэйэ-бэйэлэригэр ыыталлара элбээтэ.
Онтон ойуччу, мин биир эрэ тиэмэҕэ — Тускул тымныы сарсыарда дьарыктана сылдьар хаартыскаларыгар тохтуохпун баҕарабын.
Бу хаартыскалар батсаапка ааспыт нэдиэлэни быһа «күүлэйдээтилэр». Ону көрөөт, үгүс киһи: «Тускул бу ханна маннык дьарыктана сылдьарый? Тымныыны итэҕэтээри, аны, бэйэтинэн кыһыны пропагандалыыр саҥа ньымата дуу? » — диэн суруйбут этилэрэ.
Ол иһин мин Тускултан бэйэтиттэн бу ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүм.
— Мин хаартыскаҕа анаан көрдөрүүгэ диэн түспэтэҕим. Уонтан тахса сыл устата сарсыарда эрдэ туран сүүрэбин. Миигин кытта командировкаларга бииргэ сылдьыбыт суруналыыстар кытта бигэргэтиэхтэрэ — ханна да буоллун, сарсыарда 5 ч. туран, 5-6 км сүүрэбин. Дьыл түөрт кэмигэр барытыгар. Тымныыга сүүрэр өссө үчүгэй. Сайын, күһүн сөтүөлүүбүн. Билигин куоракка олорор буолан, сүрүннээн, балкоҥҥа хаарынан соттобун, — диэн кэпсиир Тускул.
Куорат хаара, биллэн турар, кирдээҕэ чахчы. Ол иһин кыһын соттор хаарын Тускул төрөөбүт Чурапчытыттан аҕалтарар эбит.
— Икки куул хаар миэхэ биир кыстыкка тиийэр. Оттон командировкаҕа бардахпына, миэхэ — ырай олоҕо! Тыа сиригэр хаара ырааһа,салгына чэбдигэ, киһи эрэ дьарыктаныах курдук. Бу хаартыскалары соторутааҕыта табаарыһым Анатолий Попов Кэбээйигэ сырыттахпына түһэрбитэ. Онон сиһилии киниттэн ыйыталас, — диэн быһаарбыта Тускул.
— Тускулу «Саха» НКИХ үлэлии киириэхпиттэн билэбин. Кэбээйи Куокуйугар муҥхаҕа тиийэн баран биир сарсыарда, арай, киһим сүүрэ сылдьарын көрөн, олус соһуйдум. Аны мээнэ сүүрбэт, хаарынан суунар эбит! Мин соһуйан, суотабайбар түһэрбитим. Куоракка кэлэн баран «батсаапка ыытабын дуо?» — диэн көҥүллэппитим, — диэн кэпсиир Анатолий Ананьевич.
Анатолий Поповтуун кэпсэтэн баран Тускултан: «Батсаапка дьон күлүү оҥостуо диэн сэрэхэчийбэтэҕиҥ дуо?» — диэн ыйыппытым.
— Суруналыыс — публичнай киһи буоллаҕа. Уонна мин киһи айылҕаны бэйэтин этинэн-хаанынан билиэхтээх диэн санаалаахпын. Хомойуох иһин, биһиги, сахалар, дойдубут тымныытын олох туһаммаппыт. Оттон наукаҕа «криотерапия» диэн олус суолталаах термин баар. Омук сирдэригэр тымныы ньыматынан уонна көмөтүнэн дьону эмтээһин киэҥник туттуллар. Кинилэр камераны 30 кыраадыс тымнытан ылаллар уонна дьону 4-5 мүнүүтэ онно тутан эмтииллэр. Ити кэмҥэ тымныыттан киһи организма стресс ылар. Оччотугар ньиэрбэтин туочукалара ыарыыттан көмүскэнэр иммунитеты үөскэтэллэр. Ыарыйдаҕына эрэ эмтэнэр киһи үгүс. Дьиҥэр, доруобуйаны эрдэттэн бөҕөргөтөр ордук. Киһи үөрэнэн хаалар, өрүү дьарыктана сылдьан, биирдэ эмэ дьарыккын көтүтээри гыннаххына, тугуҥ эрэ тиийбэт, «ыһыллан» хаалар курдуккун. Онон мин дьон хаалыктаах хаамыынан (скандинавскай) үлүһүйбүтүн курдук, сотору кэминэн аны тымныы хаарга тахсан, атах сыгынньах сүүрүөхтэрэ диэн эрэллээхпин. Урут дьон төһө итинник хаамар этэй? Билигин эдэрдиин-эмэнниин хаамар буоллулар дии, — диэн санаатын үллэстэр сэһэргэһээччим.
— Оттон эйиигин дьон Тускул билгэлээбитэ туолбата, — диэн хомуруйарын туох дии саныыгын? —— диэн ыйыппыппар, Тускул бэрт олохтоох хоруйу биэрдэ:
— Санаан көр, доҕоор. Айылҕаҕа, син эмиэ күннээҕи олоххо курдук, охсуһуу бара турар. Дойду дойдунан, ыал ыалынан, эрдээх ойох, оҕо төрөппүттэрин кытта кыыһырсан ылалларын курдук, айылҕаҕа эмиэ сылаас тымныыны кытта эмискэ охсуһан, циклон кэлэн ааһар. Ол ардах дуу, хаар дуу, бытарҕан тымныы буолан биһиэхэ дьайар. Холобур, төрөппүт оҕотун кытта билигин этиһиэм диэбэккэ сылдьан, туохтан эрэ тымтан турар. Айылҕаҥ да эмиэ оннук. Хантан эрэ эмискэ салгын салгыны кытта охсуста да, циклон кэллэҕэ ол. Онон хайдахтаах да билгэһит сарсын хаар түһүө, өйүүн хайаан да сылыйыа диэбэт. Мин да ол тэҥинэн халлаан туругун интэриниэт нөҥүө ааҕан-суоттаан, урукку сыллары үөрэппит сылыктарбын кытта тэҥнээн көрөн этэбин. Интэриниэти көрөөт, бу нэдиэлэҕэ оннук, сарсын маннык диэбэппин. Мэлдьи тэҥнээн көрөрбүн миигин өрүү истэр киһи билэр, — диэн кэпсиир Тускул.
— Эн бу күннэргэ сир аайы тымныйбытыгар, билгэлээбитим туолла диэн үөрэҕин аҕай дуу? — диэн ыйыппыппар, Тускул эппиэтэ эмиэ бэлэм буолан биэрдэ:
— Ааспыт нэдиэлэ саҥатыгар биир тэрээһиҥҥэ Саха тыйаатырыгар көрсүбүт дьонум сүгүн хаамтарбатахтара: «Хайа, Тускул, тымныыҥ ханна барда? Дьэ, тымныы, туман түһүө диэбитиҥ аҕай. Баара суоҕа отуттан тахса кыраадыс дии! Онуоха мин: «Өрөбүллэргэ тымныйыа диэбитим. Көрөөрүҥ бу өрөбүл күннэргэ: халлаан сылыйар дуу, тымныйар дуу»,— диэн. Бу нэдиэлэ саҥатыгар көрсүбүт дьонум да, батсаапка да: «Тускул тымныыны билгэлээбитэ кэллэ», — диэччи үгүс. Дьэ, онно мин сөхпүтүм: «Эдэр саас» саайты дьон ааҕаллар да эбит диэн«, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр Тускул.
Кырдьык, ааспыт өрөбүллэргэ улаханнык тымныйан, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл ыалдьыттара: «Хайдах маннык тымныыны тулуйан олороҕутуй?» — диэн улаханнык чаҕыйан барбыттара. Онон Тускул билгэтэ аны да дьон интэриэһин тардыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Анатолий Попов түһэриитэ.