Бу күннэргэ үгүс киһи халлаан сылыйарын кэтэһэр, Саҥа дьылга хайдах күн буолар диэн долгуйар.
Оттон бу нэдиэлэни норуот синоптига Тускул туох диэн билгэлиирий?
— Соһуйумаҥ. Ахсынньы 24-28 күннэригэр Саха сирин үрдүнэн улахан тымныы түһээри турар.
Түүнүн -50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, күнүс 47-48 кыраадыс буолуоҕа. Ордук күүстээх тымныы ахсынньы 25-28 күннэригэр түһүөҕэ. Түүн киин улуустарга -50 кыраадыска тиийиэҕэ. Күнүс -48-47 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Улахан тымныы Арҕаа уонна Бүлүү эҥэр улуустарга ахсынньы 26 күнүттэн саҕаланыа. Манна -48 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Тымныы полюһугар — Өймөкөөҥҥө, эмиэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар курдук, ахсынньы 25 күнүттэн түүн -52 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Күнүс 45-48 кыраадыска тиийиэҕэ. Дьааҥыга ахсынньы саҥатыгар -50 кыраадыһы “биэрэ” турбут буоллаҕына, бу нэдиэлэҕэ тымныы намырыыһы: -45-48 кыраадыс тымныы (бу кэмҥэ киин улуустарга -50 кыраадыска тиийэрин санааҥ). Халыма-Индигиир арктическай улуустарыгар эмиэ улахан тымныы түһэ илик. Өскө ахсынньы 26 күнүгэр улуус аайы тымныйар буоллаҕына, бу эҥэр арктическай салгын охсон, түүҥҥү өттүгэр ахсынньы ортотугар күнүс 35-33 кыраадыс тымныы, түүн 33-36 кыраадыс буолуоҕа. Булуҥ улууһугар ахсынньы ортотугар киин уонна арҕаа улуустарга курдук тымныынан аҥылыйар охсуу суох. Түүн манна -30, күнүс -28 кыраадыс буолуоҕа, — диэн норуот синоптига сэрэттэ.
Дьэ, онон өйүүҥҥүттэн улахан тымныыга бэлэмнэниҥ, сылаастык таҥныҥ. Оттон Саҥа дьыл түүн халлаан туруга хайдах буолуой? Быйылгы кыһыммыт тымныы дуу, ичигэс дуу? Бу ыйытыктарга хоруйу ахсынньы 26 күнүгэр тахсар «Саха сирэ» халыҥ хаһыат Саҥа Дьыллааҕы нүөмэригэр Тускулу кытта кэпсэтииттэн ааҕан билиэххит. Бу интервьютугар Тускул киһини соһутар сонуна үгүс.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru