Тускул сэрэтэр: «Бээтинсэттэн ыла дьиэҕититтэн ыраатымаҥ!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ сотору-сотору улахан тыал түһэр буолла. Сылыйан испит халлаан эмиэ тымныйан эрэр.

edersaas.ru

Халлаан тоҕо маннык  уларыйбытын туһунан норуот синоптига Тускул араадьыйаҕа маннык быһаарда:

Быйыл хахсык саас буолла. Онон муус устарга сылыйа-сылыйа тымныйыаҕа. Бу күннэргэ ичигэс халлааннаах  Бүлүү эҥээр улуустарга тымныйда: күнүс — 10, түүнүн — 24 кыраадыс тымныы. Өлүөхүмэ улууһугар эмиэ тымныы — түүн 17 кыраадыс тымныы. 
Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга күнүс 13-14,  түүн —34-36 кыраадыс тымныы. Муома, Абый эҥээр түүн эмиэ отуттан тахса кыраадыс тымныы. Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар —  түүн -27-32, күнүс — 20-18 кыраадыс тымныы. Тымныы күн-дьыл Аллайыахаҕа турар: түүн — 31-34, күнүс — 24-22 кыраадыс тымныы. 

Кэлэр нэдиэлэҕэ, муус устар саҥатыгар, киин улуустарга күнүс -5, түүн — 15 кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ. 

Сарсыҥҥыттан  Бүлүү эҥээр улуустарга сөкүүндэҕэ 12-14 м түргэннээх күүстээх тыал түһүөҕэ. Тыал күүһүрэр кэмигэр 15-18 м түргэннээх буолуоҕа. Бүлүү эҥээр улуустарыттан саҕаламмыт тыал Эдьигээнинэн Кэбээйигэ тиийэ кэлиэҕэ. Тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 18-17 м буолуон сөп. Бу олус күүстээх тыал. Чэппиэргэ саҕаламмыт күүстээх тыал бээтинсэҕэ Горнай улууһугар биллиэҕэ. Онтон Намынан киин улуустарга уонна киин куоракка биллиэҕэ. Онон бээтинсэттэн саҕалаан бэнидиэнньиккэ диэри туох да киирбэт-тахсыбат күүстээх тыала түһүөҕэ. Бээтинсэҕэ Дьокуускайга тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 18-19 м түргэннээх буолуоҕа. Ол эрээри күүстээх тыал субуота күн «өрөтөн» баран, өрөбүл күн 14-15 м түргэннээх тыал илин эҥээр улуустары эмиэ хабыаҕа. 

Ордук «Лена» федеральнай трассанан айаннааһын кутталланыаҕа. Алдан уонна Нерюнгри туһаайыынан оптуорунньукка диэри тибии түһүөҕэ. Тибии типпит суолунан айанныыр кутталлаах.  Онон бу өрөбүллэргэ ыраах айанныыртан туттунуҥ. Балыксыттарга ордук сэрэхтээх буолсу. Тибии типтэҕинэ массыына иннинэн да кэннинэн барбат буолан хаалар. Туох да көмө массыыната абыраабат. Синоптиктар бэлиэтиллэринэн, сөкүүндэҕэ 16 м түргэннээх тыал киһи олоҕор кутталлааҕынан биллэр. Оттон бээтинсэттэн ыла түһэр күүстээх тыал 16-17 м түргэннээх. Бу өрөбүллэргэ дьиэҕититтэн ырааппат гына былааннаныҥ, — диэн сүбэлиир Тускул.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, Иркутскай уобалаһыттан иһэр итии салгын хотуттан кэлбит тымныы салгыны кытта алтыспытын түмүгэр күүстээх тыал иһэр эбит. Онон сарсын Бүлүү улуус эҥэрдэригэр олорор дьон күүстээх тыалтан сэрэниҥ. Бээтинсэттэн ыла киин улуустарга олорооччулар 16-17 м түргэннээх тыалтан сэрэхэчийэр кэммит үүнэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска:  интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0