ТУСКУЛ: “Сарсын Дьыл оҕуһун иккис муоһа тостор”

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ: “Кыһыммыт арахсыан баҕарбат, дьыбара сүрдээх. Хаһан Оҕуспут иккис муоһа тостор?” – диэн халлаан туругун ырытааччы үгүс.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу күннэргэ Тускулу анаан көрсөн, күн-дьыл туругун туһунан  кэпсэттим.

— Олунньуга тымныйыа диэбитиҥ туолла…

— Дьыл Оҕуһун иккис муоһа сарсын, олунньу 24 күнүгэр, тостор. Онтон ыла улахан тымныы түспэт. Быйыл кыһын эмиэ сылаас буолла. Ол курдук, ахсынньыга, тохсунньуга  улаханнык тымныйбата, саас кулун тутар аҥарыгар диэри түүнүн балайда тымныйыа. Онон тымныытын тэннээн биэриэ дии саныыбын. “Кыһын сылаас буоллаҕына, сайын сөрүүн буолар”, — диэн этэллэрин былырыыҥҥы сайын көрдөрөн турар.

“Саха киһитэ — көхсүттэн тэһииннээх «Күн оҕото» уонна Ыйтан ыйаахтаах «Ый оҕото» — диэн мээнэҕэ этиэхтэрэ дуо? Сиргэ күн-дьыл уларыйыыта күҥҥэ тахсар эстиилэртэн улахан тутулуктаах. Быйылгы дьылы урукку сыллары кытта тэҥниир буоллахха, 1922, 1953 сылларга тэҥнэһэр. Онон сиргэ күн-дьыл эргийэн кэлэ турар уонна бэйэтэ анал түһүмэхтэринэн хатыланар.

— Саас кэлиитин дьон эрдэлиир дуу, хойутуур дуу диэн кэтэһэр.

— Муус устар ый ортотуттан лаппа ириэрэн барыаҕа, бу ый бүтүүтэ хаар барыаҕа. Ыам ыйа сылаас соҕус ый буолуоҕа. Сир-дойду Кыайыы күнүгэр диэри хаартан босхолонуоҕа, ый 15 күнүттэн 20 кыраадыстаах сайыҥҥылыы күн туруоҕа.

— Сайыны былырыыҥҥы курдук тымныы буолуоҕа диэн эппитиҥ дии?

Бэс ыйын саҕаланыыта сөрүүн соҕус буолуо, онон киин улуустар андыһыттарыгар соччото суох сөрүүн күннэр туруохтара. Оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ бэс ыйын ортотугар хаһыҥ түһүөн сөп. Онон хортуоппуйу наһаа эрдэ олордор наадата суох. Бэс ыйын саҥатыгар да олортоххо, бу хаһыҥы аһарыан сөп.

— Саха киһитэ ыһыаҕы анаан кэтэһэр. Ити кэмҥэ халлаан туруга хайдах буолуой?

— Быйылгы ыһыахпыт күнүһүн сайыҥҥылыы күн туруо гынан баран, түүнүн лаппа тымныйар — 5-7 эрэ кыраадыс буолар. Онон халыҥнык таҥнан сылдьар ордук буолуо. Былырыыҥҥы ыһыах хайдах этэй, бука, умнубатаххыт буолуо. Оннук күн туруоҕа. Уопсайынан, бэс ыйа сөрүүн буолуо, түүн эмискэ тымныйыаҕа. Бэс ыйыгар 10, 20 уонна 25 күннэригэр ардахтаах буолуо. Орто соҕус ардахтаах сайын буолуо, кэмиттэн кэмигэр күүстээх ардах түһүөн сеп.

Окко от ыйын ортотугар киирэр ордук буолуо. Атырдьах ый ортотугар дылы үчүгэй күннэр тураллар. Хойутаабыт дьон оттон мэлийиэхтэрин сеп, атырдьах ыйын бүтэһигиттэн ыла тымныйан барыа.

Сайыҥҥы ыйдары, дьыл кэмэ чугаһаатаҕына чуолкайдык билиһиннэриэм, билигин саба барыллаан билгэлээтим.

Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0