Тускул: «Саас быйыл эрдэлиэҕэ»

Бөлөххө киир:

2021 сыл — Таҥха Хаан сыла, муус устар — Айыыһыт Хотун ыйа. Норуот синоптига Тускул үүнэр муус устар ыйы маннык анаарда:

— Кулун тутар ый быйыл, урукку сылларга тэҥнээтэххэ, биллэ тымныйда. Ааспыт сылларга кулун тутар 23-24 күннэригэр биллэ сылыйан, оннооҕор киин, Бүлүү, Өлүөхүмэ улуустарыгар ардаабыта. Онон быйыл саас нэдиэлэ курдук хойутаан иһэр. Кулун тутарга муус устар ыйы билгэлииллэр. Ол курдук, кулун тутар 21 күнүгэр — Күн уонна түүн тэҥнэһиитигэр түүн олус тымныы -38С кыраадыс этэ, күнүһүн -5С, кыратык хаардаабыта. Онон муус устар ый хайдах эрэ тымныы ый буолсу диэн билгэлиэххэ сөп. Муус устар 7 күнүгэр — Былаҕачыанайап Таҥара. Сахалар саамай билгэлиир кэтэһэр таҥаралара. Бу күн хайдах күн буолар да, саас оннук буолар.

Муус устар түүнҥү өттүгэр ый ортотугар диэри күүскэ тоҥорор, күнүскү өттүгэр ириэрэр. Үүнэр ый 15 күнүттэн күнүскү өттүгэр лаппа ириэриэ, ол гынан түүнүн тоҥоруо. Муус устар 20 күнүн кэнниттэн дьэ үчүгэйдик сааскы ириэһин саҕаланыа. Саас быйыл эрдэлиэҕэ. Муус устар 25 күнүттэн киин уонна Бүлүү эҥэр улуустарга эмискэ улахан ириэрии буолан, хаар лаппа эрдэ барыаҕа. Ыам ыйын саҥатыгар сир харарыаҕа.

Саха киһитэ “көхсүттэн тэһииннээх күн оҕото” уонна “ыйтан ыйаахтаах ый оҕото” диэн мээнэҕэ эппэт.

Күн сиргэ дьайыыта олус улахан. Күҥҥэ тахсар эстиилэртэн сиргэ баар тыынар тыыннаах улахан тутулуктаах. Быйылгы дьылы, урукку сыллары кытта тэҥниир буоллахха, күн эстиитэ муҥутаан улааппыт сыла буолар. Онон куһаҕан күннэр бэрт элбэх. Кураан дьыл бу маны кытта ыкса ситимнээх, онон сайын — улахан кураан. Куттала диэн уот туруута элбиэҕэ, онно эрдэттэн сэрэнэн бэлэмнээх буолуохха наада. Күн эстиитэ улаатар кэмэ саҕаланна. Бу сыллар аҥардас айылҕаҕа эрэ буолбакка, экэниэмикэҕэ, бэлиитикэҕэ охсуулаахтар. Онон 2021-2023 сылларга бу эйгэҕэ улахан хамсааһыннар, уларыйыылар буолуохтарын сөп.

Ый сиргэ дьайыыта күүһүрүөҕэ. Ый сиргэ буолар уларыйыылары барыларын «дьаһайа» турар. Оннооҕор улуу байҕаллары үөһээ-аллараа ытыйталыыр, тыынар тыыннаах барыта ыйтан олус тутулуктаах. Ыйы куруук кэтээн көрө сырыттахха, сиргэ буолар уларыйыылары киһи эрдэттэн сабаҕалыан сөп.

Ый халандаара ордук оҕуруотчуттарга туһалаах. Наһаа сөп түбэһэр, тус бэйэбинэн дакаастаабытым. Былыр былыргыттан өбүгэлэрбит Ыйы «сир быстыспат аргыһа» диэн ааттыыллара. Онон бурдуктарын ыһаллара, булка-алка бараллара, балыктыыллара, киһи доруобуйата мөлтүүрэ — барыта Ыйы кытта быстыспат сибээстээҕин билэллэрэ. Ый халандаара хас дьиэ аайы ыйанан туруохтаах.

Саха эр киһитигэр сааскы кус кэлиитэ — саамай кэтэһиилээх күүтүүлээх күндү кэм. Быйыл туллуктар эрдэ кэллилэр, моҕотой эрдэ уһуктан хороонуттан быгыалаата. Оннооҕор кулун тутар 27 күнүгэр чиибис кэлбитин илэ харахпынан көрөн соһуйдум. Онон сылыктаатахха, дьылын батыһан, кус эрдэ кэлэн, хоту ааһара сабаҕаланар. Үрдүкү салалта үгүс булчут санаатын учуоттаан, көҥүлү сыл аайы биир кэмҥэ буолбакка, айылҕа хаамыытынан көрөн көҥүллүүрэ ордук дии саныыбын. Булчуттар баҕа санааларын түүллэригэр эрэ көрөллөр. Онон кус ааһыан иннинэ булт көҥүлэ биллэриллэрэ буоллар, бу быйылгы сандал саас кэрэ бэлэҕинэн буолуо этэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — yakutiaphoto.com саайтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0