Тускул: «Сөрүүн сайын буолуоҕа»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл хатааһын саас буолан, муус устарга бары улуустарга тымныы күн-дьыл турда.

edersaas.ru

Тускул бу туһунан туох санаалааҕый?

Муус устар 21 күнүгэр күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс буолар диэн этэ даҕаны, бу күн Дьокуускайга уонна киин улуустарга былыттаах күн турбута. Онон быйыл сөрүүн сайын буолуоҕа, — диэн санаатын үллэстэр Тускул. 

Салгыы кини ыам ыйын бу курдук билгэлиир:

Муус устар 28 күнүттэн  дьэ ириэриэ. Ыам ыйын 10 күнүттэн күнүскү өттүгэр +15+18С кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Ыам ыйын 16 күнүттэн халлаан сайыҥҥылыы +18+20 кыраадыс буолуоҕа.

Өрүс эстиитэ биир нэдиэлэнэн эрдэлиэҕэ. Өлүөнэни туоруур паром ыам ыйын 20 күнүттэн үлэтин саҕалыаҕа. Ыам ыйын 22 күнүн — сааскы Ньукуолуну ардахтаах көрсүүһүбүт, онон уйгулаах сайын буолсу.

Муус устар ый 20 күнүттэн муус устар ый 27 күнүгэр диэри ЫЙ ЭРГЭРЭР  (ҮҺҮС   ЧИЭППЭРЭ)

  • Ый туолуутуттан бүтэһик төрдүс чиэппэригэр киирэр кэмэ.
  • Ый Күҥҥэ чугаһыырынан сырдыга аҕыйаан иһэр.
  • Бу кэмҥэ йоганан дьарыктаныахха сөп.
  • Эппэрээсийэ оҥоһулларыгар табыгастаах кэм.
  • Эт-хаан өттүнэн күүс киирэр кэмэ.
  • Эрдэттэн былааннаммыт улахан дьыаны олоххо киллэрэргэ саамай табыгастаах кэм.

Дьэ, онон орто уулаах үчүгэй саас иһэр. Санааҕытын түһэримэҥ, сандал сааһы уруйдуу-айхаллыы көрсүҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0