Тускул: «Өрөбүлтэн — хаар, ардах»

Ааптар: 
04.04.2020
Бөлөххө киир:

Быйылгы сааһы норуот синоптига Тускул «эрдэлээн кэллэ» диэн билгэлиир.

edersaas.ru


Билгэһит бэлиэтииринэн, былырыын баччаларга -7 кыраадыс буоллаҕына, бу күннэргэ үгүс улууска күнүс -5, түүн -10 кыраадыс тымныы. Кэлэр нэдиэлэҕэ хайдах күн-дьыл буоларын туһунан  Тускул бу курдук кэпсиир:

Бүлүү эҥэр улуустарга  өрөбүл күннэргэ  күнүс +3 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Муус устар 5-9 күннэригэр бу эҥэр хаардаах ардах түһүөҕэ. Өлүөхүмэ улууһугар өрөбүллэргэ күнүс +5 кыраадыс сылаас буолуоҕа. Эмиэ хаар уонна ардах. Кэбээйигэ уонна Эдьигээҥҥэ өрөбүлтэн ыла эмиэ сылыйыаҕа. Бу эҥэргэ муус устар 6-9 күннэригэр — хаардаах. Анаабырга муус устар 5 күнүттэн сылыйыаҕа. Эмиэ хаардаах. Тиксиигэ күнүс -10 кыраадыс. Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө билигин  күнүс -10, түүн -20 кыраадыс эбит буоллаҕына,  муус устар 9-10 күннэриттэн -4 уонна -5 кыраадыс сылыйыаҕа. Хаардаах. Дьааҥыга муус устар 6-8 күннэригэр эмиэ биллэ сылыйыаҕа. 

… Быйыл кулун тутар ортотугар ардаабыт буолан, ардах түһэригэр аны соһуйбаппыт. Кэлэр нэдиэлэ хаардаах уонна ардахтаах буолара күүтүллэр. Хаардаах кэмҥэ араас дьаҥ өссө элбиир дииллэр. Онон дьиэттэн тахсыбакка олорор эрэсиим туһалаах да курдук.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0