Тускул: «Кыстык хаар Бокуруопка түһүөҕэ»

Ааптар: 
03.10.2018
Бөлөххө киир:

Интернет ситимигэр Тускул алтынньы 1 -14 күннэринээҕи күн-дьыл туругун  үөрэтэн баран, маннык «тойонноото».

edersaas.ru

КИИН УЛУУСТАР. Бу нэдиэлэ бүтүөр диэри күнүс 4-5 кыраадыс сылаас, түүн 3-5 кыраадыс тымныйар. Кэлэр нэдиэлэҕэ эмиэ күнүс сылаас, түүн  тымныйар. Улахан сөҥүү суох. Кыстык хаар Бокуруоптан — алтынньы 14 күнүттэн  түһүөҕэ.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР. Бу нэдиэлэҕэ күнүс 5-7 кыраадыс сылаас, түүн 2-3 кыраадыс тымныы. Кэлэр нэдиэлэҕэ күнүһэ-түүнэ сылаас буолсу. Хаар 13-14 чыыһылаларга түһүөҕэ.

ӨЙМӨКӨӨН. Бу нэдиэлэҕэ күнүс 2-3 кыраадыс, түүн — 7-10 кыраадыс тымныы. Кыра хаардаах. Кэлэр нэдиэлэҕэ күнүс 8-12 кыраадыс, түүн  -14-17 кыраадыска тиийэ тымныйыыһы.  Кыстык хаар алтынньы 14-15 күннэригэр түһэрэ сабаҕаланар.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ. Бу нэдиэлэ бүтэһигэр түүн -8-10 кыраадыс, күнүс -3-4 кыраадыс буолууһу. Кэлэр нэдиэлэҕэ күнүс +2+3 кыраадыс сылыйыыһы, түүн  -4-5 кыраадыс тымныйыыһы.

Онон өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар барытыгар чысхаан тымныылаах кыһын Бокуруоп Таҥара кэнниттэн саҕаланыаҕа. Дьогдьоот күһүн буолла. Ол оннугар кэлэр сылга саас уһун уонна тымныы буолсу.

Алтынньы — улуу Хотой Айыы ыйа 

Алтынньыга кыһын саҕаланар. Бу кэмнэ улуу добдурҕа буолар: сир тоҥор, хаар чараас буолан, барыы-кэлии элбиир.

Алтынньы 14 күнэ — Бокуруоп Таҥара күнэ. Бу кэмтэн кыстык хонук ааҕыллан барар — сааскы Ньукуолуҥҥа диэри 220 хонук баар. Ирбэт хаар түһэр. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Алтынньыга кыһыны уонна кэлэр сааһы билгэлииллэр. Алтынньы 14 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр диэри кэмнэри атахтаһыннараллар: сайын уонна  кыһын өттө диэн. Сайын  кыһын өттүн батыһар.

ЭРГЭ   ЫЙ   (ТӨРДҮС   ЧИЭППЭРЭ

Ый Күҥҥэ ордук чугаһаабыт кэмэ. Сири кытта Ый тардыһыыта мөлтүүр.  Ол түмүгэр киһи ыйааһына чэпчээбит курдук буолар. Хаан баттааһына намтыыр, киһи этин-хаанын утарсар ис күүһэ мөлтүүр. Ол түмүгэр киһи кыыһырымтаҕай, «тырыта бара сылдьар» буолар.

Алтынньы саҥатыгар тугу гыныахха сөбүй:

  •  дьарҕа буолбут ыарыыны эмтэниэххэ сөп
  • Искин-үөскун ыраастаныы (ордук суон оһоҕу)
  • аччыктааһын: аҥардас ыраас эрэ уу
  • сүһүөҕү эмтэнэргэ табыгастаах кэм
  • мунньуллубут тууһу эккититтэн хааннытыттан таьаары
  • ханнык баҕарар эпэрээсийэни, тииһи туурдарарга табыгастаах кэ
  • тымныы уунан куттан чэбдигирэргэ табыгастаах кэм;
  • ордук күүстээх паарга сылдьан, этиҥ сааһын ыраастаныы туһалаах.

Бу кэмҥэ бобуллар:

—  күүскэ эккин-хааҥҥын ноҕуруускалыырыҥ.

— күннээҕи режимҥин тутуһан сырыт.

Тыынар тыыннаах барыта ый тахсар-киирэр түһүмэхтэриттэн ордук тутулуктаах. Ону сатаан таба туһаннахха, доруобуйаны тупсарыахха сөп.

Алтынньы билгэтэ

Көтөҕө түспэтэҕинэ саас эрдэ хараарар. Ол аата — кураан битэ. Күһүнэ дьогдьооттоох буоллаҕына, саас хойутуур. Күһүҥҥү тибиини кураан битэ дииллэр. Биир ардахтаах, сири силимниир ардах, биир хаардаах: үөн хаара (бастакы сыарҕа хаара).

 

Алтынньы 9 күнэ —  саҥа Ый «төрүүр» күнэ.  Алтынньы 4 күнэ — куһаҕан айылгылаах күн: айанныыртан туттунуҥ, араас суолталаах  кэпсэтиини ыытымаҥ.

Бу курдук Тускул кэлэр нэдиэлэтээҕи күнү-дьылы уонна саҥа үүммүт алтынньы ыйы  билгэлээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ», edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0