Тускул: «Кэлэр өрөбүлтэн бары улуустарга — хаардаах ардах»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ балаҕан ыйа ортолоон, күн дьайыыта мөлтөөн, киһи уута аҕыйыыр, доруобуйата мөлтүүр кэмэ.

Кэлэр 10 хонугу норуот синоптига Тускул бүгүн анаан билгэлээтэ:

Бу күннэргэ ньиэрбэ үлэтин ноҕоруускалыыр табыллыбат, эпэрээсийэ  көҥүллэммэт, баас-үүс оспот, хаан барыыта тохтообот. Бу кэмҥэ массаастанар ордук, успуордунан дьарыктаныахха наада. Баанньыкка уонна саунаҕа сылдьан, ыраастаныы туһалаах буолуоҕа. Бу күннэргэ харах, күөмэй, сис тоноҕоһо түргэнник эмкэ бэринэр кэмнэрэ. 

Кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар балаҕан ыйын 13 күнүгэр — бары барыта табыллар дьикти күнэ. Онон ыраах айанныырга, саҥа дьыаланы тэринэргэ, кэпсэтиини ыытарга саамай табыгастаах буолан, бу күнү мүччү куоттарымаҥ. Ороскуоккутун уонна дохуоккутун ааҕар бэртээхэй күҥҥүт.  Балыксыттар балаҕан ыйын 11-12 күннэригэр табыллар күннэрэ — бу кэмҥэ балык олус үчүгэйдик тутар. 

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри хайдах күн-дьыл туруой? Киин улуустарга кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар сылаас күн-дьыл турар. Ол курдук, күнүс 10 кыраадыс, күнүс 20-чэ кыраадыс сылаас. Ол эрээри нэдиэлэ бүтүүтэ биллэ сөрүүкүөҕэ: түүн  5, күнүс 15 кыраадыс сылаас. 20  чыыһылаттан күһүн кэлбитин улаханнык биллэриэҕэ. Ол курдук, улахан хаһыҥнар түһэн, 17-18 чыыһылаттан хаар-ардах бөҕө кэлэр. 19 чыыһылаттан — өрөбүлтэн киин улуустарга хаардаах ардах кэлээри турар. Онон үлэни-хамнаһы балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри үмүрүтэн, ситэрэн-хоторон бүтэриҥ. 

Бүлүү бөлөх улуустарга кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар эмиэ халлаан туруга күннээх, чаҕылхай. Ол эрээри нэдиэлэ түмүгэр 18-19 чыыһылаларга тымныйыаҕа. 

Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарын эҥэр  кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар эмиэ сылаас күннэр эрээри, бу улуустар олохтоохторо,  17 чыыһылаттан онно хаардаах ардаҕы күүтүҥ.  

Кэбээйи уонна Эдьигээн эҥэр ардах сэрэдэттэн саҕаланыаҕа. Субуота күн ардах күүһүрүөҕэ. Онтон ыла күнүс 5 кыраадыстан ордук итийиэ суоҕа. 

Тымныы полюһунан биллэр Өймөкөөн оройуона, Саха сирин үрдүнэн төһө да сайыҥҥылыы сылаас күннэр турдаллар, бу да кэмҥэ бу улуус бэйэтин тымныытын бигэргэтэ турар. Бу күннэргэ түүн 5 кыраадыс, күнүс 15 кыраадыс сылаас. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу саамай сөрүүн халлаан туруга. Балаҕан ыйын 20-22 күннэригэр манна хойуу хаар түһэрэ сабаҕаланар.

Дьааҥыга бу күннэргэ сылаас күннэр тураллар, түүн 8 кыраадыс, күнүс 16 кыраадыс сылаас. 20 чыыһылыттан манна тымныйыаҕа. Ардаҕа суох. 

Халыма-Индигир улуустарыгар сылаас күн-дыл — түүн 7-8 кыраадыс сылаас. Күнүс — 15 кыраадыс сылаас. 20 чыыһылаттан манна эмиэ күүстээх хаар түһүөҕэ.

Өлөөҥҥө кэлэр нэдиэлэ бүтүүтүгэр улаханнык тымныйыаҕа. Чэппиэртэн ыла манна — хаардаах ардах. Балаҕан ыйын 13-18 күннэригэр Тиксиигэ тохтоло суох ардах . 

Дьэ, онон кэлэр нэдиэлэ бүтүүтэ Дьахтар сайына түмүктэнэн, күһүн баарын биллэрэн, сыыйа тоҥорууга тиэрдиэҕэ. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

Хаартыска — СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0