Атырдьах ыйын саҥатыгар биир нэдиэлэ устата оттуурга, сир астыырга анаан кураан кэлиэҕэ.
edresaas.ru
Бу туһунан күнү-дьылы билгэлиир Тускул иһитиннэрдэ. Дьэ, онон бу өрөбүлтэн кэлэр өрөбүлгэ диэри хайдах күн-дьыл туруой?
— Атырдьах ыйын саҥатыгар нэдиэлэ кэриҥэ ардаҕа суох сылаас күннэри Таҥара анаан бэлэхтиэҕэ. Онон кэлэр нэдиэлэҕэ отчуттар уонна сир астааччылар түһүнэн кэбиһиҥ. Ол эбэтэр кэлэр нэдиэлэ сылы аһатыаҕа. Онтон атын күннэргэ эмиэ ардах буолуо.
Киин улуустар
Бу өрөбүл күннэргэ киин улуустарга — ардах. Күнүс +20-25, түүн +12-13 кыраадыс сылаас. Кэлэр нэдиэлэҕэ — этиҥнээх ардах. Күнүс +25, түүн +15 кыраадыс. Кураан атырдьах ыйын 1 — 4 күннэригэр туруоҕа.
Бүлүү бөлөх улуустар
От ыйын 30 күнүттэн биллэ сылыйан барыаҕа. Күнүс +25-27, түүн +14-16 кыраадыс буолуоҕа. Кэлэр нэдиэлэҕэ кураан күннэр тураллар. Улахан ардах суох. Онон оттуурга, сир астыырга биир эрэ нэдиэлэ бэриллэр күнү-дьылы тутуһан хаалыҥ. Онтон эмиэ — ардах.
Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри оройуоннара
Соҕуруу улуустарга температура күнүс +20-25, түүн +12-13 кыраадыс сылаас. Бэнидиэнньиктэн саҕалаан субуотаҕа диэри — кураан күн. Онон бу кэми эмиэ туһанан хааларгытыгар сүбэлиибин.
Кэбээйи, Эдьигээн улуустара
Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ ардахтаах, онтон бэнидиэнньиктэн саҕалаан өрөбүлгэ тиийэ Ийэ-айылҕа эмиэ биир нэдиэлэни оттуурга уонна сир астыырга анаан биэрэр. Мантан ыла маннык сылаас сайыҥҥы күннэр туруохтара суоҕа. Онон кэлэр нэдиэлэ сылы аһатарын умнумаҥ.
Өймөкөөн улууһа
Бу күннэргэ күннэтэ ардыы турбут халлаан көнөн барар. Атырдьах ыйын үс бастакы күнүгэр биллэ куйааран барыаҕа эрээри, бу кэм наһаа уһаабат. Атырдьах ыйын 4 күнүттэн эмиэ ардаабытынан барыаҕа. Күнүскү температура +25-27 кыраадыс, түүнүн +13-15 кыраадыс буолуоҕа. Онон, Тымныы полюһун олохтоохторо, Таҥара анаабыт күннэрин эмиэ мүччү тутумаҥ.
Дьааҥы эҥэр улуустар
Бу күннэргэ манна температура күнүс +18-20, түүн + 8-10 кыраадыс буолуоҕа. Онтон атырдьах ыйын 1 күнүттэн 6 күнүгэр диэри куйаас түһүөҕэ. Бу күннэргэ ардах суох, кураан күннэр тураллар.
Абый, Муома, Халыма улуустара
Бу эҥэр халлаан биллэ сөрүүкүөҕэ. Күнүс +18-20 кыраадыс, түүн +12-10 кыраадыс буолуоҕа. Атырдьах ыйын 1 күнүттэн 8 күннэригэр диэри кураан күннэр туруохтара. Халлаан +25-27 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа.
Өлөөн улууһа
Өлөөҥҥө бу күннэргэ күнүс +15-18 кыраадыс, түүн +8-10 кыраадыс сөрүүн. Манна улахан ардах суох.
Тиксии, Анаабыр улуустара
Күнүс +9-10 кыраадыс. Сэрэдэттэн саҕалаан былыттаах, ардахтаах күннэр туруохтара, — диэн Тускул бу өрөбүллэртэн саҕалаан атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри туруохтаах күнү-дьылы билиһиннэрдэ. Ол эбэтэр сөрүүн күн-дьыл саҕаланыан иннинэ, Ийэ-айылҕа кэлэр нэдиэлэҕэ сылаас кураан күннэри бэлэхтиэҕэ. Онно, доҕоттор, оту кыайа тутуҥ, сир аһыттан хото хаһааныҥ!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интернеттэн.