«Саас хойуутаата. Хаһан бүтэр тыалый? Хаһан сылыйан, хаар уулларый?» — билигин киһи үксэ дьиэттэн таһырдьа тахсаат, санаата уонна толкуйа бу ыйытыктарга иэҕиллэ турар.
edersaas.ru
Бу нэдиэлэ саҥатыгар Саха араадьыйатын биэриитигэр истээччилэр: «Хаар хаһан ууллар? Быйылгы сайын хайдах буолуой?» — диэн ыйытыыларынан норуот билгэһитэ Тускулу «көмөн» кэбистилэр. Ол биэрииттэн истээччилэр ыйытыыларыгар Тускул эппиэтин түһүмэхтэргэ арааран билиһиннэриим.
Хаар хаһан ууллуой?
— Кулун тутар 20 күнүгэр «Бэлиэтээһин күн» диэн баар. Бу күн хайдах күн буолар да, 40 хонук устата (ыам ыйын 1 күнүгэр дылы) оннук күн дьыл туруоҕа. Ол күн сарсыарда тымныы баҕайы этэ, күнүс сылыйан иһэн, эбиэттэн киэһэ тыалырбытынан барбыта. Онон муус устар тыаллаах, хаҕыс буолуо — ириэрэ-ириэрэ тоҥоруоҕа. Хаар муус устар 20 күнүн кэнниттэн эрэ ууллуоҕа. Күнүскү кыраадыс түүҥҥү кыраадыһы кыайар эрэ буоллаҕына уулларыы буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ ол кыаллыбакка турар. Балайда хаар түстэ эрээри, былырыҥҥытын баттаҕына, тыалынан хаары көтүтэн кэбиһэр чинчилээх. Урукку сылларга муус устар саҥатыгар чалбах буолар этэ. Быйыл күүстээх тыал түһэн, хаардаан, сааһы хойутатта. Бу күннэргэ, төттөрүтүн, хоту улуустарга биллэ сылыйда. Ити Магадаан уоблаһыттан итии циклон кэлэн, Халыма-Индигиир улуустарын уонна Дьааҥыны хаарыйда. Бүлүү эҥэр, соҕуруу уонна киин улуустарга тымныы күн-дьыл турар.
Халаан куттала суоһуур дуо?
— Быйыл муус устар тымныы буолан, улахан уу хаартан кэлиэ суоҕа. Былырыын эмискэ ириэрбитэ, ардаабыта. Бу ый бүтүүтүгэр Бүлүү эҥэр улуустарга ардаҕа элбэх. Онон арҕаа улуустарга ириэрии буолан, хаары «көтүтүөн» сөп. Онон улахан халаан буолуо суоҕа. «Хатаска муус халыҥ, халаан буолуо дуо?» — диэн ыйыталлар. Былырыыҥҥыттын хатылаатааҕына халаанныа суоҕа. Түүн тыалыран, хаары көтүтүөҕэ.
Хайдах сайын кэлиэҕэй?
— Быйыл сылаас сайын буолуоҕа. Бу тохсунньу уонна олунньу ыйдар олус тымныыларын кытта ыкса сибээстээх. Ол тымныы төттөрү дьайыаҕа — куйаас сайын буолуоҕа. Тохсунньу от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар дьайар. Бэс ыйа ахсынньыга сөп түбэһэр . Оттон ахсынньыга былыттаах күн-дьыл туран, тымныйбатаҕа. Ол эрээри ахсынньыга уонна тохсунньуга хаһан да тыалырбатаҕын тыалыра сылдьыбыта. Ол аата бэс ыйыгар уонна от ыйыгар хаһыҥныаҕа. Онон оҕуруотчуттар эмискэ түһэр хаһыҥнарга бэлэм буолуоххутун наада.
Күһүн хайдах буолуой?
— Бэртээхэй күһүнү күүтүҥ. Сир аһыгар өлгөм үүнүү тосхойуоҕа. Күһүнэ былырыыҥҥы курдук сылаас уонна уһун буолуоҕа.
Күн эстиитэ тугу кытта сибээстээҕий?
— Айылҕаны билгэһээни биир бэйэм күнү кытта ситимниибин. Бары да өйдүүргүт буолуо, 2009-2011 сыллар сайыннарыгар 38 кыраадыска тиийэ сылыйан, киһи тулуйбат куйаас күннэрэ буола сылдьыбыттара. Бу кэмҥэ күҥҥэ 178 эстии буола сылдьыбыта. Эстии буоллаҕына, күҥҥэ бээтинэ тахсар. Кураан оннук эрэ кэмҥэ буолар. Былырыын 8 бээтинэ баар буоллаҕына, быйыл 4 эрэ бээтинэ хаалбыт. 2020 сылга күҥҥэ олох да бээтинэ суох буолар чинчилээх. Ол аата күн эстиитэ тохтоон хаалар. Күҥҥэ эстии барбатаҕына, сиргэ куһаҕан дьайыылаах. Ультрафиолетовай сардаҥалары таһааран, үөһээ космос сардаҥаларын тутар, сиргэ киллэрбэт. Онон күн сардаҥалара геомагнитнай хонууну (поле) харыстыыллар. Ол суох буоллаҕына, космос көстүбэт сардаҥалара киириилэрэ элбиир.
Сир киинэ хамсаан эрэр дуо?
— Сир киинэ (ось) сыҕарыйан иһэрэ Саха сиригэр Таатта Ытык Күөлүн кыһыҥҥы температурата Өймөкөөнү кытта тэҥнэһэн эрэриттэн биллэр. Онон сыҕарыйыы баар. Урукку сылларга Таатта киин улуус быһыытынан кыһын улаханнык тымныйбат этэ. Билигин таатталар өймөкөөннөр тымныыларын кэтии олороллор: «Ол аата биһиэхэ эмиэ тымныйыыһы», — диэн. Бу Тымныы полюһа дэнэр хотугу оройуону кытта киин улууһу тэҥниирбит — мээнэҕэ буолбатах. Сир иҥнэри барыытыгар Тымныы полюһа Таатта улууһугар да «көһүөн» сөп курдук.
Хаар халыҥа хайдаҕый?
— Былырыын хаар халыҥа хайдах этэй да, быйыл эмиэ оннук. Ол курдук, былырыын Аллайыахаҕа хаар 1 м 50 см эбит буоллаҕына, быйыл — 1 м 20 см, Алдаҥҥа 1 м 28 см, Үөһээ Халымаҕа — 84 см, Ленскэйгэ — 94 см, Аллараа Халымаҕа — 91 см, Алаһыайга — 81 см, Өлүөхүмэҕэ — 68 см, киин улуустарга — 35-40 см.
Циклон тоҕо Бүлүү улуустартан кэлэрий?
— Салгын хамсааһына Красноярскайтан саҕаланар. Ол хамсааһын Саха сиригэр аан бастакынан Бүлүү эҥэр улуустарга дьайар. Тымныы уонна итии иклоннар онтон кэлэллэр.
Ардахтаах сайыны хайдах билгэлиэххэ сөбүй?
— Саамай сөптөөх билгэ — Ый Үргэли ааһыыта. Ол курдук, аннынан аастаҕына — үчүгэй сайын, ортотунан — ардахтаах сайын, үөһэнэн — уулаах дьыл. Ону кэтээҥ.
Хаһан сылыйарый?
— Бу нэдиэлэҕэ тымныы күннэр турдулар. Өрөбүллэргэ эмиэ тыаллаах, тымныы күннэр буолуохтара. Кэлэр нэдиэлэ оптуорунньугуттан сылыйбытынан барыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» edersaas.ru
Хаартыска — интернеттэн.