Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныйда. «Тоҕо саас маннык уһаата, сайын кэлэн испэтий? » диэн ыйытыылаах норуот синоптига Тускулга тахса сырыттым.
Онуоха кини маннык хоруйдаата: «Ааспыт нэдиэлэҕэ тымныы салгын Арктическай зонаттан кэллэ. Онуоха эбии соҕуруу Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар хаар түһэн, ол эҥэртэн тымныы салгын охсон, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар улаханнык тымныйда.
Киин улуустарга кэлэр нэдиэлэҕэ сылыйыаҕа. Ол курдук, ыам ыйын 31 күнүгэр түүн +10, күнүс +20-22 кыраадыс сылыйыаҕа. Ол эрээри, ол өр барыа суоҕа. Бэс ыйын 4-5 күннэригэр тымныйыаҕа. Түүн +5, күнүс +10-15 кыраадыс сылаас.
Бүлүү эҥэр ыам ыйын 31 күнүттэн сылыйыаҕа. Бэс ыйын 3-4 күннэриҥэр тымныйыаҕа. Бэс ыйын 5-6 күннэриттэн сылыйыаҕа. Күнүс +25 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа.
Хоту улуустарга билигин сөрүүн күн-дьыл турар. Өймөкөөҥҥө өрөбүллэргэ ардыаҕа.
Саамай сылаас күн-дьыл Дьааҥыга турар. Манна түүн +10 кыраадыс, күнүс +25-27 кыраадыс сылаас буолуоҕа.
Ыам ыйын 31 күнүттэн Халыма-Индигиир улуустарыгар Магадаан сабыдыалынан сылыйыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэс ыйын 7-8 күннэриттэн сылыйыаҕа. Быйыл кураан, куйаас сайын буолуоҕа».
Елена ПОТОЦКАЯ.