Тускул билгэтэ: «Саҥа дьыл аптаах түүнүгэр тымныйыа дуо?»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааһан эрэр сылы быһа норуот синоптига Тускул саха дьонугар үүт туманнаах кыһыҥҥы тымныы күннэртэн, сайын киһи тулуйбат сыралҕан куйааһыттан хайдах харыстанарга, оттооһун ыксаллаах сезонугар ардахтаах күннэри баттаһа үлэлииргэ төһөлөөх элбэхтик сүбэлээбитэ,  сэрэппитэ буолуой?

 edersaas.ru

Биллэн турар, ким эрэ кинини итэҕэйэр, ким эрэ – суох. Ол эрээри аттыбытыгар сылдьан, олох уустуктарыттан сэрэтэр киһи баарыгар эрэллээх курдук сананан буолуо, үгүс дьон Тускулга ис сүрэҕиттэн махтанара баар суол.

Дьэ, онон, доҕоттор, «Саҥа Дьылга — тохсунньу 1 күнэ үүнэр түүнүгэр хайдах күн-дьыл туруой?» — диэн бары таайа сылдьарбытын, Тускул бэйэтин билгэтинэн хайдах «тойоннууруй»?

  • КИИН УЛУУСТАРГА

Дьокуускай куоракка Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр –36С кыраадыс тымныы буолуоҕа.

Нам улууһугар  тохсунньу 1 күнэ үүнэр түүнүгэр -41С кыраадыс тымныы. Покровскайга -35С, Майаҕа, Чурапчыга, Тааттаҕа – 41С, Аммаҕа – 37С, Кэбээйигэ – 35С, Горнайга – 29С кыраадыс тымныы.

Кырдьык, бу күннэргэ туман түстэ, онон ылбычча сылыйа охсубата чахчы.

  • ХОТУГУЛУУ-ИЛИҤҤИ УЛУУСТАРГА

Уус Маайаҕа -37С, Томпоҕо -42С кыраадыс тымныы.

  • БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАРГА

Бүлүүгэ, Ньурбаҕа – 26С, Сунтаарга -20С кыраадыс тымныы.

  • СОҔУРУУ УЛУУСТАРГА

Алдаҥҥа, Нерюнгригэ – 22С, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ -22С кыраадыс тымныы.

  • ХОТУГУ УЛУУСТАРГА

Эдьигээҥҥэ -33С, Баатаҕай Алыыта -20С, Депутатскайга -36№С, Үөһээ Халымаҕа, -37С, Орто Халымаҕа -37С, Аллараа Халымаҕа -32С, Чокурдаахха -35С, Муомаҕа -38С, Абыйга -36С, Дьааҥыга -36С, Анаабырга -20С, Өлөөҥҥө -23С, Тиксиигэ -22 кыраадыс тымныы.

Тымныы полюһугар — Өймөкөөҥҥө, хаһан буоларын курдук, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан саамай тымныы: -44С кыраадыс.

Ый бүтэһик төрдүс чиэппэрэ тугу түстүүрүй?

Ахсынньы ый бүтэһик 29, 30, 31 күннэрэ Эргэ ыйга (ый үһүс чиэппэрэ) түбэстилэр. Төһө да «эргэтин» иһин, бу кэмҥэ ыраах айанныырга, саҥа дьыаланы саҕалыырга, улахан кэпсэтиини ыытарга табыгастаах кэм.

  • Киһи убаҕас эттиктэрэ ис өттүгэр түмсэр, онон куртах, оһоҕос ыарыылаахтар сэрэниҥ;
  • Эдэр ыал дьоҥҥо олоҕу салҕааччылар айыллалларыгар айылҕа анаан анаабыт кэмэ;
  • Йоганан дьарыктанар кэм;
  • Көрбүөччүлэргэ, илбийэн эмтээччилэргэ сылдьарга табыгастаах кэм;
  • Эппэрээссийэ оҥоһулларыгар табыгастаах кэм;
  • Эт-хаан өттүнэн күүс киирэр кэмэ;
  • Эрдэттэн былааннаммыт улахан дьыаланы олоххо киллэрэргэ саамай табыгастаах кэм;
  • Бу кэмҥэ ордук тымныы уунан куттуу туһалаах;
  • Массаж, кэмпириэс, түөннэнии туһаны аҕалар кэмэ.

Саҥа ый тохсунньу 7 күнүгэр “төрүөҕэ”. Тохсунньу 9 күнүгэр диэри Саха сиригэр арҕааттан циклон үтүрүйүллэн, сис былыт кэлиэҕэ. Онон тохсунньу саҥатыгар киин улуустарга: күнүс -30, түүн -31 кыраадыс тымныйыаҕа. Бүлүү бөлөх улуустарыгар -19-18, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ – 14-15. Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ – 28-29 кыраадыс, Дьааҥыга -30, Абыйга, Муомаҕа: 18-18, Өлөөҥҥө -10-20, Анаабырга – 17-18    кыраадыс тымныы. Саргылаах Саҥа дьыл түүн таһырдьа тахсан, кыһыҥҥы сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыыныҥ.

2019 сыл бастакы күнүгэр — тохсунньу 1 күнүгэр таптыыр, истиҥник саныыр дьоҥҥутун, оҕолоргутун кытта таһырдьа тахсан күүлэйдээҥ, Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥнарга үөрэ-көтө сынньаныҥ.

Онуоха Ийэ Айылҕабыт туран биэрэн, сис былыт кэлэн, ичигэс күннэри бэлэхтиэҕэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат edersaas.ru

Хаартыска — ахсынньытааҕы батсааптан уонна ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0