Тускул: «Бэс ыйын ортотуттан дьон куйаастан куотар сири көрдүөҕэ»
Сайыммыт күүтүүлээх кэмэ — бэс ыйа саҕаланна.
Норуот синоптига Тускул бэс ыйын бу курдук билгэлиир: «Улахан кураан куйаас сайын кэллэ. Бу 2011 сыллааҕы сайыҥҥа тэҥнэһиэҕэ. Дьон үксэ куйаастан куотар аатыгар барыаҕа. Ол бэс ыйын бастакы дэкээдэтиттэн +29+30 кыраадыс итииттэн биллиэҕэ. Онон үгүс улуустарга куйаас рекордара олохтонуохтара. Буоларын курдук, эмиэ айылҕа соһуччу дьайыылара буолуохтара. Ол курдук, эмискэ күүстээх тыал түһүөҕэ, холорук ытыйыаҕа. Бу барыта тымныы уонна итии салгын араастаһыытын кытта ыкса сибээстээх буолуоҕа. Ардаҕа суох этиҥ, чаҕылҕан тыа баһаарын күөнтүөҕэ. Сорох сиргэ тобурах түһэн, араас хорумньуну аҕалыаҕа. Ардах түһүүтэ да араастаах буолуоҕа. Эмискэ биэдэрэнэн кутар ардах, оҕуруоттаах дьоҥҥо биллэ туһалыаҕа. Онон уу ылар иһиттэрдэ хаһааныҥ.
Куйаас күннэргэ аһыҥа, клещ дэлэйиэҕэ. «Шелкопряд» диэн үөн бу сайын улахан хоромньуну аҕалыаҕа. Онон бэс ыйын ортотуттан саҕаланар куйаас күннэргэ түһэр күүстээх тыалтан, быстах ардахтан, кураанах этиҥтэн, чаҕылҕантан, холоруктан эрдэттэн сэрэхтээх буолуҥ. Дьиэҕит сабараанньатын, кырыыһатын бөҕөргөтүҥ, тыалга көтүөн сөптөөх малгытын-салгытын ыраах ууруҥ, чөкөтүҥ. Күүстээх тыал,-холорук үгүс хоромньуну аҕалбыттарын умнумаҥ. Ол барыта быйыл сайын хайаан да хатыланыаҕа«.
Сиһилии Тускул бэс ыйынааҕы билгэтин «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
Елена ПОТОЦКАЯ Саха сирэ хаһыат, edersaas. ru